Курс валют
$
104.24
1.95
110.2
1.82
Курс валют
Курс валют
$
104.24
1.95
110.2
1.82
Меню
Поиск по сайту

СҮӨҺҮ АҺЫЛЫГЫН БЭЛЭМНЭЭҺИН ТҮМҮКТЭРЭ ХАЙДАҔЫЙ

01.10.2021 08:02 0
СҮӨҺҮ АҺЫЛЫГЫН БЭЛЭМНЭЭҺИН ТҮМҮКТЭРЭ ХАЙДАҔЫЙ

 Бу күннэргэ “Туймаада Агрохолдинг” АУо хаһаайыстыбалара сайыҥҥы уонна күһүҥҥү үлэлэрин түмүктээн кыстыкка киириигэ бэлэмнэнэ сылдьаллар.

Агрохолдинг үрдүнэн барыллаан ааҕыынан уопсайа 6292 т. от бэлэмнэнэн былаан 81,2% туолбут. Ону таһынан 7765 т сиилэс уонна 1154 т сенаж бэлэмнэммит. Ити ааспыт сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ кыра курдук эрээри билигин хаһаайыстыбалар кыстыкка төһө аһылыктаах киирэллэрин чуолкайдаатахтарына ити сыыппаралар уларыйыахтарын сөп.

 Биирдиилээн хаһаайыстыбаларынан ылан көрдөххө, агрохолдинг биир тирэх хаһаайыстыбата “Кладовая Олекмы” ХЭТ окко 1100т былааннааҕыттан балаҕан ыйын 27 күнүнээҕи туругунан 803 т оттоох. Былырыын 947 т оттоох эбит. Онон былаанын 73% толорбут. Онтон “Туймаада” Экоферма ХЭТ икки хаһаайыстыбата былааннарын 81,3% толорон 1950т оттоммуттар. “Бөртө” сылгы собуота ХЭТ быйыл төһө да уустуктар баар буолбуттарын иһин 2580 т оттоон былааннарын 86% толорбуттар. Тааттаҕа баар “Победа” ХЭТ отчуттара быйыл туруулаһан туран оттоон былааннарын 94,2% толорбуттар.

 

 Агрохолдинг хаһаайыстыбалара бородууксуйаны ылыыга төрүөт буоларын быһыытынан сүөһүнү иҥэмтиэлээх аһылыгынан хааччыйыыга болҕомтолорун күүскэ уураллар. Ол курдук хаһаайыстыбалар быйыл сиилэс угуутугар балачча үлэлээбиттэр. Ордук таһаарыылаахтык “Кладовая Олекмы” хаһаайыстыбата үлэлэспитэ көстөр. Бу хаһаайыстыба 2688т сиилэс уган былаанын 149,3% толорбут. “Туймаада” Экоферма 2497 т сиилэс укпут. Бу тэрилтэ былаанын 80% толорбут. Ол оннугар “Бөртөлөр” быйыл мөлтөөн биэрбиттэр. Бу хаһаайыстыба билиҥҥитэ 700т сиилэстээх. “Новай” Совхоз” ХЭТ отторугар көрдөрүүлэрэ соччото суох курдугун иһин сиилэскэ балайда үлэлэспиттэр. Ол курдук бу тэрилтэ отчуттара быйыл 1430т сиилэс укпуттар. “Победа” ХЭТ былаанын 100% толорон быйыл 450 т сиилэстэммит.

 Итини тэҥэ хаһаайыстыбалар сенаж бэлэмнээһинигэр эмиэ ылсан үлэлииллэр. Бу хайысхаҕа “Кладовая Олекмы” ХЭТ 640т сенаж бэлэмнээбит, Бөрте сылгы собуота ХЭТ 344 т, “Победа” ХЭТ 170 т сенажтаахтар.

 Дьэ ити курдук “Туймаада Агрохолдинг” АУо хаһаайыстыбалара от хампаанньатын түмүктээбиттэр. Биллэн турар ити сыыппаралар балаҕан ыйын 27 күнүнээҕи чахчыларынан ылан сурулуннулар. Бу күннэргэ чопчулааһын ыытылла турар. Онон сыыппаралар уларыйыахтарын сөп.

***
Прокопий ХАБАРОВ 

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»