Сыырдаах «тропига»
Фейсбукка суруналыыс Дмитрий Аргунов чээлэй күөх салат быыһыгар турар хаартыскатын көрөн сөҕөн-махтайан баран мин эмиэ “хачуха” диэн буолла. Дима бэрт тургэнник анал дьону кытары кэпсэтэ-ипсэтэ охсон баран: “Баран көр, ээ”, – диэтэ.
Көҥүл ылбыт киһи быһыытынан, ол гынан баран син биир Аргунов онно туох сыһыаннааҕын баччааҥҥа диэри өйдөөбөтүм да буоллар, субуота күн Сыырдаахха сырылаттыбыт.
Үс Хатыҥ кэнниттэн айан суолун уҥа өттүгэр “Тулагы-Киллэм нэһилиэгэ” диэн үс суон остуолбаҕа сурук суруллан турар. Ойуунускай Дойдутун огото Дорогуунап Ньукулай Тулагы дьоллоох томторугар, Киллэм кэтит хонуутугар үөскээн-төрөөн ааста этэ дуу? Сыырдаах дэриэбинэтигэр киириигэ хаҥас диэки үс баараҕай тэпилииссэ дьэндэһэн турар. Айан дьоно харахтарын хатаан аастахтара ахан.
Билигин даҕаны бу баараҕай тутуу тула айдаан, күө-дьаа саҥа-иҥэ элбэх. Туһатын-туһата суоҕун ырытыы уҕараабат. Ол да буоллар, объект тутуллан, дьон үлэлээн, үүнээйи үүнэн, тарҕатыллан-атыыланан суолун торуммут курдук. Экологическай ыраас үүнээйи туох куһаҕаннаах буолуой, дьиҥинэн. Араас атараабабыт онто да суох элбэх.
“Саюри” тэпилииссэ комплексын инвестора үс: “Алмазэргиэнбанк” АКБ АО, “Хоккайдо Корпорэйшн” АО уонна Дьокуускайдааҕы “Горснаб” ГУТ. Тэпилииссэ хаһаайына “Саюри” хаарчахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ, генеральнай дириэктэрэ – Дмитрий Захаров, түөрт учредителлээх – “Горснаб” ГУТ (51%), “Фонд развития Дальего Востока и Байкальского региона” АО (37,64%), “АЭБ” АКБ АО (9,48%), “Хоккайдо Корпорайэшн” АО (1,88%).
Тэпилииссэлэри Тимир диэн ааттаах агроном уол арыаллаан көрдөрдө. Кыра уҥуохтаах уол, тыла суох үүнээйилэри кытары үлэлиир киһи сиэринэн, саҥата эмиэ кэмчи, нап-наҕыл, дьоп-дьоһуннаах. Тэпилииссэ уутун-хаарын, уоҕурдуутун, туорпатын, кирээдэлэрин, уотун-күөһүн биир кэм түһүүтэ-тахсыыта суох куолаһынан кэпсии-кэпсии объектан объекка хааман лыбыгыратар. Кэнниттэн сырса сылдьан үтүмэн ыйытыы кутан-симэн иһэбит. Агрономмут сороҕор хардарар, сороҕор мунаахсыйдаҕына “коммерческай отделга”, “проектировщиктарга”, “салалтаҕа” ыыталыыр.
Көҕөрчү көрбүт киһибитин тиһэҕэр хамсата сатаан “омук быһыылааххын” диэн уорбалаатыбыт. Уолбут онуоха сирэйэ-хараҕа сэрэхэдийдэ уонна “олох олохтооҕун” туһунан андаҕайда, араспаанньам “Иванов” диэтэ, Москваҕа Тимирязевканы бүтэрбитим, Японияҕа гидропоника тэпилииссэтигэр үлэлээн стажировкаламмытым диэтэ . Комплекс толору үлэҕэ киирдэҕинэ 35 тыһыынча солкуобай хамнаска 30-40-ча овощевод наада, өссө икки агроном наада диэтэ. “Кытайдары ылаҕыт?” – “Суох, олохтоохтору”. Хата.
Үүнээйилэригэр билигин ууларын таһаллар эбит, кэлин скважина хаһан хааччыныахпыт диир. Уоҕурдуу куулларыгар “Уралхим” диэн сурук көстөр. Тимир: “Барыта кэриэтэ российскай уоҕурдууну туттабыт”. Комплекс уутун-уоҕурдуутун, уотун, сылааһын-итиитин, углекислай гааһын – барытын дьоҕус дьааһыкка турар искусственнай интеллект хонтуруоллаан, төһө-хачча ханна туох наадатынан ыйан-кэрдэн, ситэрэн биэрэр эбит. Агроном истиэнэҕэ сааллан турар дьааһыгы имэрийэр.
Салат үүнэр тэпилииссэтигэр киирэ сырыттыбыт. Сииктээх, сылаас тропическай салгын кууһан кэбистэ уонна киһи хараҕын сылаанньытар чээлэй күөҕэ… үчүгэйиин! Уһун кыһынтан сылайбыт дьоҥҥо эмискэ сайыҥҥа умсуу сүргэни көтөхтө. Чыычаах ырыата эрэ тиийбэт.
Салаты туорпалаах ыстакааҥҥа уган үүннэрэллэр эбит. Сотору атыыга тахсыаҕа диэн Тимирбит эрэннэрдэ. Бу маннык ыстакааннаах салаты ылан баран холодильникка уктахха уонча хонук сибиэһэй турар үһү. Онтон ууга уктахха салгыы үүнэн барар диир. “Салаты кэмигэр быһар ордук, мастыйдаҕына амтана хабаххай буолар” – “Икки миэтэрэҕэ диэри үүннэрбэппит?”. Төбөтүн быһа илгистэр.
Атын тэпилииссэлэргэ томат уонна оҕурсуу олордоору бэлэмнии сылдьаллар. Биир оҕурсуу сиэмэтин анал иһиккэ уган баран уу шлангатын холбууллар эбит. Үлэ бөҕө. Биһиги көрдөхпүтүнэ иһиттэрин “буора” изовер.
“Анал стекловата”, – диэтэ, эмиэ хантан эрэ атыылаһан аҕалаллар эбит. Теплицэлэрэ шторалаах, лаампалардаах. “Оҕурсууга эрэ элбэх уот наада, томат арыыйда сөрүүн уонна хараҥа сиргэ үчүгэйдик үүнэр”, – диэн быһаарар.
“Оттон дьэдьэммит?” – ирдэһии буолла. “Баҕа санаабытыгар баар, кэлин кэҥээтэхпитинэ олордуохпут”. “Хаһан?”. Ыгдах гынар.
Уопсайынан, компекс барыта үлэҕэ киирдэҕинэ куорат уокуругун 30% хааччыйар кыахтаахпыт диэн агроном уол этэр. Билигин детсадтарга оҕурсуу барар эбит. “Оҕолор оҕурсуу сииллэр дуо?” – “Билбэппин… Сороҕо маҕаһыыннарга атыыга тахсар”, – диэтэ.
Урукку тэпилииссэлэригэр оҕурсуу уга бөҕө. Амсатыыга диэн оҕурсуу сиэттэ. Амтана астык, сүмэһиннээх, сыта дыргыйар. Дьиҥнээх. Кинилэртэн ылар буоллахха киилэтэ 250 солк. эбит. Маҕаһыыннар, биллэн турар, бэйэлэрин ирээттэрин эбэн атыылыыллар. “Хаһан бэйэҕит быһа атыылыыр буолаҕыт?” – “Сотору”…
Онон Сыырдаах “тропига”, туох да диэбит иһин, бэрт баҕайы эбит.
“Саюри” тэпилииссэ бастакы түһүмэҕэ үлэҕэ киирбитин кэннэ 2016 сыллаахха 1024 кв. м сиртэн 16 туонна томат, 30 туонна оҕурсуу хомуйбуттар. Билигин “Горснаб” дьыссааттарга күҥҥэ 100-150 киилэ оҕурсууну тиэйэн илдьэн тарҕатар.
Саҥа тэпилииссэҕэ күн аайы 800 устуука салат олордуллар, муус устар ортотуттан атыыга тахсар. 4 блокка 22 тыһ. устуука оҕурсуу рассадата олордуллубут. Ыам ыйыгар бастакы оҕурсууларын быһыахтаахтар. Бэс ыйыгар диэри оҕурсуу олордоллор, онтон от ыйыгар дьон дачаларын оҕурсуута ситиитэ тохтууллар. Ол кэмҥэ аны помидор олордуохтаахтар. Онтуларын аһын балаҕан ыйыгар хомуйуохтаахтар.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Наһаа үчүгэй дьии. Ылыа этибит аҕай. Главное, здоровое питание. Саҋдан иһин. Олус туһалаах. Салат натуральнай туһата олус эльбэх. Отой доруобуйаны тупсарар
КэтэЬиэхпит атыыга тахсарын
Туйаара эмиэ маладьыас, учугэйдик быЬааран кэпсээбит
Во, дьэ, ити буолар – САХА ОҔУРУОТУН АҺА диэн! Аны САХА-ФРУКТА кэтэһэбит!
Бастакы Президент Николаев М.Е сууhунэн млн долларов Ханаласка туттарбыт теплай теплицалара тоhо огурцуну, помидору ууннэрэн атыылыы сылдьалларый, бутун Республиканы хааччыйыах буолан Уруй-Айхал буолбуппут, ханна баарый.
Ол хас суус мелуйуен доллары ороскуоттаабыттарын дакаастаан суруй ээ 😄
Эбэтэр кураанах куолуЬуккун дуу? 😄
Бу эйигин уон агыс миллиард доллары уоран сиэбитэ дииллэр, оннук буотах диэ ээ 😄
Маҕаһыыҥҥа атыыланар сыаналарыгар, “10%-тан үрдэтиэ суохтааххыт, сельхозпродукцияҕа”,- диэн тутуһуллара буолуо дуо? Биһиги маҕаһыыннарбытыгар сымыыттарын үрдүттэн 8 солк. атыылыыллар,7 солк. ылбыттарын. Бэҕэһээ биир маҕаһыыҥҥа 7.70 солк. сыананы көрөн үөрбүтүм, тутуһар маҕаһыын баарыттан.