Курс валют
$
96.07
1.17
105.11
1.4
Курс валют
Курс валют
$
96.07
1.17
105.11
1.4
Меню
Поиск по сайту

САЙЫҤҤЫ, КҮҺҮҤҤҮ ҮЛЭЛЭР ТҮМҮКТЭННИЛЭР

06.10.2023 09:06 1
САЙЫҤҤЫ, КҮҺҮҤҤҮ ҮЛЭЛЭР ТҮМҮКТЭННИЛЭР

Күһүҥҥү күннэр үксээннэр кыстыкпыт кэлэр сибикитэ күн-дьыл аайы элбээн сайыҥҥы, күһүҥҥү үлэлэр түмүктэрин бэрийэр кэм үүннэ. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да үтүө сайын туран от да оттонно, күһүн да уһаан хомуур үлэтэ түмүктэнэн эрэр.

“Туймаада” Агрохолдинг АУо хаһаайыстыбалара быйыл сайыҥҥы-күһүҥҥү үлэлэрин үчүгэйдик түмүктээтилэр.

Хампаанньа окко быйылгы былаана 7620 тн буоллаҕына, хаһаайыстыбалар кимиилээхтик оттоон былааннарын 112% толорон билиҥҥи ааҕыынан 8573 тн оттоохтор. Хаһаайыстыбаларынан биирдиилээн ылар буоллахха маннык буолан тахсар:

Кладовая ОлекмыХЭТ былаана 820 тн. Былырыыҥҥы сайын уулаах, ардахтаах сайын буоллаҕына, быйыл от үүнүүтэ үчүгэй уонна бу быһаарыылаах үлэҕэ тэрээһиннээхтик киирэн былааннарын 145,8% толорбуттар. Онон кыстыкка 1195 тн оттоох киирэргэ суоттаналлар.

ТуймаадаЭкоферма ХЭТ  отун былаанын 110,7% толорбут. Бу тэрилтэ 2500 тн оттуохтааҕын 2767 тн оттообуттар.

Онтон Бөртесылгы собуотахаһаайыстыба сылгыта, сүөһүтэ элбэҕинэн хампаанньаҕа эрэ буолбакка бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр хаһаайыстыба. Бу хаһаайыстыба үлэһиттэрэ төрүккүттэн отчут буолан быйыл да оту хото оттообуттар. Ол курдук 3000 тн от былааннаах буоллахтарына күһүҥҥү ааҕыынан 3448 тн оттоох олороллор. Онон былааннарын 114,9% толорбуттар.

Новай СовхозАУо ото сэмэй соҕус, билиҥҥи туругунан бу хаһаайыстыба 123 тн оттоох. Ол эрээри бу хаһаайыстыба агрохолдиҥҥа киирэрин быһыытынан хампаанньаҕа киирэр атын хаһаайыстыбалартан от булунуон сөп.

ПобедаХЭТ окко былаанын эмиэ аһара толорбут. Ол курдук 1000 тн от былааннаахтарын 1040 тн оттоон туруоруллубут соруктарын аһарбыттар.

Агрохолдинг салалтата хаһаайыстыбалар иҥэмтиэлээх аһылыгынан хааччыллыыларыгар болҕомтотун күүскэ уурар. Ол түмүгэр бааһыналар сыл аайы кэҥэтиллэ тураллар. Министиэристибэ бырагырааммаларынан сир тупсарыллар, күрүө-хаһаа саҥардыллар. Араас культура көрүҥүн ыһан онтон өлгөм үүнүүнү ыларга дьулуһаллар. Билиҥҥи туругунан  хаһаайыстыбалар бары сиилэс угуутунан, сенаж бэлэмнээһининэн дьарыктаныыны кэҥэтэ тураллар. Агрохолдинг үрдүнэн быйыл 9042 тн сиилэс угуллуохтаах. Бу хайысхаҕа ордук хотуулаахтык “Бөртө” сылгы собуота” үлэлэспит.

Быйылгы сылга бу хаһаайыстыба 2050 тн сиилэстээх. Онон былаанын 128,1% толорон агрохолдинг хаһаайыстыбаларын ортолоругар бастаан иһэр.

Онтон сенаж бэлэмнээһинигэр “Туймаада Экоферма” ХЭТ кимиэхэ да иннин биэрбэккэ 410 тн оҥоруохтааҕын 770 тн сенаһы бэлэмнээн былаанын 187% толорбут. Бөртөлөр да сенаж бэлэмнээһинигэр куһаҕана суох үлэлээн 1100 тн сенаж бэлэмнэммит. Былаан 110% туолбут. Онтон ПобедаХЭТ сенаж бэлэмнээһинигэр былааннарын 100% толорбуттар.

Ити сыыппараларынан көрдөххө “Туймаада” Агрохолдинг хаһаайыстыбалара кыстыкка толору астаах киириэхтэрэ. Билигин хотоннор, ис-тас оборудование өрөмүөннэнэн кыстыкка толору киириигэ бэлэмнэнии үлэтэ бара турар.

***
Прокопий ХАБАРОВ 

Обсуждение • 1

Добавить комментарий
  1. Ник

    куьунну киьи кулбутунэн

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»