Мин ыалдьар кутум ыраас утаҕа, ыйыллыбыт санаам ыар ынчыга, тууйуллубут туспам көҥүлгэ дьулуһуута Эн этиҥ дуо?
Түүннэри-күнүстэри түлэй-балай түлэкэччийэн иһэн, эмискэ Эйиигин санаатым эрэ ыарыым бохсулларга, хараҕым сырдыырга, күнүс күлэргэ, санаам сайҕанарга дылы буолара. Эн – туора дойду туруу уолана өркөн өйгүнэн, кэрэмэс бэйэҕинэн сүрэхпин сүһүртэҕиҥ, санаабын тууйдаҕыҥ, суоҕу баар дии саныырбар төрүөт буоллаҕыҥ.
Билэбин, мин Эйигиттэн атын аартыктаахпын, ураты тыыннаахпын, туспа суоллаахпын. Оо, элбэх да кыс хаар ууллан түстэҕэ мин санньыйбыт ыар санныбар, күлүмүрдэс күн сырылаччы тыктаҕа мин харахпар, эмиэ да буурҕа улуйдаҕа, хаар типтэҕэ мин тулабар.
Күнү-түүнү араарбат, биир кэм сыҕарыйар, устар, сыыллар үөрүүтэ-көтүүтэ суох курус күннэринэн бохсуллан, орто дойдуга үтүөнү күүтэрбиттэн сылайбыт чоҥкучах алааска чуҥкук олохтоох Кыыс Дьахтар этим буоллаҕа. Оттон Эн күҥҥэ да тиийиэх дохсун санаалаах, күлүү-үөрүү чалбараҥ олохтоох, ый-сулус арыалдьыттаах, күн курдук көмүскэс санаалаах Күн Айыы оҕото буоллаҕыҥ. Ол да иһин Дьылҕа Тойон тууйуллубут дьоллоотоҕо, кэрэгэй көрсүһүүнү ыйаахтаатаҕа…
Оччолорго, кыстык угун саҕа кыракый балаҕаммар бүгэн олорон, Эйигин, Көҥүл Дохсун Айыы оҕотун кэтэһэрбиттэн күнүс арҕаалаабыта да буоллар, син биир хаһан эрэ кэлиэхтээххин сэрэйэрим. Араас да санаалар тууйаллара ытыс таһынар ыас хараҥа түүн, эҥинэ бэйэлээх ыра санаалар симэлийэллэрэ им сүтүүтэ. Ол да буоллар ыгыллыбыт, ыйыстыбыт ынырык ыар түүннэрбэр, биирдэ эмэ күлүм-чаҕыл мичилийбит минньигэс күннэрбэр син-биир Эйиигин эрэ мин кэтэһэрим, Эйиэхэ эрэ курдаттыы таттарарым!!!
…Сыллар ааһан испиттэрэ, дьыллар дьыбарга сүппүттэрэ… Ону кытары кыракый эрэлим уоллар-уолан испитэ, көрсүһүү күнэ-дьыла күүтүллүбэт да буолбута. Эдэр бэйэм эмэнсийэн, толуу бэйэм тулаайахсыйан мин ыра санааларбын ат миҥэ гынан көтөрүм улам уурайан испитэ, көҥүл баҕа санааларым олох уустук будулҕаныгар тиийэн иҥэн-сүтэн хаалбыттара. Ким да суох этэ тулабар, санаабын сайгыах тыынар куттаах суох этэ аттыбар. Оо, олус да чуҥкуга олох диэннэрэ, Суо Хаан Дьылҕа кытаанах да этэ соҕотох киһиэхэ!!!
Онтон биир киэһээ эбитэ дуу, күнүһүн буоллаҕа дуу, кыстык угун саҕа балаҕаным аана аргыый аҕай аһыллыбыта. Айанньыт киирэн кэлбитэ. Ааһан иһэр айанньыкка холуйан мин бастаан Эйигин аахайбатаҕым. Арай көмүлүөк оһох сырдыгар чугаһаабыккар санньыйбыт, сылайбыт харахтаргын уун-утары көрө түһээт “дьик” гына түспүтүм, сыныйан одууласпытым. Ол көрдөҕүм ахсын мин Эн буоларгын сэрэйбитим. Сэрэйбитим уонна дьолбуттан ытамньыйбытым. Үйэм тухары күүппүт дьолум илэ-бааччы кэлбитин уонна… ааһа барыахтааҕын. Ону төһө да биллэрбин, аҕыйах мүнүүтэ устата Эйигин кытары биир муостанан хаамарбыттан, биир салгынынан тыынарбыттан уоскуйбутум. Адаҕайыахтаах арахсыыны, буолуохтаах атаарсыыны төһө да биллэрбин ол биир түгэнинэн, биир чыпчылҕан кэминэн саатар биирдэ толорутук, дьоллоохтук олорорго быһаарыммытым. Онтон атын суол суоҕа даҕаны…
Надежда ПЕТРОВА.
КОММЕНТАРИИ
Бу миигин итинник таптаабыт кыыс аЬара элбэх, онтон уЬуннук дьолломутум суох, эрэй эрэ буолла5а дии.
иирбэккэ эрэ таптыахха наада.
“Corazón espinado Cómo duele, me duele” диэни ейдуур киЬи баара дуу бу сайты енейен керееччулэргэ?
Биир тапталы кэпсиим.
10 кылааЬы бутэрэр са5ана атын оскуолаттан курэхтэЬиигэ хас да хамаанданан кэлбиттэрэ.
Онно волейболга курэхтэЬэ кэлбит биир кыыЬы кереет да сурэхпин ылларбытым. Сытыы-хотуу бэйэм, тапталбыттан тылым матан, кыайан билсибэтэ5им, сураЬан, аатын-суолун эрэ билбитим.
Харахтарбытынан эрэ бэйэ-бэйэбитин булар, ыраахтан тугу-эрэ кэпсэтэр курдук этибит.
Ол оскуолаттан волейболга уолаттар хамаандаларыгар билэр атаЬым баара.
Кэлин ол уол ол кыыЬы кэргэн ылбыт сура5ын истибитим.
Суурбэччэ сыл буолан баран, ол уол олорор беЬуелэгин аттынан туун чугаЬын са5ана ааЬан истэхпинэ, массыынам хардыр5аан барбыта. Онтон ытырыктатан, хонон-ереен, сарсыныгар сырдыкка массыынабын керунэргэ быЬаарыммытым.
АтаЬым уол ханна ыал буолан дьиэлэнэн-уотта нан олорорун ыйдаран, син тиийэн булбутум.
Киирэн кэлбитим – били кыыЬым букунайа сылдьар этэ, дьиэ толору о5о этэ.
АтаЬым куоракка баран хаалбыт эбит, массыынатын илдьэ барбыт буолан, гараЬа хата кураанах турар буолан биэрбитэ, онно массыынабын туруордум, кыЬынны тууну быЬа улэлии туруон кэриэтин “сынньана” туспутэ ордук буолла5а.
О5олор бары аймалаЬан утуйабуттарын кэннэ миэхэ хаЬаайка кыыс кэлбитэ, аттыбар сыппыта.
“Эйигин баччаанна диэри таптыыбын, олус да ер кэтэстим, бу киэЬэ мунчааран олорон, ба5ар, эмискэ эйигин киирэн кэлэрэ буоллар дии саныы сырыттахпына бу кэллин дии, тугун дьиктитэй” диэбитэ.
Сарсыарда сырдыар диэри утуйбакка уураЬа, таптаЬа, кэпсэтэ сыппыппыт.
Сарсыныгар итиччэ элбэх о5ото баарына, харахпытынан эрэ кэпсэтэр буоллахпыт…
Массыынабын керунэн баран, хайыахпыный, бара турда5ым дии. КиэЬэ били атаЬым куораттан кэлиэхтээх этэ – ол кинини кэтэЬиэм дуо?
Уонна ол кыыЬы керсе иликпин.
Ессе биир уолу тереппут диэбиттэрэ.
Ба5ар, мин о5ом буолуо.
Ону билэ тиийиэм дуо?
Биир туун дьол, имэннээх таптаЬыы.
Уонна билиннэ диэри оспот сурэх бааЬа…
“Cómo duele, me duele…”
Олохпор итинник таптал элбэх этэ, ессе да баар буолара буолуо ээ.
Сор5отун кэлин аа-дьуо кэпсиэм этэ, ким-эмэ сэнээрэр буолла5ына.
Таптыыр – дьол.
Таптыыр – сор.
Хайата ордук баЬыйарый?
Бу оптимистическая трагедия диэн буолар.
Онон дьол, биир еттунэн сор.
Оттон ол кыыс табаарыскын таптаабат буоллагына того кэргэн тахса турбутай? Ескетун кини кэргэн тахсыбатага буоллар ойох ылыан этэ дуу? Если честно признаться?
1. “888” диэннэ.
Таптал – дьол дуу, сор дуу буоларын бу диэн чопчу быЬаарар киЬи уескуу-теруу илигэ буолуо ээ.
Мин дерун-дерун кыра кэпсээннэри бу манна таЬааран иЬиэм.
Оттон бутэЬигэр толкуйдаан керуехпут: таптал дьолу дуу, сору дуу а5аларын.
2. Мыына5а.
Оттон бу манна да суруйдахпына сеп дии?
Ол хайдах гынан туспа кэпсээн курдук таЬаарыахпыный? Редакция5а ыытар энин наада быЬыылаах. Кэбис, оннук гынан кербут суох.
3. “Оо дьэ” диэннэ.
Оттон туспа хоско орон танаЬын бэлэмнээн биэрбитэ ээ.
О5олор бэйэлэрин хосторугар утуЬан буккураЬа сыттахтара дии.
Кыра кыыс туун иккитэ-хаста кынкыйдыы сылдьыбытыгар баран уоскутан, утутан кэлбитэ.
Ол кыыс то5о таптаабакка кэргэн тахсыбытын киЬи бэркиЬиирэ суох.
Куустээх эрийсиигэ бэриннэ5э дии.
Уонна дьон барыта таптаан эрэ холбоЬор буолбатах буолла5а дии – олох уустук.
Кэмигэр ессе керсубутум, булбутум буоллар – билигин кэргэним ити кыыс буолуон себе.
4. “123” диэннэ.
“El Corazon espinado” – “Тырытталаммыт сурэх” (“Израненное сердце”) диэххэ сеп.
Оттон “Cómo duele, me duele…” диэни мин “Сурэ5им ыарыытыттан ынчыктыыр” диэн тылбаастыам этэ.
5. Саха5а.
Ээ, сеп, ол “буорту гыммыт” буоллахпына – оттон буруйдаах буолла5ым.
Ол ханна атын сирэйгэ суруйуохпунуй?
6. Биир кыыска.
Олус сепке этэ5ин.
Ол эрээри…
Бу Орто дойдуга таптал са5а ейдуургэ, тобуларга, ылынарга уустук кестуу суох быЬыылаах.
Таптал – туох да логика5а киирбэт, ейунэн кыайан салайыллыбат, ба5анан сатаан хайыЬыннарыллыб ат быЬыылаах.
Ол да иЬин таптал таабырынын баччаанна диэри сууЬунэн мелуйуен сурэхтэр таайа иликтэр, уран тыллаахтар толору быЬаара иликтэр, мындыр ейдеехтер чуолкайдыы, чопчулуу иликтэр.
6. Биир кыыска (салгыы).
Мин санаабар, таптал толору таайыллан бутэр кунугэр киЬи аймах эстэрэ буолуо – искусство, литература (ордук поэзия), иЬирэх ырыа оччо5о сайдар ис теруетэ сутуе.
Таптал баар буолан, киЬи аймах тупса, сайда сатыыр – таптыыр киЬитигэр бэрт буола сатаан, тапталтан дьоллонон дуу, сордонон дуу – ол иэйиитин таЬыгар таЬааран.
Тапталы таайа сатыыр сыыЬа.
Тапталы – бэйэ5инэн тургутуоххун эрэ сеп.
Ессе биир тапталы кэпсиим, утарбат буоллаххытына?
Уерэххэ киирэн баран, куорат кытыытыгар биир самналлыбыт дьиэни ыраа5ынан аймахтарбыттан куортаамнаан олорбутум хас да сылы быЬа.
Ыаллар бары кэриэтэ нууччалар этилэр.
Арай биир сайын тэлгэЬэбиттэн та5ыста5ым аайы чугас ыалбыт кыра кыыЬа мэлдьи оонньуу олорор буолбут этэ.
Миигин керде да, кытар гына туЬэр этэ.
8-9 саастаах быЬыылаах этэ.
Биир кун эмиэ олбуорбуттан тахсыбыппар ол кыыс быраата уол эмискэ бал гыннарда:
– А она тебя любит!
Мин саната суох мичээрдээн кэбистим.
А5ыйахтык хардыылаат, эргиллибитим – кыыс быраатын кэтэххэ биэрэн эрэр эбит.
Сеп буолла5а – сурэ5ин кистэлэнин кэпсээбитин, ол быраата “таннаран”, тыллаан биэрдэ5э дии.
Онтон ыла ол кыыс тэлгэЬэм аанын таЬыгар манаабат буолбута, ол эрээри то5о-эрэ олус чаастатык утары тубэЬэр этэ уонна угэЬинэн кытар гынара.
Кэлин мин кеЬен барбытым.
Уонна аны ол кыысчааны кербете5ум.
Оттон быЬа холуйан 15 сыл буолан баран, “Демьян Бедный” теплоходунан Остоолболорго барар буолбутум, корпоратив курдук – тэрилтэбит уонча каютаны ылбыта.
Мин теплоходка арыый эрдэ тиийэн, трап таЬыгар турунан, киирэр дьону кере турдум.
Арай туох да аЬара кэрэ, намчы, сырдык нуучча кыыЬа биир беден-садан нуучча уолун кытары теплоходка киирэн иЬэрин керен, наЬаа биЬирээтим – эчи, хаамара чэпчэкитин, туттара-хаптара нарынын.
“Я засмотрелся на тебя,
Ты шла по палубе в молчании,
И тихо белый теплоход
От шумной пристани отчалил,
И закружил меня он вдруг,
Меня он закачал…”
Ол кыыс мин диэки керен ааста, оттон иккитэ-устэ хардыылаат, то5о-эрэ тэмтэрийэн ылла, миигин бол5ойон керде.
Кубарыйан ылла быЬыылаа5а.
Ону мин соччо ейдеебетум, бу туох буолла ээ эрэ дии санаатым.
Теплоход куораттан тэйэн эрдэ5инэ, тыалы ыймахтаары уеЬээни палуба5а тахсан турдахпына ол нуучча кыыЬа тиийэн кэллэ.
Били ыалым кыысчаан эбит – миигин биллин дуо, урут ыаллыы олорбуппут диэбитигэр эрэ ейдеетум.
Испэр кулэ саныыр кыысчааным бу улаатан, тупсан, харахтара ча5ылыйан, уостара обугуйан сурдээхтэрин бэркиЬээн эрэ кэбистим.
Кэпсэтэн билбитим – соторутаа5ыта виртуальнай конкурска бастаабыт энин эбит. Онно дьэ ейдеебутум – хаЬыакка, Интернеккэ кербут кыыЬым эбит. Ол са5ана оннук виртуальнай конкурстар сана тэриллэн эрэр этилэр, син сонун этэ.
Теплоходка кэргэнинээн кэлбит этэ.
Ол эрээри ол кэргэнин хаалларан, мин каютабар хоммута…
Ол кыыстыын билиннэ диэри керсебут хаа-дьаа да буоллар.
Ынырдым да – тугу да, кими да быра5ан, тиийэн кэлэр. Улэлии олорор буолла5ына – улэтиттэн кенуллэтэр, киэЬэ дьиэтигэр олорор да буолла5ына – син-биир теле кетен кэлэр.
Кэргэнигэр туох диэн быЬаарарын дуу, быЬаарбакка дуу миигин керсе кэлэрин билбэппин, ыйыта сатаабаппын.
КерсуЬуулэрбитигэр кумах куйаары туораан утаппыт дьон курдук таптаЬабыт, соро5ор кэпсэтэр да бокуой суох буолар – бириэмэбит ыгым буолла5ына, кэпсэтэ-хайыы сатаабакка, уураЬыы, куустуЬуу, таптаЬыы эрэ буолабыт.
Кыайан о5оломмокко сылдьар – кэргэнэ буруйдаах диэбиттэрэ доктордар.
Ол да иЬин буолуо – о5оломмут киЬи диэн наЬаа ыраланар буолбута ыраатта.
Ону мин “эйиэхэ о5о оноробун дуо?” диэбэт буолла5ым – нуучча ыалыгар саха о5ото теруурэ туох аанньа буолуой?
Хаста да миэхэ “О5ото онор” диэбитин аккаастаабытым – оччо5о ыал буолан бутуеххут диэн.
Оттон мин бэйэм кинини билигин кэлэн кэргэн ылбат буолла5ым – хойутаатахпыт дии.
Ол оннук.
Салгыы хайдах буоларбыт буолла – билбэтим.
Итинник таптал – буруй дуо?
Эбэтэр таптыыр – буруй буолбатах?
НэЬиилэ кердеен буллум.
Ким да аахпат буолбут быЬыылаах.
Оччо5о то5о салгыы суруйа сатыамый ээ?
888 диэннэ хоруйум (ба5ар, киирэн аа5ыа диэн):
1. Кэбис, суруйааччылар диэн абытай дьон буолла5а, мин ону кыайбат, сатаабат буолла5ым – уонунан, сууЬунэн страницалаах айымньыны суруйан хачыгыратыы дуу, бэчээттэн бачыгыратыы дуу – саныахха да эрэй буолбат дуо?
2. Ебугэлэрим ырыаЬыт, тойуксут буоланнар, тылым-еЬум син хомо5ой буолла5а дии.
3. Ол эрээри ейтен булар айар – кэмчи.
Баары, буолбуту эрэ суруйуохпун сеп.
4. Таптал эргиллэр эбит – ол туЬунан син элбэ5и биллим да, бу матырыйаалы аны ким да киирэн аахпат буолбутун кэннэ то5о мээнэ кэпсээн сордоно сылдьыахпыный ээ?
women, таптаабат киЬиэхэ субэлиир дебен, таптыыр киЬиэхэ субэлиир туох да туЬата суох эбит…
“Вумен” -на иьээччи киьилиин олорор наьаа эрэй буолуо дии…
Ээ, сеп.
Ытыр5а рубрика баар эбит дии, онно туспа кыра кэпсээннэр курдук таЬаарбыккытын булан кердум.
Итинник кыра кэпсээннэр курдук суруйар буоллахха – суруйан бе5е.
Соло буллахха, суруйа-суруйа ыыталыы олоруом.
2. 555 диэннэ.
Кэргэннээ5им дуу, суо5ун дуу энин туЬунан – ба5ар, кэлин кэпсиэм дии, онон пока куутэ тус, сеп?