Күн-дьыл туруга: балаҕан ыйын 10 күнэ
Бу күннэргэ улуустарга хайдах күн-дьыл буоларый?
Саха сирин арҕаа, хотугулуу-илин өттүгэр, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу, Халыма диэки ардахтаах. Түүн хоту сорох сиринэн инчэҕэй хаардаах. Арктика кытылынан сөкүүндэҕэ 15-20 м тиийэ түргэннээх тыаллаах буолуо диэн Дьокуускайдааҕы УГМС иһитиннэрэр. Түүн 0,-5°, былыттаннаҕына 0,+5°, арҕаа +5+10°, күнүс +11+16°, хотугулуу-арҕаа +6+11°, Халымаҕа +1+6°.
Дьокуускайга күнүс +13+15°, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-7 м түргэннээх тыаллаах.
***
Ааптар: Саха Сирэ
Хаартыскаҕа Екатерина Попова түһэриитэ
Оставить комментарий