Ил Түмэн депутата Иннокентий ВАСИЛЬЕВ: Самаан сайын уйгулаах ыһыаҕынан!
Ытык-мааны биир дойдулаахтарым, республика олохтоохторо!
Тыйыс айылҕалаах, аам-даам тымныылаах чэҥ муус дойдуну куйаас куттаабыт, итии тыыннаабыт өбүгэбит барахсан Үрүҥ тунах ыһыах ыһар кэмэ кэлбитинэн эйэҕэс эҕэрдэ!
Сахаҕа ыһыах суолтата, ис хоһооно – тоҕус томороон ыйдаах дьылы туорааһын эрэ буолбатах, бу – Сир Ийэ Айылҕа уонна Киҥкиниир киэҥ куйаар тутулугар сүгүрүйүү, төрүт итэҕэлин, өйүн-санаатын, олоххо көрүүтүн сүһэр биир сүдү суолталаах сиэрэ-туома буоллаҕа.
Үрдүк Айыылар Улуу тунах кэмигэр орто туруу дойдуга муҥутуур чугаһыыр, алгыһын-санаатын ылынар кэмэ диэн биһиги өбүгэлэрбит этэллэрэ. Ханнык баҕарар үйэҕэ киһи киһиэхэ киһилии сыһыана Ийэ Айылҕа эргиирин туллар тутааҕа буолуоҕар саарбахтаабаппын. Үрдүкү Айыылартан алгыстаах бэс ыйыгар ыраас ыра санаа туругурдун, бастыҥ баҕа санаа туоллун, олох-соргу тубустун!
***
Ытыктабылы кытары Иннокентий ВАСИЛЬЕВ,
Саха Республикатын Государственнай Мунньаҕын – Ил Түмэнин депутата.
Почему бы не провести праздник Ысыах на Крестьянском рынке?