Сунтаар Элгээйитигэр улуустааҕы Ыччат спартакиадата буолла
Бэс ыйын 8 күнүгэр, Элгээйи нэһилиэгэр улуустааҕы ыччат спартакиадата буолан ааста. Күрэхтэргэ уопсайа 9 нэһилиэк хамаандата: Элгээйи, Сунтаар, Аллана, Кириэстээх, Сиэйэ, Илимниир, Кундэйэ, Хоро ону таһынан ИДьМ салаатын хамаандата кыттан, күүстэрин-уохтарын тургутан көрдүлэр.
Курэх биэс көрүҥүнэн барда. Ол курдук – мэһэйи туораан сүүрүү, сыал ытыыта, көрдөөх эстафета, үс төгүл үс уонна футбол тургутта.
Тыҥааһыннаах күрэстэһии түмүгүнэн 1 миэстэ Аллаҥа нэһилиэгэр тигистэ, Кубогынан уонна үс миэстэлээх палатканнан наҕараадаланнылар, 2 миэстэ Элгээйи нэһилиэгэр барда, “Байкал” диэн пневмтическай бистэлиэти ыллылар, 3 миэстэ Күндэйэ нэһилиэгэр тигистэ, 3500 солкуобай суумалаах Сертификат тутуурдаах дьиэлээтилэр.
Күрэс олус сэргэхтик, көрдөөхтүк уонна чиэһинэйдик ааста. ИДьМ хамаандатыгар махтаныах этибит, биһиги күрэхпитигэр кэлэн кыттан тыҥааһыны күүркэппитигэр.
***
«Сунтаар улууhа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата,
Ыччат политикатын отдела.
Оставить комментарий