Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Курс валют
Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Меню
Поиск по сайту

Александр УАРОВ: “Сымыйа!”

21.02.2018 22:47 9
Александр УАРОВ: “Сымыйа!”

Ил Түмэн күһүҥҥү быыбарыгар Сунтаар быыбардыыр уокуругар Александр УАРОВ уонна Семен БЕРЕЗИН кандидатураларын туруорбат буолбуттар үһү диэн сурах-садьык тарҕаммыта хас да хонно. Ол туһунан үнтү үөрбүт киһи Бассаапка бичийбит ахан этэ. Арааһа быыбарга кыттаары дьигиһийэ сылдьар өрүөллэр хамаандаларын бырыкааһа буолуохтаах.

УАРОВТААХ БЕРЕЗИН дьокутааттаабыттара ыраатта. Оҕо төрөөн, улаатан, оскуоланы бүтэрэн үлэһит киһи буолла. Ил Түмэн дьиэтэ кинилэрэ суох иччитэхсийэригэр тиийииһи диэн санньыар санаалаах этибит. Хайдах эрэ: “Мин бардым!” – диэн 1999 сыл түүнүгэр  Ельцин эппит тылларын санаталаан ылбыппыт.  Онтубут, хата, куба лахсыыра эбит. Оо, Бассаап, котоку! Түүннэри-күнүстэри тиһэн-тибилитэн сүрдээх сэп!

Ким эттэ, ким эттэ УАРОВ барда диэн?! Сымыйа! Сымыйа! Александр УАРОВ ханна да барбат! Ил Түмэҥҥэ хаалар! Ол туһунан бүгүн “Аартыкка” дорҕоонноохтук уонна кытаанахтык эттэ. Онон-манан не выходи-заходи диэн буолла. Ол иһин, биһиги өйбүтүгэр былаастан баҕа өттүнэн барбыт биир эрэ киһи баара – Виталий БАСЫГЫСОВ.

Александр Сергеевич, соторутааҕыта төрөөбүт улууһугар Сунтаарга бара сылдьан араадьыйанан быһа эфиргэ  тахсыбыт. Дьон ыйытыы-сураһыы бөҕө буолбут, таах олордуохтара дуо. Ыйыппыттар: “Аныгыскы Ил Түмэн быыбарыгар кыттаҕын дуо, кимнээх кытталларый?” – диэн.

Онуоха УАРОВ эдэр дьоҥҥо суолу тэлэн биэриэххэ наадатын туһунан этэн баран, билигин чөкө баҕайытык СР Баайга-дуолга, сир сыаһыаннаһыыларын министиэристибэтигэр үлэлии сылдьар, урукку улуус баһылыга Михаил НИКИФОРОВ биир мандааттаах уокурукка – Сунтаарга “эдьиинэйдэр” ааттарыттан киирсэр диэбит.

Ону сэргэ былаас партиятын испииһэгинэн Александр АКИМОВ 1-кы №-нэн, 2-с №-нэн Семен БЕРЕЗИН турара наада диэбит. Бэйэтэ буоллаҕына, бэлиитикэҕэ өр миккиллибит киһи, ол оонньуу иһин-биэтэһин билэрим быһыытынан эрдэ туох да диэн этэр кыаҕым суох диэбит. Күһүҥҥэ диэри бириэмэ баар, чугаһын саҕана чуолкай быһаарынан баран этиэм диэбит.

Дьиҥинэн, УАРОВ Ил Түмэн III-с ыҥырыылаах мунньаҕар “Аграрнай партияттан” талыллан киирбитэ. Александр ЖИРКОВ эмиэ. Буот.

Араадьыйаны мыҥаан олорооччулар соһуйан өлө сыспыттар. Уонна дьокутааттара тиһэх тылларын  өйдөөн-дьүүллээн истиминэ, ыртаччы үөрэн баран атыннык өйдөөн кэбиспиттэр.

“Ханнык партияттан уонна уокуруктан депутакка кандидатынан турарбын быһаарына иликпин диэн эппитим. Турбаппын диэн эппэтэҕим”, – диир. Баҕар, “Аграрнай партияттан” туруон сөп буоллаҕа эбээт урукку “аграрий”. Билигин “аграрийдар” этэрээт хомуна сылдьаллар – Ил Түмэни дьигиһитээри. Олор этэрээттэригэр киирэн Сунтаардарга тиийэн кэллэҕинэ убайгытыттан бэйэҕит саллыаххыт.

Аны Александр Сергеевичпыт субуруччу хас да улуус Бочуоттаах гражданина. Холобур, горнайдар уонна үөһээ бүлүүлэр олох эккирэтэ сылдьан “Бочуоттаах” оҥорбут киһилэрэ. Ол да уокурукка тиийэн “дорообо” диэн этиэн сөп буоллаҕа, диэн дьон сүрэҕин хайытыахха.

Онон, ноколор, УАРОВ убайгытын эрдэ астаапкаҕа ыытан Омоллоон ыһыаҕын тэрийэ сылдьаҕыт. Күһүн кэлиэ ээ, бэтиэхэлэнэн эриҥ.

***

Aartyk.Ru

Обсуждение • 9

Добавить комментарий
  1. Бэрт дии

    Уаров барахсан оттон депутаттаатын ээ ессе.

  2. Марго

    Оннук😂👍🏻

  3. фома

    сэ-сэ, огонньоргут торгуйдаса сылдьар эбит. бу быыбарга турума, мэсэй-тасай буолума диэн “уосээлэр”, единайдар чуолкайдык эппиттэр. огонньор си хаалбата буолуо, ирээтин туруорсан баран хаалара буолуо. ээх диэн.

  4. Пенсионер

    Сиэрдээх,чиэьинэй,бэйэмсэгэ суох ошонньоро эбитэ буоллар син дп буолуо этэ.Ону баара кураанах тылынан эрэ мин да мин дии сылдьаахтыыр.Кнруцэ дьуьунэ да хаамара сиимэрэ да улэлиир кыагыттан тахсыбытын кердерер.Нэьиилэ суедэцнии сылдьан былаас урдук хамнас эцээриттэн охтуоо дылы ыччат уугэр сайдар кэскиллээх дьон иннин туора туьэн мэьэйдэьэрэ табыллыбат.Бэйэтэ да киьи кэрээниттэн тахса илик буоллагына ейдуурэ буолуо.Сунтаар быыбардааччылара улуустарын интэриэьин урдуктук тутар буолуохтаахтар.

  5. Зритель 1

    Сөпкө этэҕин,бэрт нэһиилэ сылдьар уонна арыгыны иһэн кыайыылаах тахсыбыт суох.Этэргэ дылы,таҥараны күллэриэххин баҕардаххына инники былааннарыҥ туһунан кэпсээ–саас да ыраатта,оттон доруобуйата бүппүтэ эмиэ ыраатта.

  6. Светлана

    Пора на Дембель

  7. Буоба

    Сунтаарга тугу туттарбытай? Онотторбутай? Сайыннарбытай? Билбэппин этин эрэ.

  8. Байбал

    Если человек действительно болеет за свой улус и за ее будущее, обязан уступить и продвигать молодых, образованных, перспективных.

  9. Балыакка

    А Уаров Сунтаарыгар тугу да туhалаабата.

Оставить комментарий