Курс валют
$
82.17
0.02
€
89.88
Курс валют
Курс валют
$
82.17
0.02
€
89.88
Меню
Поиск по сайту

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 22 күнэ

23.11.2026 (2 дня назад) 08:14 0
Күн-дьыл туруга: сэтинньи 22 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый?

Саха сирин арҕаа, соҕуруу өттүгэр сорох сирдэринэн кыра хаардаах. Сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м тиийэ түргэннээх тыаллаах, Усуйаана оройуонугар арҕааттан сөкүүндэҕэ 15-18 м тиийэ түргэннээх тыаллаах, Арктика оройуоннарын кытылыгар сөкүүндэҕэ 17-22 м тиийэ түргэннээх тыаллаах буолуо диэн Дьокуускайдааҕы УГМС иһитиннэрэр. Түүн -33-38°, хотугулуу-илин уонна халлаан дьайҕардаҕына -43-48°, арҕаа, соҕуруу диэки -15-20°. Сорох сиринэн -25-30°, күнүс -28-33°, намыһах сирдэргэ -35-40°, арҕаа -20-25°, соҕуруулуу-арҕаа -13-18°, сорох сиринэн -8-13°.

Дьокуускайга күнүс -30-32°. Хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-7 м түргэннээх тыаллаах.

 

***
Ааптар:

Хаартыскаҕа Екатерина Попова түһэриитэ

Оставить комментарий