Курс валют
$
77.9
1.09
91.38
1.95
Курс валют
Курс валют
$
77.9
1.09
91.38
1.95
Меню
Поиск по сайту

Бэлисипиэт хаhан айыллыбытай?

04.10.2023 14:35 0
Бэлисипиэт хаhан айыллыбытай?

1817 сыллаахха ньиэмэс профессора Карл фон Дрейс бастакы икки көлүөһэлээх бэлисипиэти айбыта. Мастан оҥоһуллубут уонна икки көлүөһэлээх эбит. Инники көлүөһэтэ уруул көмөтүнэн эргийэрэ. Ол гынан баран педаллара суох буолан, киhи атаҕынан анньыахтаах эбит.

1860-с сылларга француз айааччылара педаллары инники көлүөһэ5э эппиттэр. Ол гынан баран педалы эргитэргэ олус элбэх күүһү бараатаххына биирдэ эрэ хамсыыра үһү. Ону чэпчэтээри инники келүөһэтин улаатыннарбыттар уонна тимиртэн оҥоһуллар буолбут. Ол эрээри ити бэлисипиэттэн киһи наар охтор эбит.
1885 сыллаахха билиҥҥи билэр бэлисипиэппит айыллыбыт. Икки тэҥ көлүөһэлээх уонна кыра эбит. Педаллара кэнники көлүөһэни кытта сыап нөнүө холбоммут.

***

Aartyk.ru

Оставить комментарий