ТУЛА ӨТТӨҮМ СЫП-СЫРДЫК…
Бу күннэргэ харах клиническай балыыһатыгар (Свердлов уул.) харахпын эмтэттим. Уҥа хараҕым катарактатын ыллаттара направлениялаах тиийбитим. Ымпыктаан-чымпыктаан сирийэн көрүү-истии бөҕөтө. Медиктэр (Быраастар, сиэстэрэлэр) идэни баһылаабыт да эбиттэр: омук сириттэн аҕалыллыбыт прибор, оборудование арааһын тутуу-хабыы, үлэлэтии, сүбэ-ама, ол быыһыгар хамаанда арааһа. Саастаах өттүбүт тута өйдөөн, кулгаахпытынан истэн да биэрбэппит сыттаҕа. Барахсаттар бу эдэрдэрин, үлэһиттэрин, үөрэ-көтө сүүрүүнэн сылдьаллар.
Мин аҥаар уҥа харахпын оҥотторо киирбит киһини хаҥаскын эмиэ оҥоробут диэн буолла. Мөлтөөбүтүн быһаарбыттар. Онон сиэтэн киллэрэн эппэрээссийэлээн кэбистилэр, тулам сырдыы, сандаара түстэ. Улуустан сылдьар кырдьаҕас сылгыһыт оҥотторон баран “бу дьолу” диэбитигэр холбоһо санаатым. Бастакы уонна иккис сырыыларга 40-чалыы буолан утуу-субуу киирдибит. Санаабар кэлбит дьону барытын тутуубылдьаһан харахтыыр, көрөр оҥорорго дьулуһар курдуктар. Ити “тутуу былдьаһан” диэн мээнэҕэ эппэтим – манна туттуллар техника барыта омуктары кытта сыһыан үтүө эрдэҕинэ атын сиртэн аҕалыллыбыттар. Итилэри кытта атыы-эргиэн тохтоото, салгыы хайдах – туох буолабыт? Ити биһигини – эмтэнээччилэри эрэ буолбакка, медиктэрбитин да долгутар эбит дии санаатым.
Түмүкпэр медиктэргэ – сырдыгы бэлэхтээбит сырдык аанньалларга бары үтүөнү баҕарабын, махтал үтүөтүн этэбин! Дьоллоох-соргулаах буолуҥ! Эппэрээссийэлээбит хирурбар Степанова Мария Владимировнаҕа инникитин да ситиһиилээх үлэни, дьону үөрдэ сылдьаргар баҕарабын!
Маннык үтүө хаачыстыбалаах техниканан хааччыйбыт бары омуктарга сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэбин, маннык үтүө сыһыан, үтүө өйөбүл салҕаланарыгар баҕарабын! Мин бу эппит анал тылларбар эмтэммиттэр бары да холбоһуохтара диэн эрэнэбин.
***
Иван БУРЦЕВ,
20.03.2022 с.
Ааттаах , наадалаах харах балыыhата, врачтар адьас урдук таhымнаахтар, ыксаан кэлбит ыарыhа5ы тууннэри кунустэри тута кэрэллэр, адьас дьиннээх балыыhа.