Курс валют
$
96.07
1.17
105.11
1.4
Курс валют
Курс валют
$
96.07
1.17
105.11
1.4
Меню
Поиск по сайту

“Кини кыыһа”. Саха көрөөччүтүн санаата

29.10.2017 15:18 13
“Кини кыыһа”. Саха көрөөччүтүн санаата

Алтынньы 28 күнүгэр “Культура” федеральнай телеканалга Татьяна Эверстова киэҥник рекламаламмыт “Кини кыыһа” киинэтэ көһүннэ. Бу иннинэ, урут, киин ханаалынан Никита Аржаков “Ильмен үрдүнэн туруйалар” киинэтэ көстөн турардаах.

Элбэх саха киһитэ Эверстова киинэтин көрдө уонна санаата икки аҥыы хайынна. Ким эрэ сэргээтэ, ким эрэ сирдэ.

Бу киинэ бастаан саха көрөөччүлэригэр буолбакка,  Россия, Европа кинофестивалларын дьүүлүгэр тахсыбыта да, хара маҥнайгыттан киинэ анарааҥҥы көрөөччүгэ анаммытын туоһулуур. Биһиэхэ анамматах киинэ буолан, ылымматах дьон ахсаана лаппа баһыйар уонна олус агрессивнай рекламата даҕаны сирбит дьон ахсаанын хаҥаппыта буолуохтаах. Төһөнөн көөчүктүүллэр, соччонон киһи кэтэһиитэ-манаһыыта улаатар.  Били, саҥа миниистир уолу “Гарвард, Папуа-Гвинея” дии-дии дэлби эрдэттэн рекламалаан кэбиһэннэр, дьон миниистири көрө да илигинэ, олох сахаҕа тэҥэ суох уол буолуо дии санаабыта. Онтон телевизорга илэ көстүбүтүгэр, дьон кэтэспитэ туолбатаҕар өһүргэнэн өттүгүн тосту түһэ сыспыта.  Бу сырыыга “Кини кыыһыттан” элбэҕи, сөҕүмэри кэтэспит саха көрөөччүтэ эмиэ сол курдук турукка түстэ.

2000 сыллар саҕаланыыларыгар нуучча кинематогрофтара аан дойду киинэ фестивалларыгар авторскай киинэлэринэн эмиэ биириис бөҕө ылар этилэрэ. Анараа аатыран баран дойдуларыгар кэлэн улахан сэҥээриини ылбаттара. Европалар “странные русские” критерийинэн сыана быһан сэргииллэр диэн кириитиктэр суруйуулара бааллара. Ол курдук Эверстова киинэтигэр, европалары урут билбэтэх омуктарын олоҕо-дьаһаҕа, сирэйэ-хараҕа сонурҕаттаҕа. “Странные якуты”.

Бастатан туран, саха көрөөччүтэ бу киинэҕэ көстөр малынан-салынан, дьиэтинэн-уотунан урукку 80-с сыллардааҕы олоҕун билиннэ, ылынна. Ол гынан баран, персонажтарын, кинилэр майгыларын ылыммата.

“Бу сатаан да кыайан таҥаһын таҥныбат оҕо, сааһыгар дьүөрэтэ суох  “өйдөөх”, өссө улахан эр киһини кытары саахыматтаан хотор диэтэҕиҥ. Итэҕэтиитэ суох”.

“Эбэлэрбит, эһэлэрбит оҕону таптыы, хайгыы, сыллыы-ууруу, имэрийэ-томоруйа сылдьаллара. Ити киинэҕэ ол суох. Бары робот курдуктар”.

“Оччотооҥҥу оҕонньоттор уһун баттахтара суох этэ. Сайын ортото көннөрү чэйдээри эрэ мусталлара, олоххо оннук суох этэ”.

“Киинэ туохха эрэ үөрэтиэхтээх, тугу эрэ саҥаны этиэхтээх этэ буоллаҕа – ол суох. Режиссурата да мөлтөх, сценарийа да салаҥ”.

“Удаҕаммын диэн суоһурҕаныы дуу, ити тугуй… Аһара нескромно буолбатах дуо? Эһигиттэн ордукпун дэнэрэ? Тыа оҕото биһиги саҕана бары ойуурга, алааска сылдьан улааппыппыт. Бары ичээмсийэ сатаабаппыт ээ”.

“Мин өйдөөбөтүм, ити туох сыалтан киинэ уһуллубутун, киинэ устубутун. Киһи публикаҕа тахсар буоллаҕына туох эмэ этэрдээх буолуохтаах буоллаҕа…”.

“Тулуйан көрөҕүт дуо, наһаа чуҥкук дии…”.

“Киинэ эргэ альбому ылан көрөр курдук. Эмоцията да, диалога да суох. Көннөрү былыргы хаартыскалары сыымайдааһын. Ни страсти, ни потрясения, ни режиссуры, ни сценария, ни кульминации, ни развязки”.

Оттон хайҕаабыт дьон “цельный фильм”, “ордук оруолу толорбут кыыһы сөбүлээтим, тэҥҥэ ытастым”, “автор олох айылҕалаах ураты дьахтар эбит”, “наҕыл, үчүгэй киинэ, оҕолорго көрдөрүөххэ наада”, “киһи супер-пупер диэбэт, но добрый фильм” диэбиттэр.

***

Саха киинэтин таһымын туһунан интернет ситимигэр Саха сирин киинэтин бэтэрээнэ, суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи Уйбаан Боппуок-Бахсылыырап илии баттааһыннаах сурук тарҕанна.

“Кини кыыһа” киинэҕэ сылдьыбытым да астымматаҕым…
Дьэдьэннии тахсыбыт сиэнэ оҕолортон хаалан муна-муна иһитин толору дьэдьэннээн, хойутаан киирбит сиэнигэр эбээтэ үөрбүтүн биллэрбэтэ даҕаны… эгэ сыллыа дуо?..
Биһиги эбэлэрбит итинник буолбатах этилэр…
Тууйаспыт түгэҕэр да сир астаах киирдэхпитинэ үөрэллэрэ, хайгыыллара…

Ааспыт кыһын буолбут “Сааскы кэм” киинэ эмиэ итэҕэһэ элбэх…
Хас да мөлүйүөҥҥэ оҥоһуллубут киинэҕэ икки оҕус көстүбэтэҕэ дьиибэ…😳 биир оҕуһу кырааскалаан дьаабылаан көлүнэ сылдьаллар…
Аны оҕуспут кэтэр бурҕалдьыта эмиэ кырааскалаах. Оһохпут маҥан оппуохалаах. Бу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинээҕи олоххо…
“Сааскы кэм” романы 3-с кылаастан саҕалаан аахпытым…Сөдүөччүйэ эмээхсини быыс кэннигэр сытан эрэ, эбэтэр оһоҕун иннигэр куобах тириитэ имитэ олорон кыра-куйа бэйэтэ остуоруйа кэпсиирин курдук өйдөөн хаалбыппын…
Степанида Борисова оччотооҕу аас-туор олох эмээхсинигэр барсыбат, майгыннаабат көрүҥнээх…Микиитэ уолбут биир оннук “пыш” курдук…
Уопсайынан Амма Аччыгыйа улуу классикатын дьаабылаан оҥорбуттар…
Астымматаҕым…✊🙏🙄
Үчүгэй киинэни киһи эккирэтэ сылдьан 3-4 төгүл көрөр буолара…
САХАЛАР КИИНЭ ОҤОРОР БУОЛЛУБУТ диэн арбанабыт даҕаны, билиҥҥитэ киһи эккирэтэ сылдьан умсүгуйан көрөр киинэтэ баарын көрө-билэ иликпин…
Онон киинэҕэ сыһыаннаах, киинэни оҥорор САХАЛАРГА бу суругум тиийдэҕинэ бэйэ бодоҕутун тардыныҥ!
Чахчы даҕаны дьону умсугутар, кэрэхсэнэр киинэлэри оҥоруҥ!
Ситиһиилэри!”, – диэбит.

Ити эрээри, саха киинэтэ биһиэхэ саҥа саҥардыы үөскэҕэ түһэн төрүү сатаан эрдэҕэ. Хойутун хойут баҕар чахчы талааннаах киинэ режиссердара баар буолуохтара. Саҥаны, уратыны этэр кыахтаах дьон.

Оттон билигин фестивалларынан сылдьар киинэлэр, биир өттүнэн, аан дойдуга “саха” диэн омук баарын билиһиннэрэллэрэ эмиэ да үчүгэй буоллаҕа. Билиҥҥи таһыммытынан. Кыра омук кылам гынан биллэригэр-көстөрүгэр кылааты киллэрии диэн сыаналыахха сөп.

“Кини кыыһа” – европаларга анаммыт “экзотическай”, азиатскай киинэ канонугар майгынныыр, фестивальнай “хаартыска”-киинэ.

Саха ыччатыгар хас эмэ сылынан малы-салы, дьиэни-уоту көрдөрөргө хрестоматийнай айымньы буолуон сөп – эбээлэргит, эһээлэргит маннык дьиэҕэ-уокка олорбуттара, маннык маллаах-саллаах этилэр диэн.

***

Aartyk.Ru

 

Обсуждение • 13

Добавить комментарий
  1. ардьаах

    Бэккэ ырыппыт

  2. робот

    дьэ билбэтэгим, хас киьи баар оччо араас санаа. Биьиги бутун дьиэнэн ньиргиччи олорон кердубут, оголуун-уруулуун. Тэннэ ытаьан. Оголорго кердерерге саамай септеех киинэ дии санаатым тус бэйэм.
    Ого сааспын да санаатым. Ситинник тыага сылдьан кырдьык ким эрэ керер курдук буолааччы дии. Сибэккини, оту-маьы кытта тыыннаах курдук син агыйага суох ого кэпсэттэ ини? 7 саастаах уолбун, кистээбэппин, сарсыарда бэйэм таныннаран уьугуннарабын.
    Хартыынка-киинэ кырдьык. Киьи сирбэт киинэтэ уьуллубут, догоор, туох да диэбит иьин:)

  3. зритель

    Ханнык багар киинэ моккуору таьаарар буоллагына-учугэй киинэ! Ол эрээри угус киьи киинэ хаачыстыбатын, огону иитиигэ оруолун бэлиэтиэххэ оруннаах! Кэнники кэмнэ саха киинэтэ-оонньуу-кулуу, абааьы, охсуьуу-олорсуу эбит буоллагына, бу киинэ толкуйга киллэрэр киинэ!

  4. Далбар

    Хопто хаьыыта Аркадий Новиков устубут киинэтин оскуола оголоругар кердеруеххэ сеп. Бу киинэ оголорго септеех. А так аьара рекламалаабыттара теттеру эргийэн тахсыбыта буолуон сеп.

  5. КЭЛЭЙБИТ

    Ама да биьиги сахалар киинэ оноруутугар сана киирэн истэрбит киьини долгутар толкуйдатар туох эрэ тумуккэ ахалар киинэлэр соччо суохтар эбэтэр отой ахсааннаах баар быьыылаах Киьи барыта харчылаах буолла да тугу бахарар толкуйдаан киинэ онорор быьыылаах Ол иьин учугэй киинэни онорууга кокуренция суох буолан киинэни устуу таьыма хаьан да сайдыа суох быьыылаах курдук коробун Холобур биир сылга уон молтох киинэни устуох кэриэтин биэс сылга биир киьи дьэ чахчы астынар дьиннээх киинэни устар туьата ордук буолуохтаах мин санаабар Дьэ оччохо киинэбит таьыма урдээн атын норуот интэриэьин тардыа этэ буоллаха Оттон бу Кини кыыьа туох идиэйэлээхин туох тумуккэ ахалаврын мин тобом кыайан быьаарбата бука олбут ахатын суохтуурун кордоро сатаабыт диэн быьа таайан этиэххэ соп буолуо Киинэхэ киьи ойдообот тугэннэрэ хара баьаамнар Холобура бастакынан бу ыаллар боьуолэк
    иьигэр олороллор дуу эбэтэр сайылык дуу 70 сыллар буоллахына совхозтар баылаан олорор кэмнэригэр (телевизор баар кэмэ ) киьи уксэ совхозка оттуур ини охустана охустана моой оттооччу биир эмэ баар ини Убайдара от ыйыгар оттообокко саа сугэ сугэ атынан ханна барар бахайыный Ус саастаах киьи хара сарсыардаттан ыалга кэлэн чаайдыы чаайдыы аттана аттана ханна барар бахайыларый Мантан да атын итэхэс хара баьаам ону барытын ырыттахха ыырын ыраатыыьык онон тохтуум Арай хайхаабытым диэн кыра кыыьы Улааттахына артыыстыырга тыыппалаах буолсу

  6. нацразногласия не вводи

    Какой якутский фильм вы сами приняли всем сердцем? Какой вам понравился?

  7. Человек с тундры

    Какой там хоринский этнос, даже смешно. В происхождении корейского народа значительную, если не главную роль сыграли наши тунгусские племена, нынешние хозяева тундры.

  8. Минсаха

    70 сыллардаахха, совхоз са5ана, моой, кэтэх оттооhун элбэх этэ. О5о сылдьан кырдьа5астары кытта элбэхтик оттообутум. Ыал барыта кэриэтэ чааhынай ынахтаах этэ, дэриэбинэ5э. Киинэ аата киинэ, тем более билинни киинэ. Тарковскай киинэлэрин тулуйан керун, онтон санарын. Причем здесь воспитание детей, режиссер свободный художник. Вообще НВК-5а кердерун, кербетех дьоннор керуехпут.

  9. Рио

    Голубая мечта бедного якута?😁

  10. Вау

    На один подмост с Тарковским??😂круто

  11. Мимошли

    Все как то резко стали режиссерами. Уж лучше своими наманикуренными пальчиками ублажайте мужей своих дорогуши:)

  12. Восток

    Мин биир бэйэм бэркэ диэн сэргээн кордум о5о сааьы санатта.Мин эбээ о5ото буолабын.Оннук о5о эрдэ улаатар ойо-санаата эрдэ улахан киьи курдук сайдар.Онно5ор саастыылахтарын кытта сатаан о5о оонньобот буолар.Олох уопсай ис хоьооно быстахтык кыра о5о хара5ынан костор.
    Саха сиригэр элбэх омук олорор онон олох тутула ой-санаа атын атын биир уксун ол иьин ойдоспоппут.

  13. зритель

    Киьини долгутар, толкуйдатар, ыраас киинэ!

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»