ҮБҮ-ХАРЧЫНЫ УУРУНУУ ООННЬУУТА
Сыл 52 нэдиэлэлээх. Нэдиэдэлэри аттаран 52 кэрдиистээх таблица оҥоробут. Таблицабыт утары нэдиэлэ аайы 100 саҕалаан 5200 солкуобайга диэри 100-түү солкуобайынан үрдээн иһэр сууманы суруйабыт. Бастакы нэдиэлэ – 100 солкуобай, иккис нэдиэлэ – 200, үһүскэ – 300, сыл бүтэһик нэдиэлэтигэр – 5200 тахсар. Нэдиэлэ аайы бу сууманы харчы мунньар холбукаҕа угабыт, испииһэктэн сотобут. Өскөтүн, 37-с нэдиэлэҕэ 3700 солкуобайы кыайан укпат түгэҥҥэр, бэһис нэдиэлэ сууматын – 500 солкуобайы – ууруоххун сөп. Атыстаһыннаран угуу көҥүллэнэр. Ол эрэн биир сууманы төхтөрүйэн уурар бобуллар. Маннык сыл устата нэдиэлэ аайы оонньуу быраабылатын кэспэккэ үчүгэйдик оонньоотохпутуна, сыл түмүгэр 137800 (!) солкуобай уурунуу харчылаах тахсабыт.
Оставить комментарий