Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

Киһиэхэ кыра да наада

15.10.2017 09:01 0
Киһиэхэ кыра да наада

Өссө да уһукта илик оҕолору өрө-таҥнары тутаттаан, биирин дьыссаакка, иккиһин оскуолаҕа сыһан-соһон аҕалан угаттаан баран, эмиэ кыл мүччү ыксал-тиэтэл муҥунан массыыналар быыстарынан сулбу-халбы айаннаан  дьиэҕэр кэлэн суунан-тараанан, сирэй-харах, уос-тиис оҥостон үлэҕэр тиэтэйэҕин. Күн аайы күн саҕаланыыта туох да уларыйыыта суох, аптамаат курдук итинник барар.

Хайы-үйэ уулуссалар тимир көлөнөн быччары туолан, ханан эрэ мунньуллан, аасыһар суоллары  бүтэйдии бүөлэһэн тураллар. Иэппэт ынах курдук ычык-бычык массыыналары таммалатар светофор уота ол аайы холку. Сүүһүнэн киһи кинини кэтииригэр-маныырыгар аахайбат.

Киһи барыта ыксыыр, киһи барыта ханна эрэ, туохха эрэ наар хойутуур. Куорат сүпсүлгэн олоҕун арай мөдөөн суоппардар адаҕалыы сатыыллар. Айанныахча айаннаабаттар, барыахча барбаттар… кэннилэриттэн, ойосторуттан кырыы харахтар дьөлө көрөн ситэн кэлэн элэс гынан ааһаллар.

Арай бүгүн туох эрэ тиийбэт. Ыксал-тиэтэл сарсыарда туох эрэ итэҕэс… “Һаа” – салгыны эҕирийии… Көрдөөх киһибит көстүбэт эбит… суох! Ханна бартай?!

Сайыннары-кыһыннары суол кытыытыгар турар “дьааһык төбөлөөх” киһибит ааһан иһэр суоппардары далбаатаан ханна эрэ ыйа-ыйа угуйара.  Сороҕор “киһибит” сонуур-синньиир, улаатар-кыччыыр. Сороҕор мөдөөн буолар, сороҕор тэйиэккэлээн олорор. Куйаас баҕайыга хайдах халыҥ маасканы тулуйан турара буолла, кыһын тымныыга хайдах тоҥмото буолла,  төһө хамнаска тураахтыыра буолла… ааһан иһэн күлүм санаа элэс гынан ааһааччы.

Оҕолор сөбүлүүллэр, ол уулуссаҕа тиийдэхтэринэ сэргэхсийэллэр, ыраахтан массыына быыһынан кинини көрөөрү олбохторуттан өҥдөҥнөһөн, айманан бараллар. Чугаһаатыҥ да үөрүү-хаһыы буолан түннүккэ сыстан далбаатаһан ааһаллар. “Миигин көрдө! Миэхэ далбаатаата!”.  Куорат ыксамар олоҕун быыһыгар мичээри бэлэхтиир көстүү бүгүн сарсыарда суох буолбут. Курус.

Киһиэхэ кыра да наада. Мичээр эмиэ сыстыганнаах. Мичилийбит сирэйи көрдөххө киһи бэйэтэ да билбэтинэн эмиэ мичээрдээн барар, санаата көтөҕүллэр.  Ол иһин да бүгүн мичээрдээбит уос уруһуйдаах “дьааһык төбөбүт” суоҕа сарсыардабытын ханан эмэ да буоллар суҥхардыбыт эбит.

***

Ольга ВАСИЛЬЕВА,

Дьокуускай к.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»