Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

ЭМЭЭХСИН “БЭТТЭХ” КЭЛЛЭ… (Памфлет)                                                         

21.04.2022 15:20 0
ЭМЭЭХСИН   “БЭТТЭХ”   КЭЛЛЭ…  (Памфлет)                                                                                                                                  

Украинаны кытта быһылаан кэнниттэн санаарҕаан да биэрбитэ. Хата Путин эппитинэн, эдэрдэри ылбаттар, контракт оҥостубуттар уонна баҕа өттүнэн барбыттар сэриилэһэллэр үһү. Итини истээт эмээхсин киһи сөҕүөн курдук сэргэхсийдэ, “бэттэх” кэллэ. Сиэннэрин, эдэр күтүөттэрин туһунан санаахтыыр буоллаҕа. Миигин умнубут курдуга, мөхпөт, бэл чокуускабын да кистээбэт буолбута, мэктиэтигэр онтон тугум эрэ итээбитэ, тэһийбэт да курдук буолбутум. Ол бэйэтэ уларыйа оҕуста, хас чокуусканы атыыласпытым кытта ырытылынна, киин ханаалы көрө-көрө тугу саҥарбытым ахтылынна. Бу санаатахха миигин наһаа умнубатах эбит, көрө-истэ сылдьаахтаабыт…

  Былыр оҕонньоттор дьахтар сарсыарда уһуктан оронуттан туран уотугар кэлиэр диэри санаата түөрдүөннэ уларыйар дииллэрэ. Эчи элбэҕэ да бэрт эбит. Мин киһим оччо да буолбатар, санаата син уларыйар. Сорох санаатыгар саарбахтаабакка холбоһобун. Үксүгэр НБК ханаалы көрөн санаа үллэстэбит, Батсаабы, Интернеккэ ютуб диэннэрин эҥин билбэт буоллахпыт. Коношенков диэн байыаннай кэпсиир да кэпсиир, Украинаҕа күн ахсын сүүһүнэн араас объектары суох оҥороллорун, самолеттары суулларалларын эҥин туһунан. Операция саҕаланыаҕыттан Украина тыһыынчанан байыаннай объегын сүтэрдэ быһыылаах. Эчи мунньуммута да элбэҕэ бэрт эбит, бүтэн биэрбэт, сэриибит сэбин баратаары гынна. Биһигини Мариуполь куорат кыайтарбата мунчаардар, хайа, ыйтан ордон эрэр дии, атаакалаабыппыт. Телевизорга көрдөрөллөрүнэн, урусхаллыы сатаатыбыт, хорҕойор да сир суох курдук эрээри нацистар бэриммэттэр. Балтараа тыһыынча кэриҥэ боевик билиэн кэлбитин көрдөрбүттэрэ. Биир нацист илиитигэр наручниктаах олорорун доппуруостуур курдуктара. Аныгы билиэннэйгэ наручник кэтэрдэллэр эбит. Хайа, хас эмэ тыһыынчанан наручник наада буолсу дии, билиэн бөҕөтүн ылыахпыт турдаҕа. Дойдубутугар баар уоруйахтарбытыгар, күлүгээммитигэр, бандьыыттарбытыгар наручник тиийбэт айдаана буолаарай. Эмээхсин биһиги итинтэн эмиэ мунчаарабыт. Украина президенэ Зеленскэй уон сылы быһа сэриилэһиэхпит диэбититтэн салынныбыт да, бэйэбит президеммит Путин барахсаҥҥа итэҕэлбит улахан. Арай, ХНТ Генеральнай сэкэритээрэ Украина кириисиһэ аан дойду биэс гыммыттан бииригэр, ол эбэтэр икки миллиард кэриҥэ киһи хоргуйуутугар уонна дьадайыытыгар тиэрдиэ диэбитин истэн да итэҕэйбэтибит. Баҕайы ыраламмыта куһаҕанын. Биһиги телевидениебит инньэ диэбэт, хаһан да сымыйалаабат. Санаабытыгар Путин улам тупсан, эдэригэр түһэн иһэр курдук. Арай чугас киһитэ Песков баттаҕа маҥхайыахча буолбутун өйдөөн көрдүбүт, аһынныбыт. Түүн утуйбакка үлэлээн эрдэҕэ.

  Жириновскайбыт өлөн хаалан хомотто. Төһө да биһигини хоту үүрүө диэн өһүргэннэрбит, онто да суох дьоммут үтүөтэ хоту олорор. Арктиканы баһылыыр сорук турар, онно биһигинэ суох табыллыбаттар ини. Жирик хата сыыстарбат, барытын өтө көрөр. Биһигини Белоруссия тойоно Лукашенко өйүүрэ үөрдэр, киһиттэн ураты киһи өйөбүл буолара элбэҕи эрэннэрэр доҕор. Урут араас дойдуттан мустубут суруналыыстарга интервью биэрэн кэһэтэлээн турардаах. Телевизорынан көрдөрбүттэрэ, сымыйалаабаппын. Памперса суох 8 чаас устата тохтообокко араас эриирдээх ыйытыыларга хоруй биэрдэ диэбиттэрэ. Эмээхсин ону көрбөтөх эрээри миигин хомуруйбута, чокуускаҥ төбөҕөр охсубут диэбитэ. Чокуускам оҕустун да охсубатын, мин төбөм итини адьас чуолкай өйдүүр. Онон Лукашенконы убаастыыбын да убаастыыбын.

 Дьэ кэнники күннэргэ итинник араас санаалаах олоробут. Иллэҥ – эрэй. Ол, Зеленскэй этэринии, эппэрээссийэ уон сыл устата салҕанан бардаҕына сорох сабыытыйаны көрүө суохпут дии. Биһиги, аны кэлэн, ол уон сыл устата чэчирии олорбоппут буолуо диэн итини этэбин… Оҕолорбут, оҕолорбут…

***
Отох Уйбаан, 12.04.2022 с.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»