Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

“Гражданскай сэрии – саҥа сыанабылы ирдиир”

28.09.2021 13:11 9
“Гражданскай сэрии – саҥа сыанабылы ирдиир”

Быйыл Сахабыт Сиригэр гражданскай сэрии саҕаламмыта 100 сыла туолла.

Үйэ анараа өттүгэр буолбут трагедия, үрүҥ – кыһыл былаах аннынан арахсан, утарытата саа-саадах тутан саха сатаспатах иэдээнэ аныгы кэм көрүүтүн, сыанабылын, сыһыанын ирдиир.

Балаҕан ыйын 25 күнүгэр Хотун Төҥүлүгэ, олохтоох түмэл директора, суруйааччы, краевед Иван Николаевич Тарабукин көҕүлээһининэн уонна олохтоох дьаһалта өйөбүлүнэн сонун тэрээһин буолла. Саха Сиригэр гражданскай сэрии иккис түһүмэҕэр, Бэппэлээйэп сэриитин саҕана, 1923 сыл олунньуга Мэҥэ улууһун быраабата баар Төҥүлүнү ылаары кыргыһыыга өлбүт Ракитин генерал этэрээтин 16 үрүҥ саллаата бииргэ көмүллүбүт ииннэригэр өйдөбүнньүк мэҥэ тааһы арыйыы буолла.

Гражданскай сэрии сиэртибэлэригэр анаммыт бэлиэ суруга:

“Здесь покоятся 16 человек, из них 3 русских офицеров, 13 якутов и эвенов – солдаты генерал – майора Василия Александровича Ракитина, северного отряда генерал – лейтенанта Анатолия Николаевича Пепеляева, погибшие в Гражданской войне 21 февраля 1923 года в селе Тюнгюлю”, – диэн.

Тэрийээччилэр ыҥырыыларынан манна Мэнэ Ханалас улууһуттан, Дьокуускай куораттан уонна Дьааҥы улууһуттан историяны уонна саха норуотун былыргытын, билиҥҥитин, кэнэҕэскитин ыйдаҥардарга, тобуларга дьулуһар баҕа санаалаахтар кэлэн кытыннылар.

Гражданскай сэрии сиэртибэлэригэр мэҥэ тааһы арыйыы кэнниттэн “Эйгэ” культурнай – сынньалан кииҥҥэ “Төгүрүк остуол” тула кэпсэтии, санаа атастаһыыта буолла. Киэҥник, холкутук, наҕылыччы, олохтоохтук кэпсэтии 5 чаастан ордук кэмҥэ салҕанан барда.

1923 сыллааҕы Төҥүлүтээҕи үрүҥ – кыһыл сэрии кыргыһыытын туһунан иһитиннэриини элбэх суруйуулар автордара И. Н. Тарабукин уонна А. А. Стручков оҥордулар. Сахабыт Сирин историятын оскуолага үөрэтиигэ бэйэтин санааларын Төхтүр орто оскуолатын учуутала Марк Чугунов билиһиннэрдэ. Салгыы үөрэх салаатыгар Саха Сирин историятын үөрэтиигэ баҕа санааларын историк учууталлар, Бүтэйдээхтэн – Константин Родионов, Вячеслав Кириллин, Төҥүлүттэн – Николай Романов, Дьокуускайтан – Республиканскай лицей гуманитарнай кылааһын үөрэнээччилэрэ Степан Лебедев, Виолетта Петрова эттилэр.

Дьааҥы улууһун аатыттан Дулҕалаах нэһилиэгиттэн улуус депутата Владислав Кривошапкин уонна культура министерствотын иһинэн геокультурнай сайдыы институтун улэһитэ Виктор Стручков кэлэн кытыннылар.

Биир дойдулаахтарын, Дьааҥы Дулгалааҕыттан төрүттээх, ВЯОНУ председателя Г. С. Ефимов туһунан уонна Верхоянскайга гражданскай сэрии түгэннэриттэн кэпсээтилэр, сырдаттылар. Маны тэҥэ Төҥүлүтээҕи кыргыһыыны уруһуйдаан үйэтиппит уонна олохтоох түмэли кытта үлэлэһэ сылдьар Наум Киренскэй, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Иван Стручков.

Төҥүлү историятын үөрэтиигэ дьон интэриэстээҕэ көһүннэ. Майаттан культура эйгэтин дьоно – Дмитрий Санников, Руслан Габышев, Өлөчөйтөн Афанасий Семёнов кэлэн кытыннылар, санааларын, матырыйаалларын билиһиннэрдилэр. Республикага биллэр общественнай хамсааһыннар лидердэрэ – Иван Шамаев Саха Сирин историятын, чуолаан гражданскай сэрии кэмин научнайдык үөрэтии, чинчийии боппуруостарыгар тохтоото. Манна элбэх үлэ барара, суруллара ирдэниллэрин эттэ. Бүгүҥҥу күҥҥэ историческай наука суолтатын уонна инники олохпутугар дьайар күүһүн туһунан сырдатта. Ордук политическай быһыыга – майгыга ааспыт кэмнэр сытыы, сүтүктээх, охсуулаах утарыта турсууларын алҕастара хатыламматтарын туһугар бары күүспүтүн, сырабытын ууруохтаахпытын санатта.

“Төгүрүк остуол тула” кэпсэтии тумугунэн, кыттааччылар бары 2022 сылга Автономия 100 сылын көрсө, кыһыл – үрүҥ диэн арахсыбакка, ааспыт историябыт бары өрүтүн үөрэтэн, билэн, үүнэр күннэргэ эйэлээх олоҕу, сүрүн улахан боппуруостарга биир санаалаах, түмсүүлээх норуот буоларбытын тустуур гына дьаһаныагын диэн резолюция – ыҥырыы ылынары бигэргэттилэр.

***

Төҥүлүгэ гражданскай сэрии сиэртибэлэригэр
анаммыт өйдөбүнньүк тааһы арыйыы уонна “Төгүрүк остуол” тула кэпсэтии түмүктүүр резолюцията

Балаҕан ыйын 25 күнүгэр Саха сирин судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгэр гражданскай сэрии сиэртибэлэригэр анаан туруоруллубут мэҥэ тааһы арыйыы уонна историктар, кыраайы үөрэтээччилэр төгүрүк остуоллара буолан ааста. Хотун Төҥүлү “Эйгэ” култуурунай киинигэр буолбут санаа атастаһыытыгар маннык этиилэр киирдилэр:

1. Саха сирин судаарыстыбаннаһа 100 сыла туолуутун көрсө саха норуотун түҥ былыргыттан аныгыга диэри олоҕун, судаарыстыбаннаһа үөскээһинин уонна салгыы сайдыытын, ол иһигэр гражданскай сэрии хаамыытын научнай хабааннаахтык чинчийэр үлэни кэҥэтэргэ уонна дириҥэтэргэ.

2. Саха сирин историятын научнайдык чинчийиигэ колледж преподавателлэрэ, оскуола учууталлара, музей үлэһиттэрэ киэҥник кытталларын көҕүлүүргэ, итинник үлэ хайысхата олохсуйарыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллэригэр.

3. Саха сирин историятын оскуолаҕа үөрэтэргэ чаас таһаарыытын туруорсарга.

4. Саха сирин историятын үөрэтэр программаны оҥоруу, үөрэх пособиеларын бэлэмнээһин. История учууталларыгар Саха сирин историятын үөрэтэргэ бэлэмниир үлэни ыытыы.

5. 1996 сыллаахха тахсыбыт Россия Президенэ Б. Ельцин 1537 №-дээх ыйааҕар олоҕуран, сиэрдээх буолуу этическэй нуормаларын тутуһан гражданскай сэрии будулҕаннаах сылларыгар кыһыл да, үрүҥ да өттүгэр сылдьан сэриилэспит дьоҥҥо саба быраҕан “бандьыыт” диэн дьаралыгы сыһыарар мөкү майгыны бүтэһиктээхтик тохтоторго.

Саха сирин общественноһын Саха Республиката төрүттэммитэ 100 сылын көрсө Төҥүлүгэ буолан ааспыт төгүрүк остуолга саҕаламмыт аһаҕас кэпсэтиини салгыы сайыннаран, кэҥэтэн, дириҥэтэн 19-20 үйэлэр кирбиилэригэр үлэлээн-хамсаан ааспыт саха интеллигенциятын килбиэннээх бэрэстэбиитэллэрин, саха судаарыстыбаннаһын төрүттээбит улуу убайдарбыт, 90-с сылларга иккис республиканы олохтоспут чулуу дьоммут ньургун олохторун, турууласпыт идиэйэлэрин, ситиспит кыайыыларын ис хоһоонун кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэр ытык иэспитин толорорго турунуоҕуҥ!

Төҥүлүгэ буолбут Саха Сиригэр гражданскай сэрии
иккис түһүмэҕин сиэртибэлэригэр
өйдөбүнньүк мэҥэ тааһы арыйыы тэрээһинин кыттыылаахтара.

Балаҕан ыйын 25 күнэ, 2021 сыл.

***

Константин РОДИОНОВ,

Мэҥэ Хаҥалас улууһа.

 

Обсуждение • 9

Добавить комментарий
  1. Минсаха

    Сэбиэскэй кэм са5ана, история5а: урун бандьыыттар, белобандиты диэн аатыраллара. Пепеляев эпопеята Саха норуотун гражданскай сэриитигэр киирбэт. Колчак са5ана Саха сиригэр кими да ыппатахтара: Максим Аммосовы Томскайга сыылка5а ыыппыттара. Сахалар кэлин бэйэ бэйэлэрин кыдыйсыбыттара. Кирдьик да5аны бандьыыттардыы дьаабыламмыттара.

  2. Да

    Cептеех быhыы буолбут . Гражданскай сэрии Саха Сиригэр бутун дойду урдугэр саамай хойут буппутэ. Икки еттуттэн сурдээх туруулаах , элбэх сутуктээх буолбута .

  3. Кырдьык

    Нуучча омугун хонноҕор хорҕойон саха омуга тыыннаах хаалбыта, чэчирии сайдыбыта, Америка индеецтэрин ыар дьылҕатын хатылаабатаҕа диэн буолар даҕаны улуу убай үрүйэлии сүүрүгүрэр хаан тохтуулаах идэмэрдээх иэдээннээх дьылҕатын тэҥҥэ эҥэрдэһэн, бииргэ буоларга күһэллэн сөптөөх сиэртибэни толук уурдаҕа. Гражданскай, Аҕа дойду Улуу сэриилэригэр төһөлөөх саха умса түспүтэ, кэрэгэй дьылҕаламмыта буолуой, аҕыйах ахсааннаах омук өтөрүнэн өрүттүбэт ыар сүтүгэ.

    • reper88

      үрүҥ сыдьааннара тиллибиттэригэр, олоххут төһө тубуста? Ыарыы өрө туран кэбистэ, ойуур уота саба бүрүйдэ, нэһилиэк бөҕө ууга барар, үөрэх барыта төлөбүр, эмтэнии төлөбүр, дьон үксэ куоракка көһөн хаалан тылбыт симэлийэригэр тиийдэ

  4. Дьэ диэ

    Олох, дьылга сиэртибэтэ суох буолбат. Улуу нуучча омук эрэйи муну энэринэн тэлэн, монуоннээх улуу дьылгатын кытта бисиги дьосуннук турууласан айаннасан исэрбит – бисиги дьылгабыт, оносуубут буоллага. Атын хайа да улуу омук хоонньугар сылаастык дьаасыйа, тыылланныы сытыарбаттара, буолуо, улуу кутурдэр…

  5. Оннук

    Тонулулэр адьас сопко ынырбыттар. Бандьыыт диэни ууратарга, умнарга соп буолла.

  6. Кугдаров

    Хас былаас уларыйда5ын аайы, буолан ааспыт история кэрчик кэмнэрин, сибилицци олорор былааска ньылацнаан-хаптацнаан, былыр уйэ5э олорон ааспыт дьон дьайыыларыгар сыана быьа сатыыр куьа5ан да кэмэлдьилээх, нуучча омугу утуктэн сордонооччулар, эмиэ ере туран эрэллэр. Оччотоо5у кэмнэргэ ейдеех политиканы ыыппыт кыайда5а дии, сыыстарбыт кыайтарда5а – онно сыана быьа сатыыр наадата суох, буттэ.
    Кыьыллар кыайбыттар, уруцнэр кыайтарбыттар. Кыайбыт ерегейе, кыайтарбыт-соро.

  7. Коннору

    Онтон 1991-93сс. Ким дьоло, ким соро буолтай? Онтон ыла кысыллар “сордоно” буола турар курдук, кинилэр эрэ ытаныылара, айманыылара, баттахтарын ургэниилэрэ😀

  8. Бассабыык уола.

    Гражданскай сэрии бютэ илик ,мин санаабар.,Кыра хара норуоту баттаабыт,хаанын испит былыргы тойоттор ыамалара иккистээн тёбёлёрюн кётёгён аны остуоруйаны уларытан,бэйэлэрин аны буруйа суохпут дэтээри гыналлар.Тохтуургут буолуо!Адьас киирэн биэримэн кинилэр тылларыгар!

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»