Курс валют
$
101.91
0.38
105.05
0.04
Курс валют
Курс валют
$
101.91
0.38
105.05
0.04
Меню
Поиск по сайту

Улуус номохторо, үһүйээннэрэ. АТТАН КУТТАММЫТ (Өймөкөөн)

19.10.2023 08:35 0
Улуус номохторо, үһүйээннэрэ. АТТАН КУТТАММЫТ (Өймөкөөн)

Төрүккэ, уруккута Икки Ампаар диэн сиргэ, 8 кылаастаах оскуолаҕа үлэлии сылдьан, ол-бу сир-дойду иччитин туhунан дьону кытта сэhэргэhэр этим, ол иhигэр биир маннык кэпсээни олохтоох, сааhын тухары наар сылгыhытынан үлэлээбит Варлам Сивцевтэн истибитим.

Быйыттаах диэн сиртэн айан суолугар тахсарга былыргы бабаарына турар сиригэр оттуу сылдьыбыт. Ол өтөх дьиэтигэр хоно сыттаҕына, дьиэ сибиэнэ (абааhыта) сүгүн утуппатах. Ону өсөhөн, иччи холдьохпутун утарсан, миинэр атын дьиэҕэ сиэтэн киллэрэн, таhыгар баайан кэбиспит. Сибиэн сүтэн, биллибэккэ, Варлам ол түүн этэҥҥэ утуйбут, хонон турбут.

 

***
Егор Петрович Новгородов (1930). Өймөкөөн улууhа, Томтор бөhүөлэгэ. Учуутал. 1982 с. суруйан биэрбитэ. Багдарыын Сүлбэ «Талыллыбыт үлэлэр» кинигэтиттэн

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»