Курс валют
$
93.44
0.65
99.58
0.95
Курс валют
Курс валют
$
93.44
0.65
99.58
0.95
Меню
Поиск по сайту

КЭННИТТЭН ДОРУОПТААҺЫН

01.05.2020 21:26 0
КЭННИТТЭН   ДОРУОПТААҺЫН

Правительство бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу А.Колодезниковка уонна Ил Түмэн бэрэссэдээтэлигэр П. Гоголевка – эдэр, аныгы көрүүлээх салалта кэллэ диэммин этии киллэрбитим баара. Олохтон хаалар диэн муҥ эбит, биир батсаап, интернет аргыстаах атаһым этиилэрбин ааҕаат ууну суруппуппун иһитиннэрбитэ.  Кырдьык оннук эбит, пиибэ собуота суола сойбута ырааппыт, ханнык эрэ кластерга кубулуталлар  үһү. Баара-суоҕа  600-кэ мөлүйүөн солкуобай бюджет харчытыгар. Ил Түмэн сөбүлэҥ биэрбит. Харчылаах аҕай эбиппит.


Бүччүм сиргэ аһыыр-сиир, көрүлүүр сир оҥостоллоро буолуо, таарыйа харчы сиэхтэрэ диэн эбэн этээччи эмиэ баар. Онон кэнниттэн доруоптаабыппын, таах тыас таһаарбыппын. Хомойон да төһөнү хомойуоҥуй.  Өссө 2012 сыллааҕыта, ол аата 8 сыл ааһа охсубут,  бу пиибэ собуотун Онкология киинэ оҥоруохха диэн суруйбуппун “Туймаада” бэчээттээбитэ баар.  Оччотооҕуга эрэл суоҕа, тоҕо диэтэххэ пиибэ собуотун туттарбыт Е.Борисов тойон дуоһунаһын ыһыкта илигэ.  Ол иһин саҥа, эдэр салалтаҕа  туһаайбытым да, хойутаабыппын.

Оттон биир этиим радиацияттан өлөн куура хатан турар ойуур тыаны хонтуруолга ылыахха, ойуур баһаара турдаҕына алдьархай ааҥныа диэн этэ. Правительствоҕа уонна Ил Түмэҥҥэ сурукпун регистрациялаабыттарын истибитим, хоруй ылаайабын диэн кэтэһэн көрдүм да ол суох.  Экология министиэристибэтиттэн ыйыппыт буоллахтарына эппиэттэрэ бэлэм биир – барыта этэҥҥэ, көрө-истэ сылдьабыт диэн. Ол сымыйатын билэбин, онно ким да кыһаммат, хас уон сыл туруорсабын, баҕар өһүргэнэн тугу эмэ гыныахтара диэн. Өһүргэнэр, кыыһырар диэни билбэт, холку үтүө майгылаах дьон мустан олороллор, ол министиэристибэҕэ.

Үрдүкү салалтаҕа аны кэлэн көммөт буолбут,  түөһэйэн эрэр кырдьаҕас суругар кыһаллымаҥ диэбит да  буоллахтарына боруок суох. А. Колодезниковтан  уонна П. Гоголевтан мин ааппар ол да иһин харда суох быһыылаах.  Харда баара буоллар, ис хоһоонуттан көрөн,  өссө хайдах туруорсары толкуйданыам этэ буоллаҕа.

***
Иван  БУРЦЕВ,                  

   01.05.2020 с.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»