Курс валют
$
82.75
0.62
€
92.39
0.2
Курс валют
Курс валют
$
82.75
0.62
€
92.39
0.2
Меню
Поиск по сайту

Cаха элбиир кыахтаах дуо?

10.10.2026 14:10 13
Cаха элбиир кыахтаах дуо?

Бүгүн биир киһини кытары көрсөн кэпсэттибит. Олоҕу-дьаһаҕы, күннээҕини, үйэлээҕи. Ол быыһыгар саха норуотун ахсаанын хайдах элбэтиэххэ сөбүй диэн. Уопсайынан норуотун дьылҕатын туһугар кыһаллар үгүс дьон ити боппуруоска урут да, аны да төбөтүн сынньан эрдэҕэ.


Элбэх ойохтонууну сокуонунан көнүллүөххэ диэн аан бастаан Николай Климович Антонов, тюрколог-учуонай, СГУ профессора этэн турар. Оччолорго улахан мөккүөрү таһааран турар. Эр дьон, ордук саастаах өттүлэрэ «бэрт этии» диэн биһирээбиттэрэ, дьахталлар өһүргэммиттэрэ.

Былыр баайдар хас да ойохтоноллоро диэн кэпсээн баар. Баайдар билигин да элбэх ойохтонуохтарын сөп, ол кэмиттэн буолбакка, баайыттан эрэ тутулуктаах. Сахалар үксүлэрэ дьадаҥылар, урут да, аны да. Онон хамнастан хамнаска сылдьар саха эр киһитэ биир ыалы ииттэҕинэ махтал. Ити бастакыта.

Иккиһинэн, итэҕэлбит атын. Мусульманнар дьахтары киһиэхэ тэҥнээбэттэр. Урут улахан аньыыны оҥорбуттар дьахтар буолан төрүүллэр диэн өйдөбүлүнэн  ол буруйдарын «боруостаталлар».

Оттон сахалар, Мандар Уус эппитин курдук, дьахтар таҥаралаах омук. Аан дойдуга  сахалар курдук дьахтары бууттаах көмүһүнэн ураннык-нарыннык симээбит омук ханна да суох. Кыыс оҕону уйаннык таптаабыт, харыстаабыт омук да ахсааннаах.

Кыыс оҕо – омук анала. Биир ыал, биир киһи анала буолбатах, бүттүүн омук – норуот анала, тутаах киһитэ. Ити этии – кыыс оҕо туора омукка кэргэн тахсан бардын диэн этии буолбатах.

Аар Айылҕабыт, төрүт итэҕэлбит икки атахтааҕы араарбат. Киниэхэ учуокка КИҺИ эрэ баар. Дьахтар сахаҕа – эр киһини кытары тэҥ кэрдиискэ турар, үрдүгэр да, анныгар да буолбатах. Бачча тыйыс айылҕаҕа дьиэни, сүөһүнү, оҕону, кырдьаҕаһы – аал уоту тутан олорор киһи – дьахтар. Аал уот – Олох. Хоту дойдуга аал уот умулунна – олох бүттэ. Ол иһин саха дьахтары күндүргэтэр, хоту дойдуну иччилиир кини киһи диэн. Онон өйбүтүгэр-санаабытыгар иккис-үһүc-бэһис ойох буолуу сүөргүлэнэр, өһүргэтэр.

Үсүһүнэн – Айыллыы диэн баар, Айылҕа оҥоһуута. Кытайдар, индустар курдук харса-хабаана суох хайдах да халыйа тэнийэр кыахпыт суох. Айылҕабыт атын, ыйаахпыт-оҥоһуубут атын. Былыр 20-ччэ төрүөхтэн биири тутан хааллахха үөрүү этэ. Чэҥ муус эркиннээх, туой муосталаах самнархай балаҕан кими тимирдэрин, кими күөрэтэрин кини эрэ билэрэ.

Аны, генетиктэр этэллэринэн (соторутааҕыта Вероника Софронова, ХИФУ генетик-учуонайа суруйарынан), сахаларга уонна ашкенази-еврейдэргэ саамай элбэх генетическэй ыарыы баар эбит диэн. Ашкеназилар итэҕэллэринэн уонна баайдарын үллэстимээри бэйэ-бэйэлэригэр кэргэн тахсаллара – генетическэй ыарыы элбэҕэр тиэрдибит. Уруурҕаһыы барбыт.

Оттон сахалар өр сылларга автономнайдык, кими да кытары буккуспакка ыраах баҕайы бэйэбит бэйэбитигэр олорон эмиэ уруурҕаспыппыт. Саха муста түстэ да, өбүгэлэрин ырытан бардаҕына ханан эмэ да буоллар алтыһан ылбыппыт тахсан кэлэр. Ордук биир улууска, нэһилиэккэ олорор буоллаххына. Былыр сэниэ ыал кийиити атын улуустан баран сүгүннэрэн аҕалара – хаанын аралдьытаары, чэгиэн оҕолору төрөтөөрү. Оттон улахан аҥаарбыт бэйэ-бэйэбитин кытары биир түөлбэттэн булсан ыллахпыт.

Уруурҕаһыы чугаһын профессор Розалия Бравина да этиититтэн көрүөххэ сөп. Этнограф, археолог, историк, Aartyk.Ru интервьютугар этэн туран: «Саха эр дьонун  80%-на биир киһиттэн төрүттээх», – диэн. Онон, доҕоттор, саха ынаҕа хайдах да муҥнан, элбээбэтин курдук, саха норуота кыаҕын таһынан хайдах да элбиир кыаҕа суох. Хас биирдии норуокка – демографическай потенциал диэн баар, ол нөҥүө түспэккин. Саха мөлүйүөнүнэн элбиир кыаҕа суох. Хайдах эрэ гынан саатар ахсааммытын тутан турдахпытына, «критическэй ахсаан» диэн чыыһылаҕа түспэтэрбит ханнык.

Онон, кыыһы-дьахтары копировальнай массыына оҥоро сатаабакка, «от количество к качеству» – ахсаантан хаачыстыбаҕа барар – үлэни  күүһүрдэр ордук көдьүүстээх буолуо. Күлэн этэллэрин курдук: «Хахай биир оҕолоох, сибиинньэ – cэттэ.  Уонна ким хоруолуй?». Аҕыйах да буолларбыт уһулуччу буоларга дьулуһуохтаахпыт.

Эт-сиин, олох, өй-санаа чэгиэнин ааһан чаҕылхай  буолуох тустаах. Саамай үчүгэй доруобуйа харыстабылын, үөрэҕирии, экологичнай производство ситимэ, саамай чулуу эрчиллэр маассабай спорт сайдыытын программата, саамай үчүгэй, сайдыылаах үөрэх кыһалара, саамай үчүгэй олорор усулуобуйа, хаачыстыбалаах  ас-таҥас, тыа хаһаайыстыбата баар буоларыгар кыһаллыахтаахпыт.

Кытайга кыбыллан олорор тибеттэр ахсааннара кытайдардааҕар муораҕа хааппыла кэриэтэ. Ол гынан баран аан-дойду дьоно кинилэргэ үҥэ-сүктэр барар. Ол курдук Саха сирэ – дьонун талаанынан, итэҕэлинэн, культурнай, спортивнай тэрээһиннэринэн, айылҕатын уратытынан эмиэ мекка буолуохтаах. Онуоха дьулуһуохтаахпыт.

 

***
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru

 

 

Обсуждение • 13

Добавить комментарий
  1. Марина

    Зачем плодить нищету, если есть возможность воспитать гения. Элбэх оголоох ыал дьаданытык олорор син биир.

  2. Хараххын кырдьыкка арый

    Кэхтии улэтэ бара турар. Роботтар ИИ диэннэрэ олох да сотору муцур уhугар тиийэр дииллэр. Сэрии чума аччыктааhын айыл5а содула барыта бутэр уhукка тиэрдиэ. Сиэри таhынан Сайдыы сир урдугэр оло5у кэ5иннэриэ.Аччык хаамаайы дьон элбиэ. Оннук дьону кытта холбоhон сайдыбаккын. Дьахталлар инвалид о5олору торууллэр. Наркоман акаары кэлии дьонтон.Оссо ТВ смс ноцуо харчы кордууллэр.Уонна хантан сайда5ын. Заспиртованный олохтоох дьон арыгы магазиниттан кабактан арахпаттар. О5олоро СКШИ эрэ уорэнэллэр.Ким оннук дьону Киьи диэ5эй. Онно5ор ЕС Россияны сирин уллэстэн баран дьонун суох оцоробут дииллэр.Хамначчыт да буолбаккын.Политика Экономика кытаанах. А5ыйах миллионер миллиардер бутун Аан дойдуну кыайан тутан олорбот.Сымыйа кыhыл тылынан кыыран ырааппаккын.Оhох оттор маhа суох.Таас чо5о гаьа бензина суох олорон.Барыта уоруйах дьон илиитигэр ицэр.Ол иhин оhургэнэн бырдацалаабакка. Киhилии олоро сатаац.

  3. Владимир

    Саха хас да уйэ тухары ахсаанын элбэтэн иhэрэ.Сана олох сана ыарахаттарын ,алаас уустук проблемаларын тобулуо диэн бук эрэллээхпит. Ону кердерер тутуллубут 100 объектар ЯАССР юбилейыгар, тутулла турар Лена еруска муоста. Саха сатаабатага суох. Олохпутун тупсарарга ейбутун холбоон огону элбэтиини , ого доруобуйатын тупсарыыны да тобулуохпут.

  4. Билбэтэ5э буолумац

    Саха АССР 100 сылыгар 100- автобус ыллыбыт диэн мэрия5а клоун хаhыытаабыта. Ханна баарый ол 100- автобус 10- ча шт. Суурэ сылдьар. Оннук салайаччылаах олорон тоhо сайда5ын.Аварийный дьиэни коhорбото. Нацпроект харчыта xанна барда. Тутуу бо5ото сиппэккэ турар. Миллионнынан/ миллиард харчы дьиэ5э суолга диэни уоран бутэрдилэр.СК А. Быстрыкин суругунан эрэ хамсыыллар. Дьон уксэ Ипотека кредит аренда. Саха а5ыйах. Уксэ атын сиргэ коспуттэрэ ыраатта. Хаалбыт кыаммат дьон якуттар. Саха буолбатахтар. Саха сирин сиэн атыылаан эстилэр.И.Луцкан Е. Голомарева К. Бычков курдук былааhы арбыыр чиновниктар дьону эстилэр.

  5. Айан

    Саха дьахтар танаралаах омук уьу. Ар-дьаалы! Хайа да омукка инник суох. Мандар уус курдук мындыр киьи инниги эппэтэх буолуохтаах. Атыны эппитин токурутан этэр буолуохтаахтар.

  6. Владимир

    ,,Иччи – хозяйку земли,… представляли в образе доброй ….женщины. …Саха очень почитали иччи ( женщину) …,,приносят им жертву…. М. Е. Николаев, первый президент РС.

  7. Бэйэҥ иннин көр

    Инбэлиит оҕо арыгы быһа сиэбит хааннаах, наһаа элбэхтик содур дьахтарданан эттиин-хаанныын сүһүрбүт ЭР КИҺИ сиэмэтиттэн төрүүр. Дьахтар онно тугун буруйай?

  8. Михаил Алексеев

    Мин кыра сыыһалаах да буоллар саха ахсаанын ааҕабын, ити билигин эргитэн этэр ааҕыылара 478 тыһыынча 2010 перепись, онтон 2014 сылга эмиэ бэйэтэ ааҕар интернет ресурс саха ахсаана 500 тыһыынча буолла диэбитэ, уустуга Дьокуускай куоракка теһө саха баара үс сыллааҕыта тахсыбыта 268727 саха олорор диэн, манна аӈардас Илин Эӈэр 100 тыһыынчаны эбиэх, аны Бүтэй Бүлүү сүнньэ, атын улуустар, сорохтор хос ааҕыллыбыт диэн көҕүрэтэн,өссө биирдэ этэбин көһөн барыыга нуучча гиэнэ син биир элбэх, онон эбиллэр да буоллаҕына сотуһан кэбиһэр, онон + үксэ сахаҕа, үс сыллааҕыта мин ааҕарбынан 530 тыһыынча саха баара, билигин 547-550 тыһыынча саха баар Саха сиригэр, мөлүйүөн буоллахха саха эстиэ суоҕа, ол кирбиини ылар кыах баар – ол тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы , 15% бюджеттан, ол эмиэ кыаллар да ону кыайбат салалта олорор, соруйан дуу, өйдөөбөтүттэн дуу – билбэтим

  9. Саха омук

    элбиир кыахтаах бе5е буо. Ол гынан баран ахсаан эрэ буотах ордук улэhит-уэрэхтээх , ситиhиилээх-хотуулаах буолара наада. Холобурдары ыллахха Азербайджанна Красная Слобода диэн 4 тыс. киhилээх беhуелэктэн элбэх биллэр-кестер дьон тахсыбыта : академик Илизаров , 3 долларовай миллиардер уо.д.а. Америка5а семинол диэн 20 тыс. индеец бииhэ миллиардынан доллар баайдаах , Манхэттенна , Голливудка бас билэр дьиэлээх , билигин урдуку технологияларынан дьарыктанан эрэр.

  10. Владимир

    ,,Европейцев удивляло, что якуты, в отличие от всех остальных народов – оленеводов, охотников, рыболовов, занимаются преимущественно коневодством, держат крупный рогатый скот. ” М.Е.Николаев, Первый президент РС.

  11. Владимир

    Николаев М. Е верил,что в современном мире: ,,Народ в любом случае не пропадет…” Возлагал большие надежды на молодежь.

  12. Болуодьа, опомнись !!!

    Возложенный Молодёжь МЕН давно свалили на самолёте запад.Те которые учились по программе Подготовка и расстановка кадров тоже остались в центре. Кто то давно работает за границу. Хвалёные ITки которых тоже учили бесплатно. Уехали в первые же дни СВО. Как сейчас называют таких. “Иноагентом”. И кто после этого будет процветать. По России мигрантов гастеров радикалов больше чем населения. Если власти сами продают паспорта дипломы детские пособии и пенсии. Дарят квартиры. Продают земли. Остались одни алкота наркота и неучи. Это угодно властям. Чтобы открыто воровать бюджет. Обманывать людей без конца. Вывезти все ресурсы страны. Что далеко ходить. Иди и смотри на мэрию на глав районов и депутатов. Где они и где люди сами выживают на северах.Аварийных домах заброшенных поселениях. Хватит восхвалять власть.Ты, для них никто.

  13. Владимир

    В РС 315,2 тысяч молодых от 14 до 35 лет.Это 31,3 % от общей численности населения нашей республики. Да креативные, успешные молодые уехали за границу из – за СВО России в Украине. Молодежь наша даже в этих трудных временах работает ,развивается ,учится. Есть и воры .Их ловят и сажают в тюрьму.

Оставить комментарий