Курс валют
$
83.48
0.24
€
94.32
Курс валют
Курс валют
$
83.48
0.24
€
94.32
Меню
Поиск по сайту

Оһуохай имэҥи уһугуннарар этэ дуо?

сегодня 11:04 (11 часов назад) 1
Оһуохай имэҥи уһугуннарар этэ дуо?

Оhуохай дирин ис хоhоонноох дьиҥэр. Билигин ол үнкүү көр курдук эрэ буолан хаалбыт. Бары хамсаныылара бүөргэ, быарга, былчыҥнарга, сүрэххэ туhалаахтар.


«Оhуохай» диэн тыл бэйэтэ да «оhуу, үтүөрүү» диэн суолталаах. Үтүөрүү диэн да тыл үчүгэй, ама буолуу диэн суолталаах да Оhуу суолтатын ылбыт. «Бааhым осто» диэн билигин да этэбит.

Хоту сахалара оhуу диэни биhиги үтүөрүү диэн суолтатытыгар тутталлар. Таарыйа эттэххэ хоту сахалара диэн Анаабыртан Халыма5а диэри киэҥ сиргэ олорор дьон  биhиэхэ суолтата уларыйбыт тыллардаахтар.

Оhуохай сэргэ тула оhуохайданар. Сэргэ ат баайар эрэ буолбатах сэргэх, сэргэстэhэ, сэргии диэн тылларга эмиэ киирэр. Оhуохай дирин суолтата Оhуу эрэ буолбатах. Үстүү түүннээх күнү тохтообокко оhуохайдыыллар. Ол то5о оннугуй, ама туох ол суолталаа5ый диэн ыйытыы үөкээччитэ суох дуо? Турукка киирэллэр айыылартан алгыс ылаллара буолуо диэххэ сөп буолуо эрээри да, син биир сөхтөрөр. Билигин ону хатылаан төһө оhуохайдыыллар?

Кыыл Уола Сергей Зверев кэрийэ сылдьан оhуохайдыыр сылдьан сир-сир аайы о5о оҥорбут диэн номох баар. Сэргэ тула, эр дьон оhуохайа диэн өйдөбүл оннук мустуу да баар. Итилэри барыларын ырытан сааhылаан көрдөххө уонна билиҥҥи медицинэ билиилэригэр холбоотоххо ити мээнэ5э буолбатах эбит диэн саныыбын.

Оhуохайдаан чэ киhи туруга тубустун, ол өйдөнөр. Онтон суолтата алгыс ылыы уонна ол алгыhы эккэр иҥэрэн олоххор туhаныы, дьиэ кэргэҥҥин элбэт, хаҥат, кыаҕыр диэн буолуо. Мээнэ ол оннук санаа курдук эрэ былыргы рациональнай дьону билиҥҥ дьону курдук албыннаабатын буолуо. Туох материальнайы ылалларын, эбинэллэрин билэннэр үлэлиир буолуохтаахтар. Үс күн ойуоккалыыр бээ, үлэ буолуо ээ. Былыргылар туох кыhал5аттан оннук оhуохайдыыллара буолла.

Аныгы медицинэ этэринэн наадалаах эбит. Ону өбүгэлэрбит билэллэр эбит. Биллэн турар ити былыргыттан кэлбит киhи оҥоhуутун билиитэ. Билигин ол олох да умнуллубутун эрэ көстүүтэ эбит. Дьэ аныгы медицинэ этэринэн киhи ортотунан 20 сааhыгар диэри сахалыы отох киhи отутугар диэри эрэ улаатар. Онтон тохтуур, салгыы улааппат. Киhи илиитэ-ата5а онтон ордук уhаабат. Арай эр киhи биир уоргана хара өлүөр диэри улаатыан сөп эбит. Эр киhи оннук оноhуулаах. Холобур ону туоhулаан диэбит курдук Африка эр дьоно наhаа итии сиргэ олорор буоланнар организмнара итииттэн ууну наhаа сүтэрэрин саппааhыран үүнэр кыахтаах сиригэр уу хаhаанар. Онон ол эттэрэ улаатар. Сахалар элбэх о5олоноору кэрэ аҥардарга ба5алаах буолаары уонна бэйэлэрин кыахтаах сананалларыгар оhуохайдыыллар эбит. Былыргы дьон оло5о билиҥҥиттэн атын номох курдук Додор кулуба, Балтараа инин диэн дьоннор үөскээн-көрүлээн аастахтара.

***

Утуман Таман.

Обсуждение • 1

Добавить комментарий
  1. Е

    Эмиэ урдуку айыылар тустарынан саба5алааьын буолбут. Былыр сахаларга элбэх дьон мустар ыьыахтара, оьуохай, олонхо, хапса5ай сылга биирдэ эрэ ыытыллара. Дьоннор, эдэрдэр сынньаныан, оонньуон-корулуон ба5алара баар буолла5а дии. Онон ити мероприятиялар сурун суолталара дьон сынньаланын тэрийии. Туох да атын улахан суолталара суох этэ. Боруоста билинни дьон ойтон онорон корон улахан сакральнай суолта биэрэллэр. Холобур оьуохай – ункуу буолла5а дии. Эдэр дьон хааннара оонньоон сылы быьа ункуулээбэккэ сылдьан баран дьэ тыыннарын таьаараллар. Ус куну быьа кыргыттар-уолаттар эр дьоннор-дьахталлар ыкса тутуьан ункуулууллэр. Билиннилии эттэхэ – дискотека. Чугасыьыы, билсии, тутан-хабан корсуу, уоруу-котуу. Онон оьуохай сурун суолтата – дьону билиьиннэрии, эр-ойох буоларга бэлэмнэнии, оло5у сал5ааьын.

Оставить комментарий