Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Курс валют
Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Меню
Поиск по сайту

Икки нэдиэлэ уонна биир хонук

18.05.2016 03:53 0

Дьүөгэм Варя быста да бырах майгылаах, этэн-тыынан күлүмэхтэтэн, дьэргэлдьийэн кыыс аймах кылааннааҕа.

Икки нэдиэлэ уонна биир хонук
Сороҕор дьиҥ олоххо аныгы сериаллардааҕар да эриллэҕэс-буруллаҕас сюжеттаах, киһи “сэк” гына түһэр дьикти устуоруйалар тахсаллар.
Дьүөгэм Варя быста да бырах майгылаах, этэн-тыынан күлүмэхтэтэн, дьэргэлдьийэн кыыс аймах кылааннааҕа.  Туохтан да толлон турбат, иэрэҥ-саараҥ сылдьыбыт, тобулла да оҥорор, ытырда да ыыппат.

Биирдэ аймахтарым дэриэбинэҕэ сайылыы барбыттарыгар куораттааҕы квартираларын куортамныыр түбүккэ түстүм. Аймахтарым миигин итинник наар соруһар үгэстээхтэр. Сылдьан-сылдьан баран бүтэһигэр: ээ, чэ Лина быһаарыа, Линаҕа этиллиэ, тугу гыныа баарай – сулумах дьахтар дьарыктаннын диэн. Туох да дьарыга суох күн күүлэй биһиги аймахха мин эрэ баарым курдук. Дьиҥинэн, дьарыкка аахтахха дьарыгым омуна суох бэйэм холум таһынан буоллаҕа. “Үлэм чааһа скользящай, программа киэҥ, бириэмэ ыгым”, – сурдьум уол этэринии.   Буруйум диэн кэргэним суох. Ол “буруйбар” наар туос иллэҥ аатырабын, кинилэр кыһалҕаларын мин быһаарар эбээһинэстээхпин. Итинник мөҕүттэн баран, хайыахпыный – дьарыктанным. Сууккалыынан куортамнаатым.

Клиеннарым – командировачнайдар уонна көссүүлэр. Көссүү көссүүттэн дьэ, атын-атын буолар эбит. Саамай ыраас, чэнчис, айдаана суох – голубойдар. Биирдии-биирдии кэлэллэр, бааллара-суохтара биллибэт, соннук эмиэ биирдии-биирдии тахсан бараллар. Бастаан олус сөҕөр этим – эдэр баҕайы саха уолаттара  туох ааттаах буолбуттарай диэн. Онтон аны атын клиеннарбар холоотоххо, кэлиҥҥинэн голубойдарбын ордорор буоллум. Киһи арааска үөрэнэр дииллэринии, сүөргү көстүү да буоллар хайыахпыный.

Саамай куһаҕан клиеннар – лесбиянкалар эбит. Үнтү арыгылаан, иһэн-аһаан аамайданан… дьаабы. Итирик дьахтары олох тулуйан көрбөппүн. Олус сиргэнэбин, этим тардар.

Командировочнайдар орто бэрээдэктээхтэргэ киирсэллэр: ортотук иһэллэр, ортотук хоноллор, орто соҕус чэнчистэр.

Дьэ итинник категорияларынан наардаталаан бараммын иккис ыйым бүтэһигэр олох клиеннарым “ис дьиҥнэрин” көрөөт билэр рентген-аппарат буоллум. Соччото суох диэтим да аккаастыыбын, ама диэбиттэрбэр күлүүспүн туттарабын.

Онтон биирдэ командировочнайдар төлөппүөннээтилэр. Икки эр киһи. Ыраах улуустан кэлбиттэр. Куоракка кэлбиччэ көстүүм, хаалтыс, одьукулуон дэп-дэлэгэй. Сирэйдэриттэн-харахтарыттан көрдөххө “амалар”. Икки хонукка квартираны уларсабыт диэн буолла. Биэрдим. Тахсаары турдахпына дьонум: “Хаһаайка, куорат красаабыссата киэһээ иллэҥ буолаайаххын? Ханнык үчүгэй ресторан баарый? Квартира куортамнаабыппытын кыратык бэлиэтээбэппит дуо?” – диэн биирдэстэрэ ыйытта. Атыыр аккаас кэнниттэн дьонум сонньуйуохча туттан ааннарын хатана хааллыллар. “Хас биирдии клиены кытары эрэстэрээннээтэхпинэ ханна тиийэбин… ”

Киэһэ кыыспынаан киэһээҥҥи аспытыгар олордохпутуна Варя уот-төлөн буолан төлөппүөннээтэ: “Линка, оҥоһун! Киэһэ рестораҥҥа ыҥырдылар. Наһаа приятнай дьээдьэлэри кытары билистим! Барыахха! Хайа муҥун дьиэҕэр олороҕун?!” – диэт хардара да иликпинэ төлөппүөнүн арааран кэбистэ.

–          Кимий? – кыыһым йогурт иһэ олорон ыйытар.

–          Тетя Варя. Рестораҥҥа барыахха диир. Барбат инибин… айа.

–          Маама, ты какая-то странная. Барыаххын оттон. Ханна да сылдьыбаккын. Мин сотору оскуолабын бүтэриэм, атын куоракка үөрэнэ барыам – Дьокуускайга туох иһин хаалбаппын! Бар! Сотору соҕотоҕун хаалыаҥ. Замуж тебя надо выдать!

–          “Выдать” диэ…  – эрэ диэн хааллым.

Варя кэлиэр диэри кыыһым Любушка субу ойох биэрэрдии симээтэ. “Наһаа вызывающе буолбатах дуо?” – кыһыл быччары тутар дьууппабын имэринэбин. “Ой, мама! Вызывающе – это когда без юбки в ресторан!”.  Чэ, буоллун. “Наһаа да аһаҕас кофта буолбатах дуо? Аһара молодежнай ди,” – кыыһым уларсыбыт кофтатын эрэммэтэхтии уолугун көрөбүн. Симэммит саҕа сананан сиэркилэҕэ көрүннүм – син астынным.

Дьүөгэм кэллэ: “Вау! Красотка! Где ты раньше была?!” – диэн омуннаахтык кулахачыта сылдьан эргим-ургум тутта уонна айаҕа хам буолбатын быыһыгар чараас  жакеппын кэтэн таксига таҕыстыбыт.

Арай…. Арай рестораҥҥа кэлбиппит – били куортамнааччыларым кылахачыһан аҕай олороллор эбит! Көстүүмнэрин сөргүттүбүттэр, хаалтыстарын уларыттыбыттар, түүппүлэлэрин быылын соттубуттар. Сабыс-саҥа курдук туттан сэгэйиэхтэринэн сэгэйбиттэр. Миигин көрөөт харахтара кэҥээтэ онтон үөрэн уостара ыпсыбата: “Дьэ, красаабысса мааҕыын сирэттээбитиҥ дии!”.

Бэйэм да кыбыһынным, онтон хайыахпыный билсэн-көрсөн уос өһүлүннэ. Биирдэрэ Василий диэн буолла, иккиһэ – Алексей.

Василия кыра лахаҕар уҥуохтаах, хара бараан, иһэ куруттан иҥнибэт. 50-чэлээх. Кэргэннээх, түөрт улахан уолаттардаах диэн буолла. Алексейбыт кэргэниттэн арахсыбыт, икки оҕотун бэйэтэ иитэр диэтилэр, эдэрчи, сырдык хааннаах, улахан, киппэ. Варя сибис гынна: “Алексея миэнэ. Олох судьба!” – диэтэ. Хайаларын да кытары “судьбалыыр” санаа киирбэтэ, онон ресторан кэнниттэн дьиэбэр хомуннум. Кыыһым “судьбатын” кытары барыста.

Сарсыныгар Варя туруупка нөҥүө иҥсэлээхтик: “Бүттэ! Тафтал! Олох космос!”.

Икки хонон баран Алексей эрийдэ уонна өссө дьиэни икки нэдиэлэҕэ уларыста.

Ити итинэн буолла. Командировачнайдар улуустарыгар төнүннүлэр. Варя Алексейдыын телефонунан билсэр. Онтон киһитэ чочумча буолан баран ууга тааһы бырахпыт курдук сүтэн хаалла. “Абонент недоступен” – диэн робот дьахтар эрэ Варялыын “кэпсэтэр”.

Ый ааста. Варя мэйиитэ эргийэр, хотуолуур. Сюрприз…

–          Хайыыбыный?! – миигиттэн ыйытар.

–          Төрүүр буоллаҕыҥ. Сааһыҥ да ыраатта. Хата мааны баҕайы оҕолонуоҥ, – күлэбин.

–          Эс! Сыыһа буоллаҕа дии! Алексейы олох булуохха наада!

–          Фамилиятын билэҕин, аадырыһын, хайа улууһун?

–          Суох… Хайдах итиччэ доруобай дьээдьэ сүтэн хаалыаҕай?! Иннэ буобатах ини. Олох булуом! Соҕотоҕун кини оҕотун көрбөппүн! Хоту да соччо элбэх киһи олорбот ини!

Варя дьиэ ылаары инбэлиит ийэтин мэрияҕэ соспутун санаатым. Бюджетниктарга чэпчэтиилээх дьиэ түҥэтиитигэр бастаан испииһэккэ киллэрэн баран кэлин хаһыытаппытынан сотон кэбиспиттэрэ. Онуоха Варя хаампат ийэтин кэлээскэтигэр олордон баран, эбиитин эдьийин кыра оҕолорун “уларсан” мэрияҕэ тиийэн олорунан кэбиспитэ. “Дьиэ биэриэххит иннинэ ханна да барбаппын! Иитимньим элбэх!”.

Сарсыарда 10 чааска тиийэн баран киэһэ 10 чааска диэри мээр этээһигэр пикеттээбитэ. Охранниктар кэлэн үүрэ сатаабыттара, онтон солбуйааччылар сырсыакаласпыттара. Тиһэҕэр “сарсын сарсыарда докумуоҥҥун илдьэ кэлээр, саҥа тутуллубут дьиэҕэ биир хостоох квартира көһүннэ, 10 бырыһыанын субу ууран биэрдэххинэ ылаҕын” диэн буолбута.

Варя илии баттааһыннаах бэчээттээх мэктиэ сурук ылан баран биирдэ дьиэлээбитэ. Сарсыныгар кэлэн дьиэтин докумуонун оҥорсон, 10 бырыһыан харчытын остуолга ууран биэрэн баран саҥа дьиэҕэ квартираланан хаалбыта. Оттон били испииһэктээх  бюджетниктэрэ балтараа сылынан биирдэ дьиэлэрин күлүүһүн ылбыттара.

Итини санаан баран оҕотун аҕатын да була сатаатаҕына булуоҕа диэн испэр бүк эрэнним. Ол гынан баран, “икки нэдиэлэлээх аҕабыт” оҕотун билиниэ дуо?

Варя “Аҕа” ирдиир-силиэстийэлиир операцията  бэһис ыйыгар табылынна: булла! Хоту улууска олорор киһи эбит, кэргэннээх, бэйэтиттэн икки уоллаах уонна эрдэ кэргэнэ биир кыыстааҕын иитэр эбит. Балайда улахан таба хаһаайыстыбатын тутар, маҕаһыыннардаах, миэбэл оҥорор сыахтаах, эргитиилээх-урбатыылаах киһи эбит. Улуус сис баайа.

Варя төлөппүөннээн саайар: “Беременнэйбин!”. Эр киһи саҥатыттан матар.  Чочумча соһуччу сонуну бэрт кытаанахтык ыйыстан баран: “Миэнэ буоларын хантан билэҕин?!”.

Варя күн аайы төлөппүөннүүр… кэргэнигэр кытары.

Тоҕус ый туолуута күн сиригэр туох да аһара минньигэс, мап-маны кыыс оҕо төрүүр. Варя оҕотун көрөрүн быыһыгар аны алимеҥҥа докумуон бэлэмниир. Өр да өр сууттаһан Алексей аҕа буоларын дакаастаан кыыһын балтараатыгар алимент уурдаран ылар.  Балтараа сыллаах алимена син ботуччу буолар – аҕабыт хамнаһа, барыһа улахана сүрдээх буоллаҕа.

Кыыһа Дашенька иккитин туолуута хотугу аҕабыт дьэ тиийэн кэлэр – туохха алимент төлүүрбүн көрдөр диэн.

Уутааҕы күлүгүн көрөн Алексей ууллан хаалар. Эмиэ хонон барар. Ол кэнниттэн ый буолан баран Варя хоту улуустан баһыылка тутар. Баһыылкабыт омуннаах – уон куул. Эт-ас, балык бөҕө кутулла түһэр. Аараттан хата дьүөгэлэрэ амтаннаахха тигистибит.

Иккис сюрприз…

–          Хайыыбын?

–          Хайыаххыный. Төрүүр буоллаҕыҥ. Кыыскар ханыы наада.

–          Хайдах биир хоноот да хат буолан иһэбиний?!

–          Играй, гормон…

Алексей олус үөрбүтүн саарбахтыыбын. “Соруйан гынаҕын дуо?! Онто да суох бэйэм ойоҕум эмиэ ыарахан! Өссө эн шантажтыы олороҕун?!”

Уол оҕо төрүүр. Көссүү оҕото көрбүтүнэн төрүүр дииллэрэ кырдьык. Варя: “Хата боруодабын тупсардым ээ”, – диэн күлэр.

Уола икки ыйдааҕар айбыт аҕата тирилээн кэлэр да, Варяны ууга-уокка түһэрэн оҕолуун, инбэлиит эбээлиин барыларын массыынаҕа тиэйэн хоту дэриэбинэтигэр көһөрөн илдьэ баран хаалар.

–          Баран эрэбин, – Варя төлөппүөн нөҥүө саарбах куолаһа иһиллэр.

–          Ханна?!

–          Судьбам көһөрөн илдьэ баран эрэр…

–          Оттон ойоҕо?

–          Ол ойоҕо арыгыһыт эбит. Кыһыл оҕотун быраҕан баран баран хаалбыт. Улахан кыыһын кытары. Онон дьээдьэм ыксаан кэлбит.

–          Икки кыһыл оҕону көрөҕүн дуо?

–          Оттон инньэ диэн хайыахпыный… Эмиэ уол үһү.

Ол кэнниттэн хас да сыл ааста. Дьүөгэм хам-хаадьаа бырааһынньыктарга балык, таба этэ, кыыл этэ ыытар. Варя  Алексейын үс оҕотун, бэйэтин икки оҕотун көрөн быр-бааччы олорор.

–          Дьүөгэм  дьылҕатыгар “икки нэдиэлэ уонна биир хонук” дьэ итинник  дьайан турар, – Лина кэпсээнин бүтэрэн мичээрдээн кэбистэ.

***

Ольга ВАСИЛЬЕВА.
Aartyk.Ru

Источник: old.aartyk.ru

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»