Үгүлээт төрүттэниитэ (Бүлүү)

Үгүлээттэр тоҥус төрүттээхтэр. Төпүрүүн диэн. Онтон эбиллибиттэр Наахара аҕатын ууһа, Дьаархан а5атын ууһа. Дьаарханнар – Марха быстахтара. Хааһыналарын онно киирэн төлүүллэр үһү. Тоҥус аҕатын ууһа.
Онон онтон-мантан самсанан, киэҥ, улахан нэһилиэк буолбут.
Быстах Үгүлээт диэн сороҕо Торуой Күүлэт арҕаа, хоту өттүгэр олорбуттар. Кинээстэрэ – манна. Торуойун диэн быычыкаан. Орто Бүлүү Тааһаҕарын быстаҕа. Эмиэ Орто Бүлүүгэ хааһыналарын төлөөн олорбуттар. Булдугар-аһыгар тартаран, олорон хаалаллар уонна аҕа ууһун төрүттүүллэр.
***
Багдарыын Сүлбэ «Талыллыбыт үлэлэр» 6-с кинигэтиттэн
Оставить комментарий