Туһалаах сүбэлэр. УКСУУС ТУҺАТА
Уксууһу хаһаайыстыбаҕа туһалааҕынан “көмүс убаҕас” диэн ааттыыллар.
1. Эт кырбыыр дуосканы микробтан ыраастыыр;
2. Дьаабылыка уксууһун (1 кыра ньуоска) биир ыстакаан ууга суурайан күөмэйи сайҕаннахха, ыарыыта намырыыр;
3. Баттах хоһоҕолонор түгэнигэр уксуустаах уунан сайҕанар туһалаах;
4. Хромтан оҥоһуллубут дэтээллэри кылбачытарга туттуллар;
5. Сымыыты төкүнүктүү буһарарга уксуус куттахха хайыта барбат;
6. Оҕо иигин көбүөртэн ыраастыыр;
7. Сүөһү түүтүттэн куһаҕан сыты, быты, былахыны суох оҥорор;
8. Тымныыга массыына түннүктэрэ кырыарарын уксуустаах уу (3:1) тохтотор;
9. Таҥаһы сайгыырга ууга уксууһу эптэххэ, таҥас сымныыр;
10. Рис куруппа буһарыгар хааһы буолбатын туһугар, уута оргуйдаҕына кыра ньуоска уксууһу куталлар;
11. Духуопка истиэнэтигэр арыы сыстыбатын инниттэн уксуустаах уунан сотобут. Бу, иккиһинэн, микробтары өлөрөр;
12. Лаахтаах атах таҥаһын килэбэчитэргэ тутталлар;
13. Хос иһэ куһаҕан сыттаннаҕына уксуустаах миискэни хас да чааска туруоран салгыны ыраастыахха сеп;
14. Сыстар кумааҕы силимин араас сыыстан уксууһунан ыраастыахха сөп.
***
Aartyk.ru
Оставить комментарий