***
Былырыын Саха Бастакы президенэ Михаил Николаев урукку көмөлөһөөччүтэ, сүбэһитэ, журналист Иван Николаев «Сокровенная история Республики» диэн кинигэтэ тахсыбыта.
Ити кинигэҕэ Саха Республикатын 25 сыллаах историята сиһилии кэпсэнэр.
Биир да сытыы, уустук теманы тумнубакка, сыыппаралары, чахчылары толору кэчигирэтэн, итэҕэтиилээхтик, дакаастаабыллаахтык суруллубут кинигэ, этэргэ дылы, бестселлер буолбута – угус киһи көрдөөн булан аахпыта уонна ааҕа сылдьар.
Оннооҕор телевидениеҕэ сорох салайааччылар көстөн ааһалларыгар остуолларыгар ити кинигэ сытар буолар эбит. Ааҕа сылдьан уурбуттара дуу, «дьонтон хаалсыбаппыт» диэн көрдөрөөрү анаан-минээн ууруммуттара дуу – биллибэт.
Иван Николаев ити кинигэтигэр Вячеслав Штыров туһунан эмиэ элбэхтик суруйбут.
Николаев Штырову сыанабыла уҕарымньы, сорохтор этэллэринэн – өссө харыстаабыт дииллэр.
Ол эрээри кыра да энчини тулуйан ааҕа-истэ үөрэммэтэх Штыров кыйахаммыт буолуон сөп.
Ол иһин быһыылаах, бу Штыров эппиэтин курдук кинигэ күөрэс гыммыт.
Николаев кинигэтэ 3 тыһыынча экземплярынан тахсыбыт.
Штыров киэнэ эмиэ 3 тыһыынча.
Николаев кинигэтэ 624 страницалаах, 39 усулуобунай-издательскай илиис дэнэр.
Штыров киэнэ – ҕ92 страницалаах, 37 илиис.
Тастара – иккиэн харалар.
Николаев этэринэн, кинигэтин хаартыскалара бары өҥнөөх буолуохтаахтар эбит да, харчы тиийбэккэ, маҥан-хара хаартыскалар буолбуттар.
Штыров харчы чааһыгар ыктарбат киһи буоллаҕа – хаартыскалара бары өҥнөөхтөр.
Республика нефтегазовай комплексын тула сэриилэр тустарынан Николаев сиһилии кэпсиир, оттон Штыров кинигэтин үксэ эмиэ ити комплекс туһунан барар.
Туораттан көрдөххө, эһэ уонна бөрө киирсибиттэрин курдук. Штыров – эһэ буоллаҕа, кыаҕа баһаам. Ол да иһин кинигэтэ сиэдэрэйэ сүрдээх, хаартыската буолунай, кини аата кыһыл көмүһүнэн дуйдаммыт.
Уонна улуу дьон Штырову хайҕаан суруйбуттара элбэх. Холобура, Евгения Михайлова «Строитель современной Якутии» диэн улахан ыстатыйата баар.
Штыров кинигэтэ Николаев кинигэтигэр эппиэт курдук тахсыбыта харахха быраҕыллар. Кинигэ бүтүүтүгэр Штырову көмүскэһэр, өрө тутар ис хоһоонноох матырыйаал элбэх, оннооҕор «Сургутнефтегаз» тойоно Владимир Богданов 2013 сыллаахха, Штыров юбилейыгар анаан суруйбут ыстатыйата кытары киллэриллибит.
Николаев кинигэтин бэйэтин аатыттан суруйбут, Штыров кинигэтэ – 2002 сыллаахтан ыла тахсыталаабыт тыл этиилэрин, ыстатыйаларын, интервьюларын, дакылааттарын хомуйан оноруу. Онон ааҕарга Николаев кинигэтэ ордук, Штыров киэнин арыйталыахха эрэ сөп курдук.
Штыров уонна Николаев урут киирсибиттэрин билэр киһи ахсааннаах буолуо.
Иван Николаев-Уххан сайтыгар Штырову утары тахсыталаабыт элбэх ыстатыйалары Уххан биир дойдулааҕа Иван Николаев суруйбут диэн, холуобунай дьыала тэрийтэрэн, силиэстийэҕэ эрийтэрэн, ыктаран-туурдэрэн баран туга да ситиспэтэҕэ – таһыччы хотторон кэбиспитэ.
«Сокровенная история Республики» диэн кинигэҕэ ити киирсии туһунан толорутук сэһэргэнэр. Дьыала сабыллан истэҕин аайы Штыров Владимир Путиҥҥа тиийэ үҥсэ-харса сатаабыт суруга кинигэҕэ баар. Уонна Штыров оччотооҕу президент Дмитрий Медведевкэ хаһан, туох диэн үҥсүбүтэ эмиэ кэпсэнэр.
Дьыала хас сабылыннаҕын аайы Штыров «Уурайабын» диэн сайабылыанньа киллэрэн иһэр эбит. 2009 сыл сэтинньи 12 күнүгэр, эмиэ оннук сайабылыанньа суруйбутун туһанан, сотору соҕус буолаат, устан кэбиспиттэр. Ол тоҕо уураппыттарын Николаев кинигэтигэр быҺааран биэрэр – ол саҕана суурбэттэн тахса өр үлэлээбит улахан губернатордары уураппыттара. Оннооҕор Минтимер Шаймиев, Муртаза Рахимов, Эдуард Россель, Кирсан Илюмжинов курдук мастодоннары устубуттара. Штыров ол долгуҥҥа охсуллан, баайыллыбатах аал курдук устан бара турбут. «Уурайабын» диэн үөһээҥилэри куттуу сатыы сылдьыбатаҕа буоллар, баҕар, билиҥҥэ диэри олоппоҺугар олоруох этэ.
***
Штыров хаҺан даҕаны икки Иван Николаевтары утары киирсииттэн сылтаан үлэтиттэн үүрүллэн хаалбытым диэн билиммэт этэ.
Ол эрээри бу кинигэтигэр ону таайтарар курдук, «Покаяние» диэн хоҺоону саамай көстүүлээх сиргэ, кинини көмүскүүр түһүмэх саҕаланыытыгар туруорбут.
Штыров 2010 сыл ыам ыйын 31 күнүгэр ууратыллыбыта.
2010 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр «Наше время» хаҺыакка Анисим Гнусов «Покаяние» диэн хоҺоону таҺаарбыт. Журналистар билэллэринэн, Анисим Гнусов аатыттан ол саҕана үксүн ити хаҺыат кылаабынай редактора Роман Мандзяк, билигин республика информационнай политикатын дьаҺайар департамент улахан тойоно, суруйар этэ.
ХоҺоону аахтахха, Мандзяк бэйэтин аатыттан суруйбута көстөр, тоҕо итиччэ хаарыан киҺини тыытар этибиний диэн кэмсинэр курдук.
Ону Штыров Мандзякка буолбакка, журналистарга барыларыгар, ол иҺигэр ити икки Николаевтарга, аадырыстаан, кинигэтигэр ити хоҺоону киллэрбитэ көстөр.
Онон Саха сирин политикатыгар аны кинигэлэр киирсиилэрэ диэн баар буолбут.
***
«Сокровенная история Республики» кинигэ авторын кытары сэҺэргэҺиини таҺаарарга бэлэмнии сылдьабыт.
Онно ити кинигэ тоҕо суруллубутун, ааҕааччылар хайдах ылыммыттарын, ахтыллыбыт улахан дьон туох диэбитин туҺунан кэпсиэхпит.
***
Aartyk.Ru
КОММЕНТАРИИ
Онтуккут Сокровеннай историятын суруйун, Чингис хан кинигэтин утуктэн!