“Киин” баанньык дьылҕата
Чернышевскай уул., 8 үлэлээбит куорат “Киин” баанньыгын киһи эрэ барыта ахтар.
Үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ үлэлээбит үчүгэйкээн тэрилтэ үс сылтан бэттэх сабыллан, дьиэтин түннүктэрэ-үөлэстэрэ эрэ чоҕуоруһан тураллара, бииринэн, хараастыылаах, иккиһинэн, сэрэхтээх. Көтүрүө буоллар көтүрэн, өрөмүөннүө буоллар өрөмүөннээн дуу, саҥаттан тутан дуу испэттэрэ куорат дьонун улаханнык долгутар.
Учаастак туһунан
“Киин куорат” хаһыат эрэдээкэсийэтигэр куорат кырдьаҕас олохтооҕо, 75 саастаах Александр Кириллин кэлэн, бу боппуруоһу “хаһыатынан быһаарарбытыгар” соруйда.
– Былырыын баччаларга бу боппуруоһу “Саха сирэ” хаһыакка таһаартарбытым. Онно урукку мэрия киһитэ Дмитрий Садовников “Киин” баанньык учаастага атыыга барарын күүтэрбитигэр тиийэбит” диэн хоруйдаабыта, – диэн, этэргэ дылы, бэчээттэммиккэ эргиллэри модьуйда.
“Дмитрий Садовников, Дьокуускай баһылыгын 1-кы солбуйааччы:
– Киин баанньык саахалланар туруктаах буолан, былырыын сабыллыбыта. Эркинэ сууллан түспүтэ. 50-с сыллардааҕы тутуу буолан, лаппа эргэрдэ. Куруук инчэҕэйин, итии паар “оонньуурун” үрдүнэн, сөптөөҕүн өр сулууспалаата эрэ диир кыахтаахпыт. Куоракка Киин баанньык наадатын толору өйдүүбүт. Ол иһин, “Ормикс” тэрилтэттэн Горькай уулуссаҕа турар “Ниагара” дьиэтин атыыласпыппыт.
Бу дьиэни иһин-таһын баанньыкка анаан оҥорорго уонна саҥа оборудованиелары атыылаһыыга 80 мөл. солк. наада. Билигин итиччэ харчы куорат бүддьүөтүгэр суох. Ол иһин Киин баанньык дьиэтин учаастагын кытта атыыга туруорбуппут. Бастаан утаа интэриэһиргиир урбаанньыттар бааллар этэ эрээри, билигин тоҕо эрэ чуумпуран хааллылар. Тутуу барыыта бытааран итинник буолла. Сорох тутааччылар куорат ортотугар буолбакка, кытыы учаастактарга дьиэни-уоту туталлар. Онон Киин баанньык уонна учаастага атыыга барарын күүиэрбитигэр тиийэбит”.
(“Саха сирэ” хаһыат, 2017 сыл, алтынньы 11 күнэ)
Дьокуускай куорат үрдүнэн, дьиҥэр, баанньык суох буолбатах. Биллэринэн, Залог оройуонугар өссө биир муниципальнай баанньык баар, ону сэргэ хас даҕаны чааһынай баанньык, сауналар үлэлииллэр. Ол эрээри норуот бу Киин баанньыгы чөлүгэр түһэрэри кытаанахтык туруорсубута ыраатта.
– Киин баанньык суох буолуоҕуттан, мин Жорницкайга Александр Махутов диэн предприниматель чааһынай баанньыгар сылдьабын. Наһаа үчүгэй баанньык. Туох-баар кыаммат-кырдьаҕас, ыалдьыт бүтүннүү ону була сытабыт. Мин тус санаам – куорат ити миэстэни букатын былдьатымыан наада. Оччоҕуна эрэ баанньыкпыт “Киин” диэн аатын тутан хаалыаҕа. Ити бииринэн. Иккиһинэн, турар сирэ табыгастаах.
Хайа баҕар бэйэтин убаастанар куорат муниципальнай баанньыктаах буолар. Дьокуускай куоракка 300 тыһыынчаттан тахса киһи олорор дииллэр. Ол үлүгэр киһи барыта душтаах, ванналаах буобатах. Куорат кытыыта барыта мас дьиэ. Бу дьон ханна суунан-тараанан сылдьаллар? Саунаҕа сылдьаллара буолуо гынан баран, биһиги, кырдьаҕастар, сауна паарын сөбүлээбэппит. Сауналар миинньиктэнэри сөбүлээбэттэр даҕаны. Хомуйуохтарын сүрэҕэлдьииллэрэ буолуо, – диэн санаатын үллэстэр Александр Кириллин.
Хаһыаттар уота-күөһэ суох суруйаллар
Александр Кириллин куорат баһылыгынан Юрий Заболев олорор эрдэҕиттэн, өссө сууллуон инниттэн турбут кыһалҕаны хаһыаттар уота-күөһэ суох таһааралларын сөпкө бэлиэтиир. “Саха сирэ” хаһыат бу тиэмэни салгыах буолан баран сүтэн хаалбытын, “Кыым” хаһыат эмиэ биирдэ эмэ таарыйарын, оттон “Якутия” хаһыат букатын даҕаны аккаастаммытын сэһэргээтэ.
– Куорат аҥаара нуучча тыллаах. Онон “Якутия” хаһыакка таһаартараары гыммыппын, Айсен Николаев оскуола, оҕо саадын тутуутун эрэ бастакы уочарат сорук быһыытынан билинэр, онон баанньык боппуруоһун туруорар устуойута суох диэн аккаастаабыттара, – диэн хом санаатын үллэстэр.
Ол иһигэр бу муниципальнай хаһыат ааттаах “Киин куорат” букатын кыһаммаккыт диэн бэлиэтиирэ, кырдьык, баар суол.
– Ол түмүгэр биһиги үһүс сылбытын чааһынай дьон сирэйин-хараҕын кэтиибит. Сыаналара үрдүк. Айанныырга да сылаалаах. Саҥа баһылык Сардаана Авксентьева, дьэ, хайыыр? 15 сыл Куорат мунньаҕын, үбүн-харчытын тыырбыт киһи тылын-өһүн истэн баран, мин Авксентьеваны быыбардаабытым. Онон ити боппуруоһунан күүскэ дьарыктаннаҕына сатанар … – диэн түмүктээтибит кэпсэтиибитин.
Кириллин баанньык боппуруоһун ааспыт кыһын мэрия отчуотугар кытта көтөҕө сылдьыбыт:
– Онно Анатолий Кырдьаҕааһап “Садовников сөпкө эппит, икки сыла суох быһаарыллыбат боппуруос” диэн хоруйдаабыта. Куорат баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Евдокия Евсикова тугу да саҥарбатаҕа. Саҥа баһылык Бастакы солбуйааччыта Владимир Федоров урукку баһылык быыбардарыгар, дьокутаат да буоларыгар туалет, баанньык боппуруостарын күүскэ туруорар этэ. Онон бу салалта ити боппуруоһу ылсыаҕа диэн эрэнэбин.
“Киин” баанньык эргэ дьиэтин көтүрүү боппуруоһа эмиэ сытыытык турар. Эмиэ ааспыт сылга Центральнай уокурукка куорат баһылыгын отчуотугар олохтоохтортон “ыччат мустар буолла, иэдээн тахсыан сөп” диэн этиилэр киирэннэр, Дмитрий Садовников “Куорат киинигэр сууллара улахан сэрэҕи үөскэтэринэн, сыл бүтүөр диэри көтүрүллүөҕэ”, – диэн хоруйдаабыт этэ.
Мунньах түмүгүнэн “Жилкомсервис” тэрилтэҕэ быйыл көтүрэргэ сорудахтаабыттар, диэн “Киин куорат” журналиһа Галина НОВИКОВА суруйар.
***
Aartyk.Ru
Городская баня нужна однозначно!
Огромная просьба к новым властям города – заняться этой проблемой вплотную.
А баня кому принадлежит ? разве не приватизировали верх -е?
забейте никто никому не нужен. Бани туалеты соц-е парихмахеры швейные мастерские типа дома быта как раньше их нету.Столовые-буфеты на каждом шагу тоже не предусматриваются.А зато загаженные шаурма-суши на каждом шагу.Плеваться хочется.Столица похожа на аул.См. города Казань Астана Уфо Бакы как картинки.А наши тундровики б/понятий.
Нужны и должны быть как во все времена социальные учр. для пенсионеров инвалидов многодет. студенты абитура.Кот. летом и зимой приезжает в центр по нужде а в столице ничего для людей нету.Зато типа красуются замызганные ТЦ а там всякой китай.подделкой торгуют кот. никому не нужен потому и не покупают.Тем более кукуцке когда эл.кончилось вода-фекалии все для людей а не только во время выборов.
Городская баня строилась во время ВОВ и силами детей сирот ФЗО- фабрично заводской отряд назывался, моя мама сирота была в этом фзо и строила эту баню, 14-15 летняя была печником и так не дождавшись в этой власти благоустоенной квартиры, сотки участка 84 году ушла из этой жизни, сорокалетняя очередь все в пыль, зато все из деревень типа ветераны тыла за год проживания в городе все получают, и не один участок каждому внуку т к типа горе нардепы, чиновники из деревень все кумоватые!!!!
Много веков назад римляне, плебс и аристократы имели прекрасные бани (терми), а столица целого государства Якутия не имеет своей бани. Это результат величайшего развития или наоборот регресса? Интересно, что ответит на этот вопрос айтишник Айсен.
Киин баанньык кыһалҕатын ”Саха сирэ” хаһыат аан бастаан бэчээккэ таһаарбыта. Онон кинилэр суруйуулара былаас брлҕомтотун ылыа диэн эрэниэҕи баҕарыллар.