Курс валют
$
85.13
0.04
98.55
0.19
Курс валют
Курс валют
$
85.13
0.04
98.55
0.19
Меню
Поиск по сайту

Бүгүн хоту — инчэҕэй хаар, арҕаа — хаһыҥ түһэр

сегодня 08:39 (13 часов назад) 0
Бүгүн хоту — инчэҕэй хаар, арҕаа — хаһыҥ түһэр

Күһүн тымныы тыына биллэн эрэр. Саха сирин синоптиктара сэрэтэллэринэн, бүгүн, атырдьах ыйын 20 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуоннарынан ардыыра, хаһыҥныыра уонна күүстээх тыал түһэрэ сабаҕаланар. Сорох оройуоннарынан хаардыан сөп.

Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр  билгэлэринэн, бүгүн өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр халлаан сөҥүүтэ суох туруоҕа. Оттон киин, соҕуруу, хотугулуу-илиҥҥи уонна Өлүөнэ уҥуоргу улуустарга, ону тэҥэ Усуйаанаҕа уонна Халыма-Индигиир бөлөх улуустарын хотугу өттүгэр быстах, сорох сиринэн орто күүстээх самыыр түһэрэ күүтүллэр. Оттон хотугу улуустарга инчэҕэй хаар түһүөн сөп.

Тыал үксүн орто күүстээх буолуо, ол эрээри сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 миэтирэҕэ тиийэ күүһүрүө. Оттон Арктика кытылыгар олорор дьоҥҥо сэрэхтээх буоларга сүбэлииллэр — онно тыал сөкүүндэҕэ 17-22 миэтирэҕэ тиийэ күүһүрэр.

Салгын температурата түүнүн +4…+9° кыраадыс сылаас буолар. Халлаан халыннаҕына 0…-5° кыраадыска диэри тымныйыа, оттон арҕаа улуустарга сорох сиринэн хаһыҥ түһүө. Күнүһүн салгын +10…+15° сылыйыа, хоту +5…+10° эрэ буолуо, оттон саамай сылаас күн өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр буолара сабаҕаланар — онно +14…+19° сылаас буолара күүтүллэр.

Дьокуускай куоракка бүгүн хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 4-9 миэтэрэ диэри күүстээх тыал үрүө. Түүнүн +5…+7° сылаас буолбут буоллаҕына, күнүһүн +11…+13° кыраадыс сылаас буолара сабаҕаланар. Күнүһүн быстах ардах түһэрэ күүтүллэр.

 

***
Ааптар:

Оставить комментарий