“Арахса сыстым…”
-Крестьянскай ырыынакка сырыттахпына Һаасканы кытары һамаанныы барыахпын баҕарабын…
– Ол эмиэ тоҕо?
-Аччык истээх киһи сылдьыбат сирэ. Ааспыкка ааһан иһэн аара киирээччи буолан быстахха былдьана сыстым. Балык ылыам дуу диэн бүөм санаалааҕым да… Туох да балыгым өстүөкүлэ иһиттэн сыата-арыыта ньалҕаарыйан, сыта-сымара дыргыйан… хараҕым ирим-дьирим, куртаҕым курулаа да, курулаа… Силим-сырааным чаккыраан онтубар чачайа сыстым.
-Фуу…
-Сыанатын көрөн баран Һаасканы һанаатым.
-Хаамсыах курдук буоллуҥ?
-Өссө ынырык экистиримиистиир санаа хамчаакыларга сылдьан баран киирбитэ. Тэлэбииһэргэ “Хамчаакы балыга, бэлэҕэ-туһаҕа”, кэлин-сылдьын, ылдьыттааҥ диэн ыҥыр да, ыҥыр. Бара сырыттым ээ.
-Уонна?
– Хамчаакылар сыаналарын көрөн баран букатын да Арассыыйа састаабыттан тахса сыстым.
-Ноо!
***
Aartyk.Ru
🤣