Буолар да эбит…
Олоххо олороруҥ тухары киһиттэн үөрэнэҕин. Ким эрэ куһаҕаҥҥа үөрэтэр, ким эрэ үтүөҕэ. Кэлэйии да баар буолар, таҥнарыы да баар буолар, таҥнары эргитии да баар буолар. Доҕорум дии саныыр, эрэнэр киһим субу суруйса олорон атын киһиэхэ атыны “кэпсээтэ” диэн сыбыс-сымыйанан сурах ыытара сүрдээх эбит. Өскөтүн итинник “бочуоттаахтара” ньэгэйдик кубулҕатырар майгылаах буоллаҕына, эгэ, “бочуота суохтара” хайдах буолуохтарын муҥай?
Аараттан хаһан да харахтаан көрбөтөх, айах атан кэпсэппэтэх хандьытаат Ардьакыабы аһына санаатым. Итинэн эбит буоллаҕына, быыбар саҕана төһө эрэ эдэр киһини – бэйэлээх бэйэлэрин уолларын (!!!) харыстаабакка, төһө эрэ куомуннаһан куолуу түһэн – оҕолорун кэриэтэ киһини – аатын-сураҕын сиргэ-буорга үнтү тэпсэн, тобулу тоҥсуйан, сэймэктээн барбыттара буолуой?! Көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук… Ити Соров тула түбүлээбит да дьон, кулуба бэйэтэ даҕаны син толкуйдуох этилэр – Таатталарын сиригэр-уотугар төрөөбүт-үөскээбит өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсан үүнэн эрэр биир кэскиллээх ыччаттарын харыстыахтаахтарын оннугар, эдэр киһи олоҕун олугун тоһутан, итинник сиэрэ суохтук уган биэрэллэрэ дьэ сүрдээх дьыала! Ама да былаас баҕатын иһин! Төрүт тылга, үгэскэ ыччаты иитиэххэ диэн кыһыл тылынан кыыран баран, дьиҥ олоххо итинник сидьиҥник киһини тэпсии хайдаҕын бу түбэлтэ дьэҥкэтик көрдөрдө.
Иинэҕэс, саҥа үүнэн эрэ маһы тоһутар дөбөҥ. Били, Дыгын Муос Уолу миигин сабырыйар киһи тахсыыһык диэн бэйэлээх төрөппүт оҕотун оһоллообутугар дылы. Уонна хаһан сайдыахпытый…
“Аартык.ру”, сураҕа суохха соруйан буулаан туран кулуба Соровы ньүдьү-балай эккирэтиһэн, сымыйанан суруйара буоллар өссө сөп этэ даҕаны. Ама сымыйа буоллаҕай, Ытык-Күөлгэ тулаайахтарга ананан тутуллубут дьиэлэр баччааҥҥа диэри өтөхсүйэн тураллара? Соров, умуннар да, кулубанан талыллыбыта инньэ биэс сыл ааста, ол тухары сордоох тулаайахтар дьиэлэрэ оҥоһуллубата сүрдээх буолбаат?!
Ытык-Күөлгэ кистээн арыгы атыылаан, дьон хараҕын уутугар харчы оҥостор дьон баалларын суруйбуппут. Сымыйа дуу?! Төһө ол дьон дьарылыннылар?! Огдообо, тулаайах хараҕын уутун тоҕор, атаҕастыыр сөптөөх диэн ким эмэ баһыгар батарар дуо?! Ким да буоллун, ханнык да кулуба, чыыннаах-хааннаах тойон-хотун түөһүллэн кэлэн куттуу, дибдийэ сатаатын – кыамматы, түгэммэти атаҕастыыры хаһан баҕарар утарыахпыт, хаһан баҕарар кыраны-кыамматы көмүскээбиппит, көмүскүүбүт, көмүскүү да туруохпут. Суруналыыс идэтэ ирдииринэн да, суобас-суут көҥүллүрүнэн даҕаны!
Таатта биир тойоно пенсионер дьахтары суолга түҥнэри көтөн баран “бэйэтэ буруйдаах” диэн ыстараап төлөттөрө сатаабыта. Соров көмүскэспитэ дуо, ол дьахтары? “Аартык.ру” суруйбатаҕа, айдаан таһаарбатаҕа буоллар ол сордоох кырдьыгын булан ылыах этэ дуо?!
Суруналыыс идэтэ – информация хомуйуу. Билиҥҥи сибээс үйэтигэр, баҕарбатаҕын да иһин, хотуттан-соҕурууттан сонун-нуомас хотоҕостуу субуллар. Афанасий Максимов уһун-унньуктаах суутун сырдатыыга хаста да Тааттаҕа тахса сылдьыбыппыт, дьону көрсөн-кэпсэтэн, тугунан тыыналларын, олороллорун, олохторун, майгыларын син билсибиппит дии саныыбыт.
Тааттаттан – суол, дьиэ тутуутуттан саҕалаан, үлэ-хамнас, быыбардар тустарынан араас сонун, күн аайы да буолбатар, киирэ турар. Саха сирэ кыра, саха – аҕыйах, бүргэһи хааһахха хаайбаккын. Ааспыт быыбарга, биэс сыллааҕыта, Соров хайдах кирдээх ньыманан утарылаһааччытын суоһарбытын эмиэ истэн-билэн олоробут. Ол туһунан урукку улуус баһылыга Бырдьахаанап “Аартык.руга” биэрбит интервьютугар эмиэ улаханнык санаата алдьанан олорон кэпсээбиттээх: “Тулаайахтары дьиэлииргэ, саатар бэлэм харчы тыырыллыбытын кыайан туһаммакка гынан баран, туох баар буруйу барытын миэхэ көлбөрүтэ олорор… Хайыыбын мин – тула үнтү үөҕүллэн, дойдубуттан холдьоҕуллан кэриэтэ тэскилээн баран?!”… Ама да буолбутун иһин, Бырдьахаан син улууһун хас да болдьоххо салайан, хамсатан олордоҕо. Бэҕэһээ – ньыла көтүү, бүгүн – холдьоҕуу саха уутуйан үөскээбит улууһун майгыта үһү дуо?
“Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин граныгар докумуон биэрбиппит да, сороҕо дьиктитик “сүтэн” хаалбыт аатырбыта” – диэн Таатта фермердэрин үҥсүүтүн таһаарбыппыт. Кэлин сүппүт докумуоннары “Аартык.ру” ирдэһэн барбытыгар министиэристибэ үлэһиттэрэ эмиэ сол курдук “дьиктитик” булан ылбыттара. Билсиитэ-көрсүүтэ суох киһи дьиэтэ да кыайан тутуллубат, тула арыгы атыылааччылартан оҕотун-эрин да кыайан быыһаан ылар кыаҕа суох, эгэ граҥҥа тиксиэ дуо, былаастан маанылыаныа дуу? Эбэтэр бары “оннукка” сөбүлэһэн кэҕиҥнэһэ олоруохтаахпыт дуу?
Баһылык – улууһун дьонун эйиэнэ-миэнэ диэн араарбакка, атарыхсыппакка барыларыгар амарах аҕа, кырдьыктаах, кырдьыксыт, дьиҥнээх Аҕа Баһылык булуохтааҕа. Хаһыакка буолбакка, киниэхэ көмүскэл көрдүү дьон сүүрүөхтээҕэ…
Хара маҥнайгыттан хайдах ньыманан былааска кэлэҕин да, соннук үлэ-хамнас, сыһыан олохтонор. Соров былааска тахсарын туһугар үлэлээбит дьон бэркэ диэн билэҕит, ким-тугу туттубутун, ааттыы, ааҕа барбыппыт. Итинник ньыма былыр да баар этэ, аны да баар этэ.
Бэйэ-бэйэни уксуу, үҥсүү, хобулааһын, сыбыс-сымыйанан донуостааһын түмүгэр саха норуотун бастыҥ дьоно, сүөгэйэ-сүмэтэ, тэбэр сүрэҕэ. хаарыан хаана сиик буолан симэлийбитэ. Сахалыы саҥалаах ол быдьар дьыллары умуннаҕына – улук да буоллун.
…Былаас бүгүн баар, сарсын – суох. Оттон киһи аата үйэлэргэ эбэтэр өлбөөдүйэр, эбэтэр кылбайар. Муҥур үйэҕэ үгүс дьонтон ордук хоһу үссэниэм этэ диэн, сылаас олбоххо таалалыы түһүөм этэ диэн атын дьон дьоһунугар кулгуйуу, була сатаан кырдьыкка өһүргэнии ыча кыратын-кыараҕаһын туоһута. Киһилии олор, ай-тут, үлэлээ, норуот куолаһын эйиэхэ итэҕэйбитин сэттэ көлөһүҥҥүн тоҕон, тоҕус уугун умнан боруостаа – оччотугар кир-хох, бөх ньымата суох, үөнэ-күрдьэҕэтэ суох салайааччынан, бас-көс киһинэн хас да сырыыга талылла туруоҥ. Дьонуҥ, норуотун туһугар үлэлээ эрэ. Атыны ким да ирдээбэт.
***
Туйаара НУТЧИНА,
“Аартык.ру”
Туйаара олох заказной буолан буппуккун дии. Ити Таатта кулубатыгар предъявалыыр итэ5эстэрин любой улууска бааллар. А5ан дойдутугар Елуехумэ5э да, бэйэн дойдугар Ньурба5а да барыларыгар баар кыhал5алар.
Сугун сырытыннар Соров барахсаны:) кини ущей киhи
Дьэ сордоох Суорап буолбут. Аата суола алдьаннаҕа.
Кирдээх киһи быһылаах. Туттара хаптара оннук .
Оо дьэ, дьон өйө санаата олус да тутахсыйбыт, көрөн туран дьонун сэргэтин туһугар ис сүрэҕиттэн үлэлии сылдьар киһини хайдах итинник хараардыахха сөбүй?!!! Өс саас ситиһии диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Харчы биэрэ биэрэ, сүрэҕэ бэлэһэ киирэн, анаан минээн сойуолаһыы диэн бу. Онтон атын буолбатах!!!
Аата сурун, бу олох сымыйаны суруйбуттарын аа5ан со5о олоробун. Олус да дьон ойугэр киллэрэн арааhы суруйар сурукэтин.
Сеп э,баары суруйбут Туйаара
Тоҕо дьон өйүн санаатын буккуйаҕыт, оччо кыһалҕалаах буоллаххына сирэй көрсүөххүн…
Дьону кэлэттэгэ ди
Соров барахсаны диэбттэр
Ынырык да кирдээх киһи эбит хамаандата эмиэ оруобуна онннук
Бил балык баһыттан сытыйар
Суорап кырдьыга кыбытыктаах, Ардьакыап кырдьыга инникилээх!
Суруналыыстарбыт аны сэрэйэн сабаҕалаан суруйар буолбуттар дуу, дьэ буоллахпыт, бэйэ бэйэҕитин үөхсэн бүтүҥ эрэ, муода буолбут дуу тугуй…
Туох ааттаах бүппэт айдаан Соров болла. Киһи улуус главата диэ суох. Кит хах. Үөхсүү
Баары баарынан малтаччы суруйууттан тоҕо эмиэ уордайан, абаккаран бардыгыт. Хата, кырдьыгы кылаппыкка махтаныа эбиккит. Тойон киһи тоҥуй, баай киһи бардам бөҕө буоллаҕа эбээт. Ол үгүс баһылыктарга баар адьынат. Сордоох дьон дьэ. Кылгас кэмҥэ бартыбыал кыбынан түөстэрин өтөтөөхтүүллэр да болдьохторо бүтээтин кытта урукку ууну долгуппат чуумпу майгылана түһэллэр. Итини этэн эрдэхтэрэ өбүгэлэрбит барахсаттар киһи күннээх, балык ыамнаах диэн. Бу диэн эттэххэ, саха тойон солону уйбат, кыратык үрдээтэ даҕаны киэбирэн бараахтыыр.
Точно 😅
Буду да журналистар оннук маннык интрига тарда сатаан, ситэри киьилии интервью игин ылыаххытын Суораптан. Ыраахтан быьа холоон сэрэйэн этэр журналистар бааллар уьу дуо.
Жалкий Бырдьа…
Баары баарынан суруллубут. маладьыас
Аата сурун! Дьон тугу да гынара суох буолан арааьынай кирдээх статьялары заказтыы, комментарийдаабыта буола сатыы олорор Ду! Баран улэлээн хамсаан, дойдугут туьугар мантан атын тугу да сатаан онорбот эрээригит! Ама да все средства хороши буолбутун иьин! Глава5ыт в это время работает не покладая рук, реальные дела делает! Манна киирэн аа5ар да солото да суох ини! Как базарные бабы разбазарились!
Аартыктар комментарийдары то5о сотторо5ут?????
Таатталары репрессия салганар, билигин сми комотунэн. Итинник дьону хаьар сыыьа дии саныыбын.
Таатталар аны куьун биир сомого болан Владимиры ейеен эрэ сайдыылаах олох туьугар!Хаьаанга дылы куттана баттана олоррору !Мин Таатта болбатахпын да эьи тускутугар ыалдьабын
БИЛ баһыттан сытыйар
Улууспут депутаттарын тойоно Охуотун Валентин Андреевич биир биллэр-көстөр, бэйэтин хара күүһүнэн , өйүнэн, үлэтинэн тахсыбыт предпринимательбытын кырбаабыт. Дьону салайыахтаах, баһылык Соров уҥа илиитэ, былаастан өйө туманыран маннык дьүһүлэнэр буоллаҕына хайдах буолабыт салҕыы?
Боростуой дьон барытын билэ-көрө сылдьабыт. Ыал аҕатын, дьоҥҥо сэргэҕэ убаастанар киһини маннык кырбыыр, сэниир диэн тугуй? Буолан истэхпит. Соров итэҕэллээх киһитэ Тарасов Михаил ааспыт сылга тугу гыммытын бары билэбит уонна тоҕо эрэ куттанан дуу хайаан дуу ону күүспүтүнэн умна сатыыбыт. Кыаммат араҥаны көмүстүөхтээх киһибит бэйэтинэн итирэн баран имбэлиит киһини кырбаабытын, ол кэннэ суола-ииһэ суох сир түгэҕинэн дьыалата сабыллыбытын бары билэбит!
Бу тугуй? Хаһааҥҥа дылы кутталга, батталга, сутурук сокуонугар олоробут?! Наһаа да сүрдээх ээ. Ааспыт праймеризка соруйан кыттыбатаҕым, кцооастаабатҕым….мин даҕаны бу маннык быһыыны сөбүнэн аахпаппын. Тугун сүрэй? Дьоннор өйдөнүн ! Маннык дьон салайарын тухары атаҕастыбылга, батталга олоробут? Дьаабы!
Туйаара Нутчина беруетун биирдии буукубата теье харчыга турара биллибэт
Син ботуччу суумманы кутан таьаартаран эрдэхтэрэ.
Олус ыар тылынан тыллаьар сэтэлээх буолуо.
Тыалынан киирбит , холоругунан тахсар.
Аартыктар маладьыастар. Ким кырдьыгы этэр баарый? Таатталар сатаатар кэрэн олорон мэлтэх главаларын эйууллэр.
Суорап аны күһүн быыбарга кыттыбат болбут. Манна куоракка срочно миэстэ көрдөөн эрэллэр. Быыбарга явно хотторор диэн болбут. Ытык күөлгэ аржаков эрэллээхтик кыайбытын кэннэ , тыалар дьэ өйдөммүттэр. Уонна аны күһүн аржаковка куоластыыр эбиппит диэн кэпсэтиилэр буолан эрэллэр. Суорап куолаһа билигин эбиллибэт , көҕүрүүр эрэ.
кто такой?
Таатта кэлинни кэмнэ улаханнык сайынна.мин олохтоох киhи бэйэбинэн билэбин. Сымыйанан токурутан баhаа5ырдан бутун. Дьону буккуйуман.
Бэрт былдьаьан, ааккытын сутэрэн, Алексеевтар буолуоххутугар дылы киирсибит улуус, ейдеммеккут, дьэ сурдээх эбит. Таатта диэн дылы кырдьык ылан бырахтахха табыллыыьы, Штыровтар дуу Барыыьаптар дуу диэххэ, оччо5о, ба5ар киирсэн уехсэллэрэ а5ыйыа.