Былаас уонна киһи. Тутулукка киллэрии ньымалара
Олох – театр, онно дьон – артыыстар.
Ханнык баҕарар театр актердарын дьылҕата режиссертан быһаччы тутулуктаах. Актердарга – режиссер Таҥараҕа тэҥнээх киһи. Кими эмэ маанылыан сөп, кими эмэ көйгөтүтүөн сөп.
Олоххо эмиэ сол курдук, ким эрэ – “актер”, ким эрэ – “режиссер”. Баҕар, театрга дьон артыыстыырын дьолунан ааҕара буолуо эрээри, дьиҥ олоххо киһи барыта “режиссер” буолан – олоҕун бэйэтэ хонтуруоллуон, бэйэтин санаатынан олоруон баҕарар.
Ханнык баҕарар былааска дьулуһааччылар саамай талаһар талаһыылара – дьону хонтуруоллааһын. Кинилэр өрүү “Дьылҕа хаан” ыйааҕын таһаарар Олох Режиссера буолуохтарын баҕараллар. Ол сыалы ситиһэргэ, былыр-былыргыттан, араас ньымалар айыллан, оҥоһуллан тураллар.
Киһини хонтуруоллааһын икки көрүҥнээх: туохха эрэ олуйан, үктэтэн бэйэ баҕатын толотторуу, иккиһэ – өйү-санааны сүүйэн, дьон “бу кырдьык” эбит диэн бэйэтэ итэҕэйэн Режиссер илиитин иһигэр киирэллэр.
***
Икки атахтаах биир саамай олуйтарар, киирэн биэрэр майгыта – иҥсэ, обот, сиэри таһынан үтүөмсүйүү.
Чиновнигы хайыытыттан ылан бэйэ баҕатын толотторор, наадалаах кумааҕыларга илии баттыыр “массыынаҕа” кубулутуу биир холобурун кэпсээн тураллар.
Бу 90-с сылларга буолбут түбэлтэ.
Москваҕа олус сыаналаах, мээнэ киһи атаҕа үктэммэт гостиницатыгар ситэриилээх былааска үлэлиир үрдүк сололоох киһи кэлэн түһүөхтээҕэ биллэр. Тойону кытары билсэр-көрсөр интэриэстээх дьон, тойон кэлиэн быдан иннинэ, биир киһилэрин ол гостиницаҕа түһэрэллэр. Тойону кытары биир күн гостиницаҕа кэлэн түһүү, хайдах эрэ, уорбаланыан сөп.
Тойон кэлэр. Гостиница хонноҕун-быттыгын барытын үөрэппит киһи Тойону кытары билсэр.
Былаан быһыытынан, Тойону саамай сыаналаах рестораҥҥа илдьэн дэлби аһатар-сиэтэр. Босхоҕо уксуус да минньигэс. Сарсыныгар үнтү өлөттөрбүт киһи, ыарыытын тугунан эмэ мүлүрүтүөн наада. “Царская уха” диэн бас быстар сыаналаах миини астыырынан аатырбыт рестораҥҥа илдьэн чиновнигы “бэтэрээ аҕалар”. Өлөттөрбүт киһи ити миини истэҕинэ саҥаттан төрөөбүт курдук сананар буолуохтаах.
Салгыы “саҥа төрөөбүт” чиновнигы өссө сыаналаах, ылы-чып сабыылаах кулуупка илдьэн аралдьыталлар. Кыыс буоллаҕына – кыыс, уол буоллаҕына – уол. Төһө баҕарар, хас баҕарар. Ол тухары үрдүк сололоох бэйэтин хармааныттан кэлтэгэй солкуобайы төлөөбөт – барытын саҥа билсибит “кыахтаах доҕоро” счетун көрдөрбөккө эрэ төлөөн иһэр.
Эрдэ былааннаммытын курдук – казино.
“Аҕыйах тыһыынча” дуоллары (евроны) туттараллар уонна онньоттороллор. Оонньообут киһи кыра да буоллар булгуччу “сүүйүөхтээх”. Сүүйүү “оҥороллор”. Аны, сүүйүү ханнык түгэҥҥэ, ханнык эмоциональнай турукка кэлиэхтээҕэ эмиэ учуоттанар: бу кими да билбэт, кинини ким да билбэт сиригэр тиийэн олорон “сүүйбүтэ” чиновникка – улахан эмоциональнай, өйүгэ хатанар өрөгөй. Саатар сүүйүүтүн үөрүүтүн үллэстиэҕин саҥа доҕоро баран хаалбыт буолар.
Дуоһунастаах киһи күүлэйдиир. Сарсыныгар өлөттөрөр. Балыгын миинин иһэ барар. Ол миинэ сыанатын билбэт, сакаастыыр, счет кэлэр- иһигэр олус соһуйар – төлүүр – эмиэ кулууптуур – харчытын букатын тэбиир – ыксыыр…
Олох амтанынан биллэрбит саҥа доҕоругар телефоннуу сатыыр – киһитэ ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалар. Өссө ыксыыр, сыаналаах гостиницатыгар бытархай харчылаах олороруттан улаханнык сүрэ баттанар, санаата ыгыллар…
Арай (бу дьолу!) барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолан олордоҕуна, туох да буолбатаҕын курдук саҥа доҕоро гостиница бастакы этээһин барыгар кофе иһэн сыпсырыйа олорор эбит! Хараҕа хараҥарбыт чиновник “ханнык эрэ кумааҕыга” илии баттаан эрилитэн кэбиһэр, уонна (тыый!) өссө да “олох амтанын билэр дьолу” толуйар харчылана түһэр!
Бүттэ… Өссө биир чиновник “иннэлэннэҕэ” ол.
****
Олег ВАСИЛЬЕВ.
Источник: old.aartyk.ru
Ким-эрэ ейуттэн була сатыы-сатыы суруйан дуомнаабыт.
КиЬи да кулэр – фантазията мелте5уттэн.
Фантазия буолбатах, наьаа да укчу инник буолбатар, атын киьи режиссердаан итинниккэ тиэрдэр.