Чэй иһэ-иһэ сэһэргэһии кэмигэр Ньургуйаана уонна Александр өрөспүүбүлүкэ салайааччытыгар дьиэ кэргэн пиэрмэтин үлэтин түмүктэрин туһунан кэпсээтилэр. Сивцевтэр хаһаайыстыбаларыгар бүгүн 50 ынах сүөһү баар, ол иһигэр 15 ыанар ынах. Ону тэҥэ козалаахтар, кууруссалаахтар уонна кроликтаахтар. Пиэрмэрдэр үүтү уонна эти оҥорон таһаараллар. Дьиэ кэргэн биир сүрүн ситиһиитинэн 2022 сыллаахха «Бүлүү» федеральнай суол кытыытыгар «Уһук Илиннээҕи гектар» бырагырааманан ылбыт сирдэригэр 50 миэстэлээх хотону туппуттара буолар.
Сивцевтэр 30 гектартан тахса иэннээх бэртээхэй тыа хаһаайыстыбатын сирин биэрбитин иһин Горнай улууһун дьаһалтатыгар махталын биллэрдилэр. Дьиэ кэргэн от-бурдук оҥорон таһаарыытын бырагырааматын чэрчитинэн субсидия ылбыт уонна күрүөтүн туппут. «Бүгүн сири оҥоруунан, бааһыналары бэлэмнээһининэн дьарыктанан эрэбит. Бу хайысханан эмиэ сайдар былааннаахпыт», – диэн кэпсээтэ ыал аҕата Александр Сивцев.
Бүгүн дьиэ кэргэҥҥэ биир эрэ кыһалҕа баар – ол тиэхиньикэни саҥардыы. Билигин дьиэ кэргэҥҥэ биир эргэ тыраахтар эрэ баар. Эрэгийиэн бырагыраамаларын чэрчитинэн тиэхиньикэлэрин саҥардалларыгар көмө оҥоһуллуоҕа. Айсен Николаев дьиэ кэргэн улууска тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга кылаатын уонна судаарыстыба өйөбүлүн дьаһалларын көхтөөхтүк туһанарын үрдүктүк сыаналаата. Сивцевтэр хаһаайыстыбалара социальнай дуогабар көмөтүнэн сайдыбыт, хотон тутуутугар улуус бүддьүөтүттэн 2 мөл. солкуобай уонна производственнай эбийиэккэ барар суолга 800 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх субсидияны ылбыт.
Ил Дархан дьиэ кэргэн социальнай миссиятыгар ураты болҕомтотун уурда. Ньургуйаана Николаевна Саха сиринээҕи Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин өйөбүлүнэн «Мин бастакы хамнаһым» диэн пилотнай бырайыак көҕүлээччитинэн буолбута уонна сыл аайы бэйэлэрин баазаларыгар оскуола оҕолоругар аналлаах агротехнологическай лааҕыры тэрийэр. 2024 сыллаахха дьиэ кэргэн бырайыага улуустааҕы күрэххэ «Социальнай хайысха» номинацияҕа 2-с миэстэни ылбыта.
«Сивцевтэр – «Мин бастакы хамнаһым» бырайыак кыттыылаахтара, кинилэр сыл аайы оскуола оҕолоругар агротехнологическай лааҕыры тэрийэллэр, оҕолорго тыа үлэтигэр, успуорка уонна чөл олоххо убаастабылы иҥэрэллэр. Маннык дьиэ кэргэттэр – Горнай улууһун уонна бүтүн Саха сирин дьиҥнээх тулааһыннара буолаллар», — диэтэ Айсен Николаев. Ил Дархан элбэх оҕолоох пиэрмэр Сивцевтэр дьиэ кэргэннэригэр этэҥҥэ буолууну, дьолу уонна хаһаайыстыбаларын сайыннаралларга салгыы ситиһиилэри баҕарда.
***
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата



Оставить комментарий