Курс валют
$
102.81
0.63
106.1
0.15
Курс валют
Курс валют
$
102.81
0.63
106.1
0.15
Меню
Поиск по сайту

Мэхээлэ көҥүлэ суох халлааҥҥа дайар

14.07.2018 13:15 4
Мэхээлэ көҥүлэ суох халлааҥҥа дайар

Быыбар аайы баартыйатын уларыта сылдьар Мэхээлэ Ээбиристэп эристиин, кэм да бэтиэхэлэнэ сылдьар. Бу сырыыга Тумууһап хонноҕун анныттан быыбарга туруммут хандьытаат ааттанан көтөр аалынан Кэбээйитин  халлаанын үргүлдьү сүүрэкэлээн кэбиспит. Ол туһунан Бассаап да, СМИ да тобус-толору сонун-нуомас бөҕө буолан кэҕиҥнээн олорор.

Билиҥҥи үйэҕэ күүһэ-көҥүлэ суох ытырдар да кутталлаах. Мэхээлэҥ  онно эрэ кыһаллыбат, чыхаал-хомпуот диэн баран көҥүлэ суох көтөр аалынан быраҕыллыбыт тыа пуортарын аабылаанын солоон  түһэн-тахсан сүпсүгүлдьүйүү. Онуоха: “Биэнсийэлээх кырдьаҕас  көтөр аалы ылынар халыҥ харчылаах эбит”, “Сокуон оҥорооччу чаччыына буолаары сылдьан бэйэтэ сокуону кэһэр эбит”, – диэбит курдук үйэ-саас тухары аргыстаспат “доҕотторо” сии бөҕөтүн түһэрбиттэр .

Хаһыаттар кэпсииллэринэн, Мэхээлэ чааһынай сөмөлүөтүнэн соторутааҕыта Сангаар пуордугар көтөн күрүлэтэн тиийбит. Сиргэ көҥүлэ суох түспүт. Пуортартан көҥүл ыла иликкинэ бэйэҥ баҕаҥ хоту Орто Дойдуга түһэр кыккыраччы бобуллар эбит.  Кыһалҕа.

Эристиин сөмөлүөтэ Сангаар пуордугар түспүтүгэр тырааныспар эппилиэттээхтэрэ кыыһырбыттар. Онуоха Мэхээлэ обургу ону-маны кутан-симэн мундуйдаан баран, салгыы бөһүөлэк  устун аҕытаассыйалыы диэн ааттаан ньылбы туттаран элэс гынан хаалбыт. Булан ыл – былыр үйэҕэ кутуруга куйаар, онно оҥос.

Ол киэһэ Ээбиристэп көтөр аалыгар тэлэмээттэнэн кэлэн дьылыс гынан баран эмиэ көтөн күккүрээн хаалбыт. Полициялар: “Введя в заблуждение работников аэропорта и сотрудников транспортной полиции…”, – диэн рапорт эрэ суруйан хаалбыттар. Икки сулууспа дьонун ким эмэ итинник дөбөҥнүк биир күн иккитэ муннарбыта баар дуо?! Биһиги киһибит, арааһа, Дьокуускайдаатым диэн үнтү ымдааннаан кэбиспит  быһылаах, ол гынан баран бэйэтэ аны Кэбээйи диэки сөмөлүөтүн туһаайбыт. Онно тиийэн эмиэ сири буллаҕа дии, хайдах наар аанньа элиэтии сылдьыай, ама да кини буолтун иһин.

Хаһыаттар суруйалларынан, чааһынай сөмөлүөт көтөр-түһэр пуордун, маршрутун эрдэттэн анал сулууспаларга этиэхтээх, сэрэтиэхтээх эбит. Инньэ гымматаҕына ПВОлар дэлби ытан да түһэриэхтэрин сөп үһү. Мэхээлэ барахсана суох олох курус буолуо, кэнэҕэс сэрэнэ-сэрэтэ сылдьыаҥ этэ, сатаналар ханна хойубууннуохтарын.

***

Aartyk.Ru

Обсуждение • 4

Добавить комментарий
  1. Маладьыас буо

    Эр бэрдин сэттэ кырыылаага, уол оготун уон уЬуктаага буоллага дии ити Ээбиристэп
    Кэлэн-баран, туран-олорон, этэн-тыынан дьэ маладьыас киЬи буо.
    Дьокутаат буоллун ээ оттон
    Оччого Ил Тумэммит дьэ ньиргийэн олорор буолуо буо

  2. олохтоох

    Дьэ кырдьык уол огото, сахага сэдэхтик бэриллэр хорсун-хоодуот уол! Улугура сытар чыыннааххтары дэлби сордорун сордообут. Кэьэйдиннэр !!! Дьэ кини курдуктары таллахпытына абыраныа этибит!

  3. Сахабын

    Олох сэнээрбэттэр киьим, бас баттахх корулээн кордун, оссо ко огото дии санаабаппын, оскуолага эрдиттэн агатын пистолетынан огону ыппыт хайа ойдоох санаалаах итиилээх киьи тагыстага диэн саныылларын утарабын, ис иьиттэн кулугээн ойдоох санаалаах буолан буолуоо ол иьин сирэйэ харага суох оттомо суох киьи буолаахтыаа эээ….

  4. Дьин Саха

    Саханы самнара санара олороргуттан астына олорогун уонна сааппакка сахабын дэнэгин дуо?!

Оставить комментарий