Курс валют
$
92.51
0.79
98.91
0.65
Курс валют
Курс валют
$
92.51
0.79
98.91
0.65
Меню
Поиск по сайту

“Хаһан этэй… кураан дьыл”

07.03.2023 08:12 0
“Хаһан этэй… кураан дьыл”

@Aartyk.ru телеграм-каналбытыгар элбэх киһи суруйар. Ол онтон быһа тардан бэчээттиибит. Эһиги эмиэ бэйэҕит олоххутуттан араас көрүдьүөс түгэннэри суруйан ыытыаххытын сөп.

– ЗАГС. Үлэлии олоробут. Икки саастаах дьон киирдилэр.

-Холбоhуохпут  этэ, урут холбоhон баран арахсыбыппыт (ол тухары бииргэ олороллор). Коллегам сайабылыанньаларын толоро олорон ыйытар: “Хаһан арахсыбыккытый?” /ити пуун булгуччу  толоруллар/ О5онньор тиэрэ туhэн баран уордайыахча: “Ээ билбэппин,  эhиги араарбыккыт дии!”.

  Коллегам: “Оттон сылын эт ээ”. Оҕонньор: “… Ол сайын кураан турбута”.

Ону баара бу дьон 90-с сыллар саҕаланыыларыгар арахсыбыттар эбит. Оччолоргобиһиги саҥа оскуоланы бүтэрбит дьон буоллахпыт.  

 Онтон кэннилэриттэн  биир билэр кыыhым сүүрэн кэриэтэ  киирдэ  уонна миэхэ: “Түргэнник  сайабылыанньата толорууй,  мин арахсыам  этэ! Холбоhуубут  били кураан  сайын  этэ! “.

Мин айахпын атан баран соһуйан олоробун. Кыыһым күллэ  уонна этэр: “Ээ,  аан таһыгар олорон истэн ити дьонтон  дэлби күллүм,  сценка курдук дии!”.   Кулустубут аҕай.

***

Биирдэ ыраах дэриэбинэттэн сылдьар таайым куоракка көрдөрүнэ диэн киирбитэ. Көхсүгэр улахан искэн үөскээн, операция анаабыттар этэ. Ийэм арыаллааччы, суол сирдэччи буолан, балыыһаҕа өрүү сылдьыһара.

Хирург таайбыттан ыйытар үһү:

– Бу искэниҥ хаһан тахсыбытай?

Онуоха киһибит кэтэҕин тарбанан баран:

– Анды саҕана, – диэн дэлби күллэртээбит этэ.

***

@Aartyk.ru телеграм-каналтан,

суруйтарыҥ, араас сонуну тута билиҥ, дьүүллэһиҥ, ырытыһыҥ! 

 

 

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»