Дьоҕус кэлэктиип эдэр аҥара ‒ Виктор Миронов уонна Борис Апросимов оробуочайдыыллар, соторутааҕыта үлэҕэ ылыллыбыт Аграфена Арылахова уонна Стас Афонскай биэкэрдииллэр. Бэкээринэ бастакы тэриллиэҕиттэн үлэлээбит Тамара Семеновна Бадаева быйыл биэнсийэҕэ тахсан үлэтиттэн тохтообут.
‒ Бастаан Марковтартан атыылаһарбар эбии 250 тыһ. солк кирэдьиит ылбытым, онтон ылата, төһө кыалларынан, кирэдьиити тумна сатыыбын, ‒ диэн кэпсиир Евгений Долгунов.
‒ Табаарыстарым, ким көх-нэм буолан, ким харчынан көмөлөспүттэрэ. Бурдукпутун Алтай кыраайыттан тиэйэн аҕалаллар. Сылга уончата кэлэр, биир тиэйиигэ 25 ‒ 30 тонна бурдук.
Бастайааннай эрэллээх килийиэннэригэр бэйэлэрэ тиэйэн аҕалан биэрэр буоланнар, ити чааһыгар төбөм ыалдьыбат. Килиэппин бэйэм тарҕатабын. Күҥҥэ үстэ-түөртэ кырынабын. «УАЗ» массыынабытыгар толору тиэйиэххэ сөп эрээри, ааны аһыыга-сабыыга килиэп сойорун иһин, аҕыйаҕы тиэйэбин.
Майанан, Харанан барыта 29 сиргэ ылаллар. Саамай бастайааннай клиеммит ‒ «Чараҥ» маҕаһыын (Егор Шестаков), бэкээринэ аһыллыаҕыттан үлэлэһэр. Кычкиннар «Уйгууна» (урукку «Минутка») уонна «Лира+» кафелара мэлдьи элбэҕи ылаллар. Ылар маҕаһыын элбэх: «Татьяна», «Аартык» …
Мин аҕыйаҕы ылаллар диэн кимиэхэ да аккаастаабаппын. Баҕар, 5 буоллун, баҕар, 10 буоллун, син биир тиэрдэбин. Холобур, Хараҕа «Мария» маҕаһыын күҥҥэ 5 килиэбинэн сөп буолар. Килийиэн итэҕэлин биир күнүнэн, биир нэдиэлэнэн, ыйынан, бэл, сылы сылынан да ылар уустук. Уонунан сылларга бииргэ үлэлэһиэххэ наада, оччоҕуна эрэ дьон итэҕэйиитэ кэлэр.
Бары килийиэннэрбэр биһиги үлэбитин сыаналыылларын иһин махталым улахан. Биһиги килиэппит хаачыстыбатын дьоннор сөбүлүүллэр. «Килиэпкит наһаа үчүгэй» диэтэхтэринэ, киһи харыс үрдүүр курдук буолар, өссө кыһаллан туран үлэлиэххин баҕараҕын. Кырдьыга даҕаны, биһиги килиэппит мээккэ бурдук эрдэҕиттэн килиэп буолан тахсыар диэри илиинэн оҥоһуллар, киһи илиитин сылааһын иҥэриммит килиэп. Араас механизм көмөтүнэн оҥоһуллар килиэптэн чыҥха атын. Оҥоһуута, тыына … Оннооҕор, дьиэ салгынын килиэп билэр. Мас дьиэ диэн олох ураты тыыннаах буоллаҕа!
***
Бэкээринэ бэтэрээнэ Нюра Егоровна повар-кондитер үөрэҕин бүтэрэн баран, 1992 сыллаахтан Бүтэйдээххэ райпо бэкээринэтигэр биэкэрдээн үлэтин саҕалаабытын кэпсээтэ. Онон, биэкэрдээбитэ сүүрбэ бэһис сыла эбит. Манна 2004 сылтан үлэлиир. Бэкээринэ күҥҥэ 12 ‒ 14 эргиир килиэби оҥорон таһаарар эбит. Хас биирдии эргииргэ 96-лыы килиэп буһан тахсар. Россия оҥоһуута түөрт ааннаах духуопка оһоххо килиэптэрин буһараллар. Дьоҕус, бурдугу тиэстэ оҥоро мэһийэр иһит турар. Иһирдьэ сибиэһэй килиэп сыта дыргыйар, буһан тахсыбыт килиэптэр дьаарыстанан тураллар. Үрдүкү суортаах бухааҥка килиэп маассата 800 кыраам. Килиэбин туттарар сыанатын Евгений 33-түү солкуобайынан быспыт.
Ордук, сайынын электроуот кэлиитэ быстар буолан, үлэлэригэр моһоллору үөскэтэрин салайааччы этэр. Астаммыт ас таах хаалбатын диэн дьиэ хаһаайыстыбатын тутан, куурусса, хаас, сибиинньэ иитэр эбит. Онтон ылар бородууксуйаларын дьоҕус маҕаһыыныгар атыыга таһаарар. Быйылгыттан саҕалаан, кирэдьиит да ылан туран, биисинэһин кэҥэтиниигэ турунар санаалааҕын үллэһиннэ. Ити улууска биллэриллибит «Олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыы сылыгар» сөптөөх быһаарыныы. Улуус дьаһалтатыгар сылдьыбытыгар, кирэдьиит бырыһыанын уйунууга көмөлөһүөх буолан эрэннэрбиттэр.
Дьон итэҕэлин ылбыт килиэптээх «Горячий хлеб» маҕаһыын-бэкээринэ сэбиэскэй кэмтэн кэлбит минньигэс итии килиэп утумун салҕаан буруота унаарар, килиэбин сыта Кооперативнай уулуссаҕа дыргыйа тарҕанар.
Оставить комментарий