Саха сирин киин, соҕуруу, илин өттүгэр сорох сиринэн инчэҕэй хаардаах буолуо. Илин, соҕуруу өттүгэр сөкүүндэҕэ 9-14 м тиийэ түргэннээх тыалырыа диэн Дьокуускайдааҕы УГМС иһитиннэрэр. Арктика кытылынан сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15-18 м тиийэ түргэннээх тыалырыа. Түүн 0,-5°, халлаан дьайҕардаҕына -5-10°, күнүс +1+6°, арҕаа, Халымаҕа +6+11°.
Дьокуускайга күнүс +3+5°, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-7 м түргэннээх тыаллаах буолуо.
Оставить комментарий