Былахыны быттыыр хотой – хотой буолбатах
«Кыымҥа» «Ил Дархан үлэтин туһунан санаалар» диэн ыстатыйаны ааҕан баран улаханнык сонньуйдум.
Аахпатах дьон баар буоллаҕына, судургутук ыстатыйа аата да кэрэһэлииринии Ил Дархан үлэтигэр-хамнаһыгар анаммыт диэххэ. Бу үйэҕэ саха норуотугар, сахалыы тылынан-өһүнэн пиардаммат Ил Дархаммыт хайдах буолбутай диэх айылаах халлааҥҥа тиийэ хайҕаммыт. «Түҥкэтэх норуот», «хара санаалаах дьон», «дьыбаан бэлиитиктэрэ»… дьэ, «норуот хаһыата» дэммит хаһыат норуотун киллиэйдээбитэ сүр.
Бастатан туран, Ил Дархаммыт сатабыллаах салалтатынан хамсыгы – ковид-19 ыарыыны кыайдыбыт, «олорон биэрбэтибит» диэбиттэр. Бу айылаах аан дойду кыайа илик идэмэрдээх дьаҥын ойуччу Саха сирэ «сатабыллаах салалтатынан» кыайбыппытын билбэккэ сылдьар эбиппит. Субу күҥҥэ даҕаны ыал ыалынан суорҕаҥҥа-тэллэххэ хам ылларан сытар. Тыын быһаҕаһынан тыына сытар киһи бу «кыайыыны» хайдах ылынара буолла? Оттон бу уруй-айхал ыстатыйа иннинэ аҕай «Кыымҥа» суруналыыс Туйаара Сиккиэр, сүтүктээх киһи аатыттан, улахан ыстатыйа суруйан турар. Дьон хайдах ыалдьыбытын, балыыһаҕа киирэр ыараханын, аны өлбүт дьону салаппааҥҥа суулуу-суулуу бутуйан атын киһи өлүгүн биэрэллэрин туһунан сүрдээх, киһи куйахата күүрэр ыстатыйаны суруйбута. Аны туран, сарсыныгар диэбиккэ дылы, коллегата Ил Дархан баар буолан «хамсыгы кыайдыбыт» диэн таһаарар… Киэн туттар, Госпремия лаурета буолбут аҕа саастаах суруналыыспыт маннык кыырайан иһэн «атаҕын уларыттар» буоллаҕына, кыра-хара суруксуттан тугу ирдиэхпитий?
Мөлүйүөнү кыайбат ахсааннаах быыкаай нэһилиэнньэлээх республикаҕа доруобуйа харыстабылыгар үчүгэй тэрээһин суоҕуттан ыарыы кэмигэр эмтэниллибэккэ өлүү-сүтүү элбэх диэн сыана быһыы туох да үтүмэн. Бу күҥҥэ, официальнай статистиканан, 312 киһи күрэннэ. Дьон айаҕын хам туппаккын, саха да аҕыйах, кимнээх быстыбыттара, былаҕайга былдьаппыттара социальнай ситимҥэ тахса турар.
Ыстатыйаҕа “Медиазона” сайт даннайдарыгар сигэнэн, «Саха сирэ кырдьыгынан отчуоттуур регионнарга сылдьар» диэн суруллубут. Ссылката суох. Ыстатыйаҕа төһө да «түҥкэтэх норуот», «хара санаалаах дьон» диэн ааттаннарбыт даҕаны, бырастыы гыныҥ, билигин боростуой төлөппүөн буолуохтааҕар смартфона да суох киһини булан ыларыҥ уустук. Эбэлиин-эһэлиин, ийэлиин-аҕалыын, оҕолуун-уруулуун сарсыарда харахпытын хайа тардыахпытыттан түүн ороммутун булуохпутугар диэри бассаабы, социальнай ситими, интернет сайтары ааҕар, хаһар дьоммут эбээт! «Медиазона» сайт, хата, Саха республиката Чайыҥдаҕа ыалдьыбыт дьон ахсаанын статистикатыгар киллэрбэтэ (https://vesma.today/news/post/16672-mediazona-pochti-400), «хойутаан» көрдөрөр регионнар ахсааннарыгар киирэр диэн ыстатыйаларын буллубут (https://yandex.ru/turbo/zona.media/s/article/2020/11/30/itsk-covid).
Республикатааҕы оперштаб салайааччыта Ольга Балабкина «сиирэ-халты» статистикалааҕын бэл брифиҥҥэ быһаара сатаабыттаах (https://yakutia-daily.ru/vlasti-yakutii-prokommentirovali-razniczu-v-dannyh-po-zabolevshim-koronavirusom/) . Саха сирин оперштаба улуустар ыарыһахтарын «умнан кэбиһэрин» социальнай ситими ааҕар дьон бары билэллэр. “Тоҕо Таатта, Ньурба, Мэҥэ көрдөрүүтэ киирбэтэ!” – диэн сураһыы бөҕө буоллубут эбээт. Бэл, Ньурба куорат мээрэ видеоҕа уһуллуор диэри статистиканы саарбахтаабыта. Ол кэлэн билигин ыстатыйаны аахтахха «кырдьыктаахтык көрдөрөр» регион буолан хаалбыппыт.
«Кыым» ыстатыйатыгар Питергэ тахсыбыт быһылаан ахтыллар, блокада саҕана суруллубут Таня Савичева дневнигин санатар диэн. Ыарыы кырдьык ыар, ол эрэн итинник биир ыалга хастыы да киһи суорума суолламмыта Саха сиригэр суоҕа дуо? Биллэр-көстөр ааттаах артыыстарбыт утуу-субуу бараахтаабыттарын номнуо умуннубут дуо? Атын боростуой муҥнаахтар былаҕайга былдьаммыттара ахсарыллыбат дуо? 5,5 мөлүйүөн нэһилинньэлээх куораты уонна 1 мөлүйүөнү кыайбат дьонноох республиканы тэҥниир төһө оруннааҕый?
Ыстатыйаҕа доруобуйа харыстабылын сатаҕай үлэтиттэн буолбакка, Коробов «сиэмэх штаммы» Швейцарияттан аҕалан элбэх киһи ыараханнык ыарыйда дэммит. Ол Саха сиригэр «ураты штамм» аҕалыллыбытын хотун Христофороваттан ураты, научнай, медицинскэй эйгэ биир эмэ киһитэ бигэргэттэ дуо?
«Былаас, доруобуйа харыстабыла ыарыыны кытта охсуһарга үөрэннилэр» диэн суруллар. Ол иһин ыарыыны кыайбыт үһүбүт? Оттон хайдах эрэ халлаан тымныйан, Сахабыт сирин айылҕата барахсан дьаҥы хаптаттаҕа буолуо суоҕа дуо? Кырдьаҕастар кыһын халлаан сылыйарын «дьаҥы аҕалар» диэн сөбүлээбэт, мөҕүттэр этилэр. Хаһан эпси биэрэн дьаҥы хаптатар диэн күүтэллэрэ. Онон ыарыы намырыыр да буоллаҕына ийэ айылҕаҕа махтал.
Били ойуур уотун сай устата умулуннарбакка гынан баран, күһүөрү айылҕа ардаан-хаардаан умулуннарбытыгар былааспыт «мин кыайдым» диэн чабыламмытын курдук быһыы-майгы саҕаланна.
“Ахсынньыттан саҕалаан ыарыы намырыа” диэн оттон анал специалистар сайыҥҥыттан суоттуу олорбуттара. Үөрэхтээх эпидемиологтар күһун пандемия иккис долгуна саҕаланыахтааҕын эмиэ сэрэппиттэрэ. Бары онтон дьааххана сылдьыбыппыт. Дьаһаллаах баһылыктаах регионнар бэлиэр сайыҥҥыттан саҕалаан күһүҥҥү ыарыыга бэлэмнэнэн барбыттара. Оттон биһиги миниистирбит сайыны быһа «сылайан» уоппускаҕа сырытта. Баһылыкпыт буоллаҕына, Москубатааҕы мунньахтартан ордубата. Күһүн кэллэ, ханна барыай, ыарыы өрө турда, эмиэ кыһыл тылынан кыырыы – туох да бэлэмнэнии суох. Соһуйуу, өмүрүү…
Медиктэрбит СИЗтара суох дуу, куһаҕан хаачыстыбалаах дуу – үлэлиир сирдэригэр сутуллан хас да киһи күн сириттэн бараахтаатылар. Иэдээн буолбатах дуо бу, быыһыахтаах, эмтиэхтээх дьоммут бэйэлэрэ быыһанар кыахтара суоҕа?!
«Махтаныах оннугар олоҕо суох, сороҕор этэрбэс араадьыйатын сурахтарыгар олоҕуран» быраастары үөҕэллэр диэн ааптар этэр. Биир эмэ коронавирустаабыт дуу, чугас киһитин сүтэрбит киһи дуу эмтээбит быраастарын үөхпүтүн көрбүккүт, аахпыккыт дуо? Хата, быраастар барахсаттарга махтаныы үгүс. Норуот, быраастары буолбакка, тэрийиини, үлэни аттаран туруорбат сатаҕай салалтаттан сылтаан элбэх киһи ыараханнык ыарыйда диэн буруйдуура оруннаах дии саныыбын.
Бу ыстатыйаҕа саамай киһи кэлэйиэх атын региоҥҥа үлэлии-хамсыы сылдьар саха киһитин – Карелия миниистирин – үрдүгэр саба түспүттэр. Бу Борисова, Балабкина, Николаев кыайан салайбаттарыгар, тэрийбэттэригэр ханна эрэ үлэлии сылдьар киһи туох буруйдааҕый?! Эчи саха киһитэ атын сиргэ тиийэн кыаҕа кыайарынан үлэлии сылдьар, этэҥҥэ эрэ буоллун диэхтэрин оннугар тоҕо эмиэ кинини кытары бэрт былдьаһан, хараардан бардылар! Бу республика баһылыга ааттаах киһи Парфенчиковы дуу, Кадыровы, Кожемяканы дуу кытары бэрт былдьаһыахтааҕа! Туспа регион миниистирин – атын таһымнаах чунуобунньугу кытары эмиэ хайаан бэрт былдьаһан барда?! Ол аата кини бу Охлопков курдук үрдүк таһымнаах управленеһы республикаттан кыйдаабыт эбит буоллаҕа. Маннык тиэрэ кэмэлдьи кэнниттэн, туох да сыһыана суох киһини түһэрэ сатыы сылдьан эрэ, «сомоҕолоһуохха» диэн ыҥырыытын ким ылыныай?! Тэҥниир буоллахха, бу күҥҥэ Карелияҕа 117 киһи коронавирустан олохтон туораата, биһиэхэ үс төгүл элбэх -312! Саха норуота үс сүүстэн тахса киһитин сүтэрдэ…
Уопсайынан, Ил Дархаҥҥа атын киһини тэпсэ-тэпсэ бэйэтэ чорбойо сатыыр майгы ханан да барсыбат сүөргү. Итини Охлопковка эрэ сыһыаннаан буолбакка, Егор Борисовка даҕаны сыһыаныттан, былыр үйэҕэ ааспыт куорат мээригэр киирсибит дьону, бизнесменнэри сойуолаһарыттан, өс-саас ситиһэ сатыырыттан көстөр, онтон киһи улаханнык хомойор уонна хоргутар. Былахыны быттыыр хотой – хотой буолбатах.
***
Охлопков туһугар тохтоон аастахха. Соторутааҕыта «Аартык» суруналыыстара анаан-минээн Карелияҕа бара сылдьыбыппыт. Регионы кытары билсэ-көрсө, дьонун-сэргэтин, олоҕун-дьаһаҕын көрө-истэ.
Онно сылдьан коллегаларбытын – суруналыыстары кытары билсибиппит. Карелия биир ааттаах-суоллаах суруналыыһа, республика медиа эйгэтигэр бэйэтин дьоһун миэстэтин булбут, норуотугар сабыдыаллаах интернет-таһаарыы «Столица на Онего» редактора Наталья Захарчук интервью биэрэн турар. Захарчук соцопрос түмүгүнэн, Карелия республикатыгар баһылык кэнниттэн иккис улахан сабыдыаллаах киһинэн Михаил Охлопков буолар диэн кэпсээбитигэр сүрдээҕин киэн тутта, долгуйа истибиппит.
Наталья эһиил Карелияҕа хас да таһымнаах быыбар буолаары турарын, политическай киирсии сытыырхайбытын кэпсээбитэ. Оттон ити ыстатыйаҕа ахтыллыбыт Карелия “ЕР” баартыйатын дьокутааттара Охлопковы “үлэтин кыайбат, иэдээни оҥордо, устуҥ” диэн суруйуу – улахан күүркэтии. Бастатан туран, быыбарга киирсиэхтээх биир депутат этэн турар. Ол депутат «миниистири ууратыахха» диэбитин хата бэйэтин утаран, олохтоохтор бэйэтиттэн мандатын былдьыахха диэн илии баттааһын саҕалаабыттара. Тоҕо эрэ ол түгэн ити ыстатыйаҕа ахтыллыбатах.
Иккиһинэн, Карелия республиканскай инфекционнай балыыһатын кылаабынай бырааһа элбэх үҥсүү киирбитин иһин үлэтиттэн ууратыллан баран айдаан таһаара сатаата, диэн коллегаларбыт быһаараллар. «Депутат ол бырааһы көмүскээн миниистири ууратыахха диэн тыллаһан хата бэйэтин утары илии хомуурга түбэстэ», – дииллэр. Ити чахчыны эмиэ Ил Дарханы арбыыр ыстатыйаҕа арыылаан, тумнан киллэрбэтэхтэр.
Салгыы ыстатыйаҕа Ил Дархан чулуу үлэтин-хамнаһын туһунан «санаабыттар».
Туох баар федеральнай хааһынаттан регион аайы национальнай проектарга кэлэр харчыны олорчу Айсен Николаев үтүөтэ-өҥөтө курдук «санаабыттар». Ким да олорбутун иһин оттон кэлиэхтээх харчы кэллэҕэ, соһон, туруорсан аҕалара эбитэ буоллар хайҕыахха сөбө. Урут-уруккуттан Чечня, Дагестан уонна Саха сирэ федеральнай бюджеттан саамай элбэх харчыны ылар республикалар диэн күнүүгэ барбыт дьыалабыт. Иккиһинэн, бу айылаах пандемия охсуутуттан эмсэҕэлээбит экономиканы өйөөһүн, социальнай тыҥааһыны намтатыы – улахан быыбардар буолаары турдахтарына политическай суолталаах быһаарыы буоллаҕа.
Аһара түһэн: «Ыарыы намырайан, Саҥа дьылы бырааһынньыктыыр бобуллубата», – диэн үөрүүлээх сурах кыбыллыбыт. Ил Дархан ыйааҕа да суох, олох ыйааҕынан Саҥа Дьылы былыр да, аны да көрсөн-көрсөн кэллэхпит.
«Ил Дархан А.Николаев сэтинньигэ Москубаттан эмиэ ситиһиилээх кэллэ. РФ экэниэмикэтин сайдыытын миниистирэ М.Решетников “Саха сирэ нацбырайыактарга күүскэ үлэлиир, онон уопуккутугар олоҕуран дойду 2030 с. диэри стратегическай былааннааһыныгар киирэр, регионнарга тарҕанар мадьыалы оҥорон киллэриҥ” диэбит. Этэргэ дылы диэтэ эрэ, диэбэтэ эрэ. «Путин Өлүөнэ муостатын тутарга сөбүлэстэ» диэн икки сыллааҕыта пиарданыллыбыт сонуну санатар.
“Росрезервэ” аһа-үөлэ хаачыстыбата үрдүк, хотулар абыраналлар», – дэммит. Билиҥҥитэ хотулар ветеринарнай сулууспалара сарбыллар буолан, үлэтэ суох киһи ахсаана эбиллиэ диэн ытырыктата сылдьаллар. Таба, балык хаачыстыбатын тургутар анаалыһы Анаабыртан Мирнэйгэ ыытар буолаллар, ыйы ыйдаан анаалыс түмүгүн күүтэргэ эттэрэ-астара ымыйымына ханна барыай – http://aartyk.ru/recommended/hotugu-uluustarga-veterinarnaj-suluuspalary-achchatyy-bylaannanar/.
Ил Дархан Москубаҕа сэтинньитээҕи «сорсуннаах сырыыларын түмүгэр» суол, дьиэ тутуута түргэтиир буолбут дэнэр. Инньэ Штыров саҕаттан дьиэ тутуута, хаарбахтан саҥаҕа көһүү сылын ахсын Саха сирэ Дальнай Востокка бастаан бастаан кэлбитэ. Грабцевич “Якутия вся строительная площадка” диэн Ленин болуоссатыгар былакаата ыйаныллыар диэри.
ОДьХ реформатын пуондатын салайааччыта К.Цицин сылын ахсын сахалары «хайгыыр» – https://ysia.ru/egor-borisov-my-yavlyaemsya-liderami-dalnego-vostoka-po-vvodu-zhilya/, https://minstroy.sakha.gov.ru/news/front/view/id/2659260 . Бэл, соторутааҕыта ТайгаПост суруналыыстара Камчаткаҕа Солодовка тиийбиттэригэр, хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ Саха республиката куруук инники диэн бэлиэтэнэр – http://taigapost.ru/news/vladimir-solodov-o-yakutii-kamchatke-i-gluboko-lichnom-eksklyuziv-taygapost.
Арктиканы сайыннарыы госпрограмманан оттон суола-ииһэ суох сирбит баайын хайдах хостуохтарай? Оҥорумуна, оҥорон-оҥорон кэллэхтэрэ эбээт.
Ыстатыйаҕа: «Дьааҥылар олохторо чэпчиирэ, сайдаллара – барыбыт интэриэспит», – дэнэр. Икки сылы быһа Дьааҥы тыата умайарыгар, дьон буруоттан тумнастарыгар «барыбыт интэриэспит» дэниллибэтэхтэрэ. Айылҕа бэйэтэ умуруоран дьон быыһаммыта. Аны бу, социологическай наука доктора, общественник Ульяна Винокурова Арктика дьоно дьылы туоруур астара, уматыктара суох, дьоҕус бизнес иэскэ киирдилэр диэн былаастарга Аһаҕас сурук суруйа олорор. Арктикаҕа бизнес нолуоктан босхолонно диэн омоллоон ыһыаҕын ыспыттара, баара-суоҕа эмиэ улахан бизнескэ уочараттаах чэпчэтии буолан тахсыбыт эбээт?
Ыстатыйаҕа эһиилги бюджет 9 млрд солк. улаатта диэн уруйданыллар. Оттон республика государственнай иэһэ төһө улааппыта ыйыллыбытах. Санатабыт – Саха Республикатын иэһэ 2018 сылтан 10 млрд солк. улаатан иэс-күүс элбиир тэтиминэн саамай бастакы миэстэлээх регион буолабыт- https://regnum.ru/news/economy/2597823.html. Уопсайа 2020 сыл ыам ыйыгар Майя Данилова, экономика министрэ эппитинэн, Саха сирин тас иэһэ – 52 млрд тэҥнэспит – https://yakutia-daily.ru/gosdolg-yakutii-uvelichilsya-na-3-mlrd-rublej/?utm_source=yxnews&utm_medium=desktop.
«Эһиилги бүддьүөт бөҕө гына оҥоһуллан, ханнык да үбүлээһиҥҥэ хойутааһын тахсыа суохтаах. Улахан суума ДьУоХХ көрүллүбүт. Ол эрээри, А.Николаев уруккулуу таах сиэбэккэ, эниэргийэни туһаныы көдьүүһэ улаатара ирдэниэ диэтэ», – диэн ыстатыйаҕа суруллар… Эмиэ бэрт былдьаһыы… Урукку республика салалтатын үлэтин туора сотуу. Хаһан да республика кэнники соһулла сылдьыбатаҕа. Хаһан да Ил Дарханнар иннилэригэр үлэлээбит дьону сирэй-харах анньыбатахтара. Бу – билиҥҥи Ил Дархаммыт киһи быһыытынан хаачыстыбатын ырылхайдык туоһулуур көстүү – «бары куһаҕаттар, мин эрэ үчүгэйбин». Оҕотук куоталаһыы буолбатах дуо?
Үүт харчытын тула айдаан тахса турар. Тыа дьоно эрэйдээх сайынын үүт туттаран дохуоттаммыта баара, эмиэ ирдэбил үөһэ ирдэбил саҥаттан толкуйданна. Ил Дархаммыт быһааран биэриэн оннугар «оччо сылга бачча буолуо, иччэ сылга итиччэ кэлиэ»… Оттон дьон субу билигин олоруон, харчы аахсыан, аһыан-сиэн баҕарар эбээт. Субу билигин, субу күҥҥэ.
Өлүөнэ муостатын тутууну «хара санаалаахтар утараллар» үһү. Ыарахан… Федеральнай бюджеттэн муоста тутуутугар үп көрүллүбэт диэн инньэ Форбска тиийэ РФ Минтранса хоруйдуу олорор. Суоо-ох, оннук буолбатах «түҥкэтэхтэр» өйдөөбөккүт! Аһара баран «ол иннинэ биир да Ил Дархан ити муоста тутуутун чугаһаппатаҕа» дэниллибит. Аньыы дуу, үтүө дуу. Урукку президеннэрбит дьон бары босхо туһанар, республика бюджетын иэскэ баайбат суолу тутуһан туруорса сатаатахтара эбээт! Билигин уонунан сылларга республика бюджетын моҥкурууттуур турукка киллэриэхтэрэ үһү, өссө республика олохтоохторуттан ол муостанан туоруурбар хаччы ыла олоруохтара үһү… Кэмниэ-кэнэҕэс онтубут эмиэ «Чжода» буолан сииккэ симэлийэр ини. Муоста тутуллубатаҕын да иһин, бюджет «ВИС»кэ син биир төлүүр дуогабара баттаныллан турар. Төлөрүйбэт сүүһүнэн миллиардка иэскэ киириэх оннугар үс ыйга паромунан сылдьыбыппыт ордук ини диэн ол иһин дьон этэр-тыынар, хара санааттан буолбатах.
«ВИС» туһунан сурулунна ини, суруллубата ини. Куорат мээринэн үлэлээри Николаев бу чааһынай тэрилтэҕэ Дьокуускай бюджетын үтүмэн сылларга иэскэ баайан барда. Сылын ахсын 1 млрд кэриҥэ суумманы куорат бюджета «ВИС»кэ төлүүрүн курдук дуогабар түһэрсэн баран онно оҥос. 250-300 мөлүйүөннээх объектэр тиһэх уһугар 1-дии миллиардка тутуллубут курдук буолан хааллылар. Куораты оҕурсуунан, помидорунан ыһан кэбиһиэхтээх тэпилииссэбит биэрэриннэҕэр ылара үс бүк. Эмиэ хастыы да сылга. Арай «Саюриттан» ас таһаарыммыт тиһэҕэр «Алмазэргиэнбаан» аатырда.
Кэлии дьон бөҕөнү улахан дуоһунастарга анаата. Суох, дьиҥнээхтик үлэлээн-хамсаан ааттарын ааттатан, дьон ытыктабылын, биһирэбилин ылбыт дьон кэлэллэрэ буоллар үөрүөхпүт эрэ этэ. Талыллыбатах губернатор, кыйдаммыт мээр, бөх реформатыгар илиитин укпут дьон… төһө Сахабыт сирин сайыннарыахтарай? Эбэтэр ити «варягтар» ортолоругар соҕотох саха буоламмын «чээн» дэтиэм диэбитэ дуу? Оттон «чээн» да дииргэ туох эмэ төрүөт баар буолуохтаах этэ эбээт.
«Айсен быһаарбат», «кинини ыгаллар-түүрэллэр» диэн аһыннарар суруйуулар хам-хаадьаа тахсаллар. Оттон социальнай ситими кытары охсуһуоҕунааҕар күүһүн-күдэҕин, билиитин-көрүүтүн, сатабылын федеральнай кииҥҥэ республика интэриэһин туруулаһарыгар тоҕо анаабат? Дэлэлээх хайҕыах этибит дуо? Тоҕо тук курдук «ээҕи» кытары «ээх» буола сылдьыахтааҕый? Дьонун-норуотун интэриэһин туруулаһар кыаҕа суох эрээри, тоҕо муҥур дуоһунаска талаһыахха сөп этэй?!
«Кадыровы тоҕо кыайбаттарый, устубаттарый?», – диэн ааптар ыйытар. Кадыров курдук буоллун эбээт Николаев, федераллары кытары тэҥ муостаҕа туран кэпсэтэр кыаҕын оҥордун-туттун. Түһээни норуоттан буолбакка, улахан сир баайын хостуур корпорациялартан элбэттин, бэйэтин дьиэ кэргэнин эрэ буолбакка, бар дьонун олоҕун чэпчэттин, бюджет үлэһиттэрин сарбыйбакка, төттөрүтүн үлэ миэстэтин таһаардын.
Айсен Николаев куорат мээринэн да олорон кыһыл тылынан кыырыыны тутуспута, Ил Дархан дуоһунаһыгар тахсан да баран онтун ыһыктыбата. Мээрдиирин тухары тугу киһи тутарын-хабарын оҥорбутай диэн толкуйдуу сатаатахха – арааһа, арай таһа кылабачыгас, иһэ кураанах уоттаах фонтан эрэ өйгөр киирэрэ буолуо. Улаханнык арбаммыт «Чжода», «Саюри», ТОР «Кангалассы», «ВИС» ГЧП-та баар… салгыҥҥа, өй дуорааныгар.
Кэнники икки сыл тухары киһи илиитинэн тутан-хабан, сыттаан-сыллаан ылара туох оҥоһулунна? 800-чэкэ үлэтиттэн маппыт тыаҕа олорор медиктэр, 2021 сылга үөрэх систиэмэтигэр үлэлиир дьону, ветеринарнай сулууспалары сарбыйыы, муниципальнай чиновниктары аҕыйатыы, үүт харчытын кэтэх хаһаайыстыбалартан сотуу, хабалалаах муоста тутуутугар бэлиэр бастакы уонунан мөлүйүөнү кутуу, 18 миллиардтаах кулуубу тутуу… Тугуй уонна? Хаһан эрэ, ханна эрэ буолуо үһү.
Бас-көс киһи Тыгын Дархан уобараһын курдук норуотун туһугар тиһэх тыыныгар диэри кыһаллыахтаах, хаалар-сүтэр кэмигэр өрүһүлтэ буолуохтаах, ыксыыр-ыгылыйар быһылааныгар көҕүс кэҥиир суолун тобулуохтаах. Оччотугар эрэ норуота өйүөҕэ, үйэ саас тухары аатын ааттыаҕа.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Кытаанах суруйуу эбит.
Истина посередине
Уот зарахха✊🏻✊🏻✊🏻
Туйаара “Сиккиэр”, кытаат! Гонораргын эбиэҕим👍✊✊✊
Сатахха мания преследования да у него😅. Кто-то обязательно должен его «заказать»…
Нутчинаны истэ ваша олорогут дуооо, биир бэйэбит эдэр саналыы керер даргаммытын Кэм сахалыы туьэн, уегэн сиирдии олорогут дуоо!!! Ерейбуттэр черейбуттэр агай бэйэбит сахабыт уолун сиэри!!!! Кини улэтин улэлээн керун, ейгут тиийэринэн!!! Ол бу нацпроектар инин Кремль былааьын прректара, билинни
Сытыйбыт былаас систематын биьиги дархаммыт онорботун бары билэн олороллор сепке ейдеех дьон, ити нутчинаны аахпаттар эээ!!! Бутун эрэ бэйэгит Дархан огогутун туьэрэн, улэлиир киьи сыыьалаах, улэлээбэт ээги кытта сылдьар киьи тихо едешь дальше будешь, дьиэн этэ дьии….
Миэстэтин туран биэрдин. Поработаю за него. Лизать подлизыватьс я тож умею😝
Саха уола сатаабат буоллаҕына туораан биэрдин
Упс, айсботы налетели. Вот так вот с соцсетями бороться – государственная задача Айса.
Дьон санаатын то5о на5ыллык ылыммата буолла. Тубустун, кеннеруннун диэн суруйар буоллахтара.
Бил баьыттан сытыйар! Ереспуубулукэ салалтата кыамматыттан, дьон норуот оло5о отуора ыьылынна, улуус кыра нэьилиэктэрэ сабыллаллара эрэ хаалла, эргиччи оптимизация сокращение! Саха Омук соругар кэлбит салалта буолаары гынна!
Тумуһап дьоно бэккэ айсы кэһэтэн эрэллэр эбит.
Респект.
ДПттан диэххин Ньурбаттан буолбакка. Седует да Айс да биир куел мундулара. 🐟
Айсен Николаев хантан ыраас саха буолуой? Агата ханнык омугун да билбэппит дии
Туйаара кыыс уот харахха суруйбут. Унур, Охлопковы сепке уурбуппун, билигин кинини уе5эн бе5е эрэллэр дии дии кылаччы керен, уоьа ырбайан олороро. Сахатын уола атын сиргэ ыарыр5аппытыгар, кемелеьуен билбэккэ, сэтэрии олорор туох келеек киьитэй диэн санаан аьарбыппын, Туйаара кыыс саамай сепке суруйбут. Киэьэ аьыырдаах киьи булсуспат баьылыга эбит, эрдэ-сылла оннун буллардахха табыллыыьы – уурэр буоллахха уурэргэ, урдэтэр буоллахха урдэтэргэ – мантан бардын эрэ.
Степанов ыстатыйата аһары арбааһыннаах этэ, киһи ылыммата үгүс этэ. Закаһынан суруллубута өйдөнөр.
миллиардынан харчыны СМИ кербутэ дии Айсеммыт, онно тииьинээри сырытта5а Мария Христофорова. Ол иьин хайгаан суруттарда5а
Ыстатыйаны да, комментарийдары да кыайан аахпатым, английскайдыы тыллар кыбыллыбыттара наһаа мэһэйдиир. Миэхэ эрэ дуу, хайдах ыраастыыбын
Кылар харахтаах буолан дуу , көнө-мааны сэбэрэлээх дьону бу Айсен котоку абааһы көрөр. Саатар ити кини онон-манан көрөрө кыайан көммөт үһү. Бэйэтиттэн өйдөөх , быһыы-таһаа өттүнэн ордук дьону бэйэтин өстөөхтөрүнэн ааҕар , оннооҕор хаайыыга уктарар . Бу маннык киһини былааска чугаһатыы диэн улахан алҕас. Үэһээҥҥилэргэ ньылбаҥнас ,сэнээбит дьонугар төрүт илэ абааһы. Түмүктээн эттэххэ , албын-түөкүн, баайга- дуолга эрэ охтубут, эдэриттэн дууһатын кыһыл көмүс албын дуйугар атыылаабыт киһи, сахалыы тыын , өй-санаа адьаһын мэлигир киһитэ.
Айдааннаах да муоста. Ити муоста айдаан төрдө! Ону өйдүү иликкитинэ саха хаһан да биир санааҕа кэлбэтэ буолуо. Биир бэйэм муоста баар буолла да, бүтэр, ким да салайдын. Айс ону ситистэҕинэ, үйэ да тухары олордун.
Айдааннаах да муоста. Ити муоста айдаан төрдө! Ону өйдүү иликкитинэ саха хаһан да биир санааҕа кэлбэтэ буолуо. Биир бэйэм муоста баар буолла да, бүтэр, ким да салайдын. Айс ону ситистэҕинэ, үйэ да тухары олордун.
Хайдах ейдеебеккут, Ким даганы муостаны утарбат, бука бары муоста тутуутун ба5арабыт. Ол эрээри ол убун харчытын федераллар биэрбэттэр, оччотугар сууьунэн сыллар устата ол иэьигэр киирэбит, республика экономиката ессе эстэр! Онто да суох билигин миллиардынан сууманы Айсен мээрдии олорон угаайыга укпутуттан телуу олоробут!
Бу Дархаммыт эрэйдээх, утары, кенетук керер дьонтон елердуу куттанар. Барытын кере олоро5ут. БЭБ-тэн хайдахтаах курдук куттаммытай? Хаьан эрэ мэргэ киирсэ сылдьыбыт Федоров аатын иьиттэ да ыстааныгар ыытаары гыммыт киьи курдук дьаабыланар. Бюджет былаанын быьыытынан кэлиэхтээх харчыны, кини ойо5ор, Москва5а эрэ баран а5алар курдук дьуьулэнэр уонна да баьыйар дьону уора-кесте ылахтаьара элбэх, нууччалыы уровена суо5а бэрт. Нуучча5а ньылацнаан, ойбоццо эрэ умсара учугэй быьыылаах. Пандемияннан сибээстээн умсарын эмиэ тохтотуохха баар этэ. Наар кини эрэ бобо-хаайа олоруо дуо. Ыарыыны тар5атыма диэн куускэ айдааран ити умсаа5ы тохтоторго.
Дархаммыт мелтеге кунтэн кун биллэн иьэр. Тылынан тугу барытын кыайбыт курдук кэпсиир. Онтон ис дьыалатыгар киирдэххэ кини са5алаабыт уонна тиьэ5эр тиэрдибит биир да бырайыак суох. Бэйэьин мелте5ер эбии субэьиттэрэ мелтехтере арылынна.
Арассыыйа тойотторо Дархаммытын ейеебеттере кеьуннэ муоста бырайыага ааспата5ар.
мөлтөх да киһи ээ. Оннооҕор олорор дьиэтин уһаайбатын мээрдии олорон босхо ылбыта. 1 мөлүйүөн солкуобайга учаастагы атыылаһан ылыаҕын, ити киниэхэ харчы үһү дуо? Суох, хайаан да босхо ылахха наада, уоруохха наада.
Айсиэн Сэргэйэбис ханна сылдьарый? Өйдөөх киһи дии саныыбын, саамай өйдөөхтөр төрүүр сирдэригэр Ленинградка төрөөбүт эбит.
Кини дьолугар, ийэтинэн Ленинград куорат бэбибоксатыгар быра5ылла сытта5ына, эьэтэ о5онньор тиийэн, сылгылаабыт диэн кэпсээн баар дии, теьете кырдьыга сымыйата эбитэ буолла? Тыала суохха мас хамсаабат, дьаьанарыттан кердеххе туох эрэ баар быьыылаах.
Самай сепке суруллубут
Муоста наадата суох. Паромунан да сылдьыаххыт. Уонна коронавирус кыайтарда дуо? Күн аайы 200 тахса киһи эбиллэ турар дии
Этэр эттэҕинэ,эмиэ да сөп курдук суруйбут Туйаара.
уот харахха суруллубут!