Тыал утары силлээмэ
Тыал утары силлээмэ – силиҥ сирэйгэр түһүө диэн саха мындыр өс хоһооно баар. Ол аата – норуоту сэнээмэ, сиилээмэ, киниэхэ силлээмэ диэн сэрэтии.
Саха сирин салалтата, онто да суох сап саҕаттан салҕанан, ситим саҕаттан силбэһэн олорор тыа сирин дьонун барахсаны сэнээн, көөчүктээн ууратаары туран “уураппаппын” диэн быыбар иннинэ алы гынан албыннаан баран, биэрбит тылын толорботоҕо эппиэтинэстээх кэмҥэ бэйэтигэр эргийэн кэллэ.
Балтараа сыллааҕыта Правительство “202-с дьаһала” диэн ааттаах, бюджет үлэһиттэрин үлэлэриттэн ууратар былаан элбэх киһини аймаабыта. Саха дьоно барахсан, ордук тыа сиригэр олорооччута, бюджеттэн эрэ хамнастанан айаҕын ииттинэн олорор эбээт. Ыксаамына.
Дьон аймаммытын кэннэ, Ил Дархаммыт “урукку куһаҕан правительство куһаҕан дьаһалын” көтүрэн, штаты сарбыйыы улуус уратытыттан көрөн оҥоһуллуо диэн эрэннэрбитэ. Онтубут туолбата. Сарбыйыы син биир былааннаммытынан барда. Суола-ииһэ суох кытыы нэһилиэктэр балыыһаларын саптылар, орто, аллараа медперсоналы суох онордулар. Хас биирдии сыыппара кэннигэр – киһи, ыал дьылҕата. Үлэтэ суох киһи олоҕо туох аанньа буолуой.
Сотору аны үөрэх эйгэтин, олохтоох бэйэни салайыныы үлэһиттэрин сарбыйыы буолаары турар. Үлэтэ суох киһи ахсаана күн-түүн элбии турар. Саха сирин 20 бырыһыана, бэлиэр, дьадаҥы араҥатыгар киирдэ. Ити официальнай сыыппара, дьиҥ иһэ өссө элбэҕэ сэрэйиллэр.
Норуоту утары силлээмэ – силиҥ бэйэҕэр түһүө дэниллибитин курдук, норуот тулуура тууйуллан тоҕо баран эрэр. Ол курдук, правительство отчуоттарын “икки” сыанаҕа сыаналааһын олус дэлэйдэ. Дьон сабатаастаан кэлбит тойону-хотуну урукку курдук алаадьынан айах тутан көрсөрө аны уурайда. Бэлэм остуолга сылдьар тойон-хотун онтон соһуйда, уолуйда. Наар аанньа албынныы, үктэннэрэ сылдьыахпыт диэн эрэнэн эрдэхтэрэ. Дьон-норуот син өйдөнөр да кэмэ кэллэ ини. Тулуур – бүтэр уһуктаах, харах – аһыллар кэмнээх.
Ол курдук, Сунтаар, Чурапчы, Кэбээйи сорох нэһилиэктэригэр баһылыктыын, норуоттуун үөс-батаас, ыарахан тыллар салалтаҕа этиллибиттэр. Сорох-сорох тойон-хотун баһылыктары дьоннорун “бэлэмнээбэтэхтэрин”, “ас тардыбатахтарын” иһин үөһээ салалтаҕа салгыы үҥсүөх буолан сааммыттар.
Бөгдьөгөрү иинэ эрэ көннөрөр.
Дуоһунас кэлэр уонна барар.
***
Aartyk.Ru
Маннык буолуохтаа5а биллэр этэ, туох да былаан суох, онорон таhаарар кыах олох буттэ, наар бюджет урдугэр олордон кэллилэр.
Грудинин быыбарыгар албыннаппатах буоллар, дьэ кыhыы, Губарев уонна хомуньуустар син этэ сатаабыттара, билигин кэлэн тыалы утары силлээмэ дьиэ суох этибит, дьэ Аны туох диэн албыннаан ууттан ыраас тахсалларын куутэбит. Норуоту ама эмиэ, кыhыыта диэн былаас уорэммит, норуот дьэ хайыыр. Онтон бу кыыс Син сопко суруйар.
Албын-көлдьүн Ил Дарханы Айсены оставкаҕа ыытарга уолдьаста! Конституцияҕа уларыйыылары утары куоластаан, Ил Дархаммыт уурайарын түргэтэтиэххэ. Норуотун көмүскээбэт Ил Дархан наадата суох!
Ха, бу Туйаара хайдах буолла хара сарсыардаттан??
Саха сирэ конституцияны 100% утарыахха! Туох диэн уктэннэрэллэрин этэбин да? Нууччалар, государствообразующай аатыраарылар син биир ылыныахтара, онон сахалар ол 0,5% куоласпытын за биэрэн, кыыьырдымыахха, син биир ылыллар тугу утарыман диэхтэрэ. Ол эрэн баарбытын биллэрэн чыып диир куммут тирээтэ. Сотору сирэ, республиката суох инородец аатырарбыт кэлэн эрэр.
Грудинин быыбарыгар албыннаппатах буоллар, дьэ кыhыы, Губарев уонна хомуньуустар син этэ сатаабыттара, билигин кэлэн тыалы утары силлээмэ дьиэ суох этибит, дьэ Аны туох диэн албыннаан ууттан ыраас тахсалларын куутэбит. Норуоту ама эмиэ, кыhыыта диэн былаас уорэммит, норуот дьэ хайыыр. Онтон бу кыыс Син сопко суруй
Ер баартыйа барахсан эстэр суолун тобулла, наhаа да боростуой эбит
Бары тахсыах этигит биир ньыгыллартан.
Государствообразующай буолуу диэн бастакы эрэ хардыы. Иккис хардыы республикалары эһии. Онон утары куоластыыбыт!
Дьэ өйдөнөн эрэллэр эбит.Ырыа үҥкүү аҕыйаабыт айах тутар эмиэ.Нерюнгри пенсионердара сууттаспыттара ыраатта.Мин 5-сыл тахсан баран аахтарбытым 300,0т.солк. биэрэллэр диэн этэ Ол перерасчет севернай стаж райкоэфф. уруккуннан ааҕыллыыта.Билигин олох да ыраатта ини.Ону кыра ычалаах аҥала дьон Ол омуктар иҥсэлэригэр сууттаһаллар дииллэр.Хара балыыр баттабыл дии.Ол иһин манна ким көрсүбэт быыбардаабат да сээдьэлээбэт.Кумалаан бардаххытына өйдөнөргүт дуу ону да суукка харчы кыайар.
Хомуньуустар барахсаттар 20. сыл устата этэ сатаатылар, ону кулуу элэк оностон кэлбиккит, утэhэ5ит дьэ туолар ини, ити Губарев о5онньор барахсан этэн тфынан биэрбэтэ дьии баhылык буолаары, ону ойдооботоххут, ойдооботоххут.