Курс валют
$
73.13
0.01
85.18
1.11
Курс валют
Курс валют
$
73.13
0.01
85.18
1.11
Меню
Поиск по сайту

«Нэдиэлэ» диэн сахалыыта – «Күннүк»

13.04.2026 10:12 1
«Нэдиэлэ» диэн сахалыыта – «Күннүк»

Былыргынан буоллаҕына нэдиэлэ диэн – Күннүк диэн. Ольга Иванова ыллыыр «Амма эбэм»  ырыатыгар: “Күннүк сиртэн көҕөрөн көстөр үрдүк ыраах хайалардаах», – диэн тыллар бааллар. Ол аата биир нэдиэлэ айаннаан тиийэр ыраах сиртэн көстөр диэн.


Өс хоһооно: “Күнү күннүктээн сытар”. Күннүк диэн биир өйдөбүлэ Өрөбүл күнү эмиэ маннык ааттыахха сөп. Нэдиэлэ бүтүүтэ, түмүгэ, сынньанар күн диэн. Ол аата тугу да гыммакка күнү быһа сытар диэн.

Бу ааттар былыргы биһиэхэ умнуллубут итэҕэлбит Аан Дойдуга барыта биир төрүттээҕинэн сорох омуктарга ол умнуллубакка хаалбытыттан тахсаллар.

Күннүк Күн күнэ Sunday бу Англияҕа хаалбыт. Ордук сөп түбэһэр Франция киэнэ, ис хоһоонноро да биир. Нэдиэлэ күннэрин ааттара бу Сиртэн көстөр планеталар уонна Ый ааттарынан. Ол дьэ «сахалыы сиэринэн олоруохха» диир буоллахха, оруннаах күнүнэн дьарыгынан сааһылаах.

Холобур, понедельник Monday Ый Күнэ диэн – Ыйынньы. Ыйар, кэрдэр, былааннанар, ыйытар да күн. Ыллыҥ да аан күн диэн тоҕо түһэн үлэлээн барбаккын, ол аата саха сиэринэн анаан былааннанар ааспыты түмүктүүр күн.

Вторник эмиэ туохха ханыы буолуой. Ханыы диэн пара диэн киһиэхэ эр-ойох, кыылларга сүөллэргэ тыһыта-атыыра диэн. Олох атын суолталаах тыл. Вторник Tuesday Айыы Хаан Марс планета күнэ Айынньы, Хаанньы да буолуон сөп. Дьэ тоҕо түһүүлээх үлэ саҕаланыыта.

Среда Wednesday Меркурий Одун Хаан күнэ Одуну. Оҕо төрүүр курдук үлэ сыала-соруга көстөр биллэр буолан барар. Четверг Thursday Юпитер Улуу Тойон күнэ Тойонньу. Быһаарыылаах үлэни түмүктүүр күн. Пятница Friday Венера Иэйиэхсит күнэ Иэйинньи. Дьиэ-уот көрүнэр сааһыланар күн. Субуота Saturday Сатурн Улуу Суорун күнэ Суорунньу. Бу дьэ биир суолтата сүрдээх буолан аата да, суолтата да сахаҕа умнуллубакка хаалбыт күн. Билсии-көрсүү, эр-ойох кэпсэтии күнэ.

***

Утуман Таман

Обсуждение • 1

Добавить комментарий
  1. Утуман

    Дъиҥэр бу сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох Сир Дойду киһи аймах хамсыыр харамай үүнээйи хайдах үөскээбиттэрин быһаарыы кэпсээн сылдьар, кэнэҕэски дьон умнубатыннар диэн буолуо. Ону биирдэ сотон кэбиһэр кыаллыбата буолуо. Бастатан туран Күннүк диэн Күн Тиһигин иһигэр туох суолталаах буолбут түгэннэр буолбуттарын туох кэнниттэн туох буолбутун ол түмүгэр киһи аймах хамсыыр харамай үүнээйи уонна Орто Дойду Сир олоҕо да олоччу саҥаттан үөскүү эргийэ туралларын кэпсиир.

Оставить комментарий