Детсаппыт барахсан
Ханна да тиий: баҕардар тигинээн-таҕынаан олорор саамай сайдыылаах дойду киин куоратыгар, эбэтэр хайа быыһыгар саһан сытар быыкаайык кишлакка, эбэтэр Саха сирин саамай уһук нэһилиэгэр - барыларыгар дьоллоох оҕо саас уйата буолбут уһуйаана баар буолар. Хас да уонунан сыл уҥуордаатын, үйэ да туораатын бу уһуйаан дьиэтин иһигэр оҕо күлэр саҥата, быыкаайык атаҕын тыаһа көлүөнэттэн көлүөнэ быстыбат ситимэ буолан бара туруо.
Оҕо уһуйаана – хайа да тэрилтэттэн ураты сылаас тыыннаах, туспа эйгэлээх, абылыыр алыптаах, киһини үөрдэр, сүргэтин көтөҕөр дьикти күүстээх буолар. Бу манна дии, чугас дьонноруттан арахсан, ходуһаларын кэҥэтэн, киэҥ ыырга үктэнэр быыкаайык оҕолор олох аартыгын киэҥ аанын арыйан аан дойдуларын кытта билсиһиилэрэ. Манна кинилэри иккис ийэҕэ тэҥнээх иитээччилэрэ, иитээччи көмөлөһөөччүлэрэ сылаас илиилэригэр түһэрэн ылаллар. Уонна уһуйан, үөрэтэн, такайан киһи киһитэ буоларга олук уураллар. Кинилэртэн уһуллан эт-сиин өттүнэн сайдан, өй-санаа эбинэн, сиэргэ-туомҥа сыстан, оскуолаҕа киирэргэ бэлэмнэнэллэр.
Маалыкайга маҥнайгы дьааһыла 1958 сыллаахха төрүттэммитэ. Ол саҕана аналлаах дьиэ суох буолан эргэ хонтуора дьиэтигэр аһыллыбыт. Сэбиэдиссэйинэн Афонская Маргарита Павловна диэн Кировскай уобаластан төрүттээх нуучча дьахтара үлэлээбитэ. Дьааһылаҕа 15 оҕо сылдьыбыт, сэттэ улэһиттээх эбит.
Нэһилиэккэ бастакы детсад 1960 сыл кыһыныгар аһыллыбыт, онно 15 оҕо сылдьыбыт. Сэбиэдиссэйинэн учуутал үөрэхтээх Васильев Николай Степанович анаммыт, эмиэ аналлаах дьиэ суоҕунан Васильев Иннокентий Степанович дьиэтин уларсан үлэлээбиттэр. Бу сыл сайыныгар 25 миэстэлээх саҥа детсад тутуллан улэҕэ киирбит. Сэбиэдиссэйинэн Иванова Елена Андреевна анаммыт.
1961 сыллаахха дьааһыла эргэ балыыһа дьиэтигэр көһөн кэлбитэ. Сэбиэдиссэйинэн фельдшер үөрэхтээх, омугунан украинка Поздеева Нина Васильевна улэлээбитэ. Бу детсадка 1963-64 сылларга Кузнецова Анастасия Николаевна сэбиэдиссэйдээбитэ.
Маалыкайга детсад саастаах оҕо элбээбитинэн, 1962 сыллаахха 4 оһохтоох былыргы колхоз хонтуоратын улахан дьиэтигэр өссө биир детсад аһыллыбыта, манна 20 оҕо сылдьыбыта, сэбиэдиссэйинэн Лыткина Анна Семеновна үлэлээбитэ. Детсадка маҥнайгы иитээччилэринэн: Васильев Василий Николаевич, Платонова Ксения Павловна, Типянова Евдокия Прокопьевна, Можукова Анна Николаевна, Исаева Александра Федуловна, Васильев Николай Васильевич, Саввинова Галина Афанасьевна-буолбуттара.
1971 сыллаахха, бу 3 оҕо тэрилтэтэ холбоһон, 75 оҕо сылдьар дьааһыла – сад буолбута. Сэбиэдиссэйинэн Евдокия Прокопьевна Типянова , фельдшеринэн Поздеева Нина Васильевна буолбуттара. Евдокия Прокопьевна 17 сыл устата бу тэрилтэҕэ олус бэриниилээхтик, оччотооҕу ыарахан кэмнэргэ энкилэ суох үлэлээбитэ диэн бииргэ үлэлээбит дьонноро билигин даҕаны ахталлар. Евдокия Прокопьевна билигин төһө да 84-с хаарын санныгар ууллардар, хараҕа мөлтөҕүн аахсыбакка, сөбүлүүр дьарыгынан дьарыгыран, сиртэн-буортан тэйбит курдук чэпчэкитик үктэнэн, биһиги аттыбытыгар сүбэ-ама биэрэ сылдьарыттан үөрэбит.
70-с сылларга икки детсад дьиэтэ иккиэн оһоҕунан оттуллар этилэр. Үлэһиттэр бэйэлэрин күүстэринэн мастарын мастаан, оһохторун оттуналлара, дьиэлэрин сылыталлара, ууларын-муустарын таһан, ас астаан, суунан-тараанан олорбуттара. 1986 сылга диэри бу оҕо тэрилтэлэрэ хонуктаах этилэр. Биир саастарын саҥа ааспыт оҕолортон саҕалаан оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго тиийэ хас биирдиилэрин ийэлии бүөбэйдээн, истиҥ сыһыан олохтоон, сэрэдэ аайы барыларын сууннаран, эмтээн-томтоон көрбүттэрэ-истибиттэрэ. Бу этэргэ, саныырга эрэ дөбөҥ курдук, ис-иһигэр киирдэххэ олус ыарахан, сыраны-сылбаны ылар үлэ этэ. Уһуйаан кэллектива ол саҕанааҕы олох ирдэбилинэн, совхозка фермаҕа дояркалары солбуйан, субботниктарга, элбэх күрэхтэһиилэргэ, концертарга көхтөөхтүк кыттан. Олус иллээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик үлэлээбитэ. 1986 сылтан детсад хонуга суох күнүскү режимҥэ көспүтэ.
1981 сылга кытайдарга ананан тутуллубут уопсай [Маалыкайга көскө кэлбит кытайдары олордо сылдьыбыттара] дьиэни 1988 сыллаахха өрөмүөннээн, сууйан-сотон киһи кута тохтуур дьиэтэ оҥорон, 4 бөлөхтөөх 75 оҕону тутар «Мичил» диэн ааттаах оҕо уһуйааныгар кубулуппуттара. Урут наар эргэ, кыараҕас дьиэнэн үлэлии олорбут эбит буоллахтарына, саҥа дьиэ үрдүгэ, киэҥэ-куоҥа сөхтөрбүтэ! Итиннэ элбэхтик сүүрбут- көппүт киһинэн саҥа анаммыт олус кыһамньылаах сэбиэдиссэй Ушканова Ольга Федоровна буолар. Кини 1979 сыллаахха иитээччинэн үлэтин саҕалаабыта. Уонна 2001 сылга диэри үлэтигэр олус бэриниилээхтик, элбэх сыратын-сылбатын биэрэн туран сэбиэдиссэйдээбитэ. Туспа турар куукуна, прачка, сылаас ыскылаат дьиэтин туттарбыта, саҥа гимнастическай, физкультурнай тэриллэр, снарядтар баар буолбуттара.
Ольга Федоровна билигин даҕаны буолар тэрээһиннэрбитигэр күндү ыалдьыт буолан кэлэр, эдэр иитээччилэргэ бэйэтин уопутуттан үллэстэн сүбэ-ама биэрэр. Дьиэтигэр эҥин-араас үүнээйини олордор оҕуруотчут бэрдэ. Кини дьиэтин таһыгар оннооҕор яблоня, вишня курдук мастар үүнэллэр, астаналлар.
2002 сыл күһүнүттэн иитээччи үөрэхтээх эдэр, эрчимнээх Матвеева Римма Георгиевна сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Сэбиэдиссэйдиэн иннинэ Маалыкай куустатын салайааччытынан бэрт таһаарыылаахтык, 4 нэһилиэк уһуйааннарын холбуу тутан, сэргэх-саҥа көрүүлээх идеялары үлэҕэ киллэрбитэ. Кини үлэлээбит кэмнэригэр детсад таһа көҕөрдүллэн, тупсаҕай көрүҥнэммитэ уонна оҕолор оонньуур былаһааккаларыгар саҥа сыыр, хачыаллар баар буолбуттара.
Римма Георгиевна 2005 сылга диэри улэлээн, «Мичил» детсадтан кынат үүннэринэн, билигин Дьокуускай куоракка «Уу-чукучук» оҕо уһуйааныгар бэрт таһаарыылаахтык методиһынан үлэлии сылдьар. Маалыкайтан куоракка тиийэн баран бастаан тулаайах, көрбөт-истибэт оҕолор интернаттарыгар үлэлиир. Онтон оҕо ис кыаҕын арыйар, саха оҕотун айылҕатын бэйэтин тэтиминэн уһугуннаран, сиргэ чиҥник үктэнэн олоххо бэлэмнээх тахсалларыгар анаан, Реджи диэн итальянскай философия көрүүтүгэр олоҕуран «Кэлэр кэм педагогиката» диэн авторскай методикатын оҥорон таһаарар. Билигин ол методикатын «Уу-чукучук» уһуйаан иһинэн үлэлиир «Чөмчүүк саас» оҕо сайдар киинигэр туһаналлар. Бэйэтэ элбэхтик семинардары, куурустары ыытар.
2005 сыл күһүнүттэн бу детсад иитээччитэ, эдэркээн Антонова Анна Алексеевна сэбиэдиссэйинэн үлэҕэ киирэр. 2006 сыл тохсунньутуттан уһуйаан 50 миэстэлэммитэ. 2009 сыллаахха улуус бюджетыттан 1 мөл. 500 тыһ. солкуобай харчы көрүллэн капитальнай өрөмүөн ыытыллыбыта. Детсад сарайа бүтүннүү металлочерепицанан бүрүллүбүтэ. Муостата, хара муостата кыра харчы көрүллэн аҥара уларыйбыта.
2010 сыл кулун тутар ыйыгар детсад таһыма уларыйан, «Оҕо этин-сиинин сайыннарар хайысхалаах оҕо саада» диэн аатын бигэргэтэн, ыам ыйыттан республиканскай экспериментальнай площадка буолбута. Үлэ сүрүн хайысхата оҕо доруобуйатын чөл оҥоруу, этин-сиинин сайыннарыы этэ. Анна Алексеевна билигин Антоновка сэлиэнньэтин «Ромашка» оҕо уһуйааныгар старшай баспытааталынан үлэлии сылдьар. Билигин даҕаны «мичиллэрим» диэн биһиги туспутугар олус кыһаллар, ыксаллаах кэмнэрбитигэр сүүрэр түргэн атахпыт, күндү киһибит буолар .
2011 сылтан 2017 сылга диэри эмиэ бэйэбит иитээччибит Васильева Оксана Иннокентьевна уһуйаан уруулун туппута. Оксана Иннокентьевна үлэлиир сылларыгар детсадпыт уота-күөһэ, проводкалара барыта уларыйбыта, дьиэбит өрөмүөн бара илик муостатын аҥара капитальнайдаммыта, детсад территориятын тимир лиистэринэн эргитэн олбуордаппыта уонна кухня сарайын металлочерепицанан бүрүттэрбитэ. Билигин уһуйааныгар психологтыы сылдьар.
2017 сыл күһүнүттэн 2020 сыл сайыныгар диэри биһиги детсад иитиллээччитэ, бэйэбит оҕобут Такырова Алена Владимировна сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Кини үлэлиир сылларыгар уһуйааммытыгар, аныгы уйэ ирдэбилинэн, благоустройство оҥоһуллубута.
2020 сыл күһүнүттэн сэбиэдиссэйинэн Герасим Михайлович Саввинов диэн эдэр киһи киирэн үлэтин саҕалаата.
Билигин биһиги уһуйааммытыгар 26 үлэһит үлэлиир. 3 группаҕа 50 оҕо сылдьар. Быйыл хамсык турбутунан, 37 оҕо испииһэккэ баар. Уһуйаан үлэһиттэрэ бука бары биир киһи курдук нэһилиэк, улуус иһинэн буолар күрэхтэргэ көхтөөхтук кыттан бириистээх миэстэлэргэ тиксэбит. Иитиллээччилэрбит ситиһиилэрэ эмиэ олус элбэх (нэһилиэк, улуус, республика). Билигин бу ыарыы турбутунан сибээстээн күрэхтэр дистанционно буола тураллар, онно эмиэ кыттыһан лауреат, дипломант буолуталаатылар.
Ону таһынан биһиэхэ идэлэрин чахчы баһылаабыт бэриниилээх иитээччилэрдээхпит ол курдук 32 сыл иитээччинэн үлэлии сылдьар Макарова Анфиса Иннокентьевна буолар. Кини икки сүүсчэкэ кып-кыра оҕону көрөн-истэн, иитэн-үөрэтэн оскуола боруогун атыллаттарда. Анфиса Иннокетьевна өр сыллаах үлэлээбит уопутун ылан көрдөххө, кини оҕону сиэрдээх майгыга, тылы ситимнээн, чуолкайдык, этии оҥорон санарарга үөрэтэр. Ол иһин иитэн таһаарбыт оҕолоро тыллара-өстөрө баай, санааларын толору лоп бааччы саҥарар, этэр буолаллар.
Ити курдук хас биирдии сэбиэдиссэй, үлэһит бу уһуйаан историятыгар бэйэтин хатыламмат суолун, буочарын хаалларда. 60 сыл диэн этэргэ эрэ кылгас курдук. Бу сыллар усталаах-туораларыгар тыһыынчанан ахсааннаах оҕо, үтүө суобастаах, кыһамньылаах үтүөкэн үлэһит «Оҕо туһа» диэн үлэлээн-хамсаан ааста. Уһуйааммыт 60 сыллаах өрөгөйүн бар дьоммутун кытта үллэстэбит. Уу сууругэ устарыныы олох тэтимэ тохтообокко барар, көлүөнэни көлүөнэ солбуйан саҥаттан саҥа оҕо уһуйаан аанын аһан киирэр. Олох салҕанар, олох туругурар! Биһиги үлэбит, ситиһиибит барыта эһиэхэ ананар! Үлэ киһини киэргэтэр, киэргэттин дьолоох оҕо күлүүтүнэн!
***
Наталья ИВАНОВА,
Маалыкай, Ньурба улууһа.
Махтанабыт кыыспытыгар Туйаара Карловнаҕа, төрөөбүт дойдуҥ туһунан сырдата тураргар!