Мэҥэ Хаҥалас ыччата тургутукка кыттар
Бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун төрөөбүт күнүгэр улуустааҕы “Олоҥхо дьиэтин” үлэһиттэрин тэрийиитинэн ыччакка анаан “Тургутук – өркөн өй, тобуллаҕас толкуй” оонньуута ыытылынна.
Оонньууну олохтоохтор куйаар ситиминэн көрөн, сөбүлүүр кыттааччыларыгар ыалдьаллар. Бастакы түһүмэххэ улуус чаҕылхай уолаттара: Дьаҥхаады нэһилиэгин култууратын киинин исписэлииһэ Айаан Верховцев, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр успуорт комментатора, спортсмен, Нөөрүктээйи нэһилиэгиттэн төрүттээх Дьулустаан Захаров уонна Хотун Төҥүлүттэн төрүттээх артыыс Дмитрий Баишев бэйэлэрин холоннулар, билиилэрин-көрүүлэрин тургуттулар. Оонньууну Айталина Васильева иилээн-саҕалаан ыытта. Сэргэх оонньуу салҕанар.
***
Виктория Белолюбская
Оставить комментарий