Быраас эминэн эрэ буолбакка үтүө тылынан эмиэ эмтиир
Киһиэхэ үтүө тыл, сыһыан туохтааҕар да күндү. Ыксал-тиэтэл, күннээҕи түбүк быыһыгар дьон икки ардыгар истиҥ сыһыан сүтэн-симэлийэн, барыта дьыала-куолу быһыытынан сууххайдык барар буолла. Аныгы киһи бириэмэ сырсыытыгар атах тэпсэн олорон ирэ-хоро сэһэргэһэр кэмэ да кырыымчык. Ол да буоллар үлэни кытары амарах сыһыаны дьүөрэлиир дьон баара үөрдэр.
Дьокуускайдааҕы 3№-дээх балыыһаҕа 20-ччэ сыл үлэлээбит уопуттаах оҕо бырааһа Елена Иннокентьевна Мяринаны кытары эмп-томп таһынан киһи киһиэхэ сыһыанын туһунан сэһэргэстибит.
Елена Иннокентьевна киин куорат Птицефабрика, Сэргэлээх түөлбэтин оҕотун доруобуйатын көрөр-истэр. “Үлэлээбитим өрө бэрт буолан эһэлэригэр-эбэлэригэр тиийэ билэттиибин. Мин көрбүт, эмтээбит оҕолорум билигин бэйэлэрэ ийэ-аҕа буолан сылдьаллар, – диир. – Хайдах эрэ дэриэбинэ курдук бэйэ-бэйбитин билсэр буолан хааллыбыт”.
Елена Мяринаны төрөппүттэр олус ытыктыыллар. Биллэн турар, бу манна кини профессионаьнай таһымын таһынан, ыальыбыт оҕолор төрөппүттэригэр, оҕоҕо бэйэтигэр киһилии амарах сыһыана эмиэ улахан оруоллаах.
– Төрөппүт дьон араас буолар. Сороҕор кыраттан тымтан кыыһыран турар дьон баар буолар. Олору кытары хайдах үлэлиигин? – ыйытабын.
– Мин наар эдэр коллегаларбар да этэбин: сымнаҕас сыһыан хайа баҕарар тоҥкуруун майгыны уулларар диэн. Хаһыытаан-ыһыытаан киирбит ийэни дуу, аҕаны дуу соннук утары хаһыытаан хаһан да көрсүбэт буолуҥ, дьону уоскутуохха наада, оҕотун туһугар ыксаан аймнарын өйдүөххэ наада диэн. Аргыый наллаан саас-сааһынан быһаарсан, кыһалҕатын истэн, истиҥник сыһыаннастахха хайа да бэйэлээх кыйыттыбыт киһи уоскуйар буоллаҕа.
– Быраас идэтин суолтата обществоҕа хайдаҕый дии саныыгын?
– Тыаҕа бырааска сыһыан, билигин да үчүгэй. Киһи киһи курдук сананар, ытыктанар, ытыс үрдүгэр сылдьар. Улахан бөһүөлэктэргэ, куораттарга дьон бырааска сыһыана, кэлиҥҥи кэмҥэ наһаа уларыйда. Ол олус хомолтолоох.
– “Обслуживающай персонал” курдук көрүллэр буолла?
– Оннук сыһыан баар буолла. Дьиҥинэн, киһи доруобуйатын туруга бэйэтиттэн тутулуктаах буоллаҕа. Сөпкө аһаан, таҥнан, дьаһанан – хас биирдии киһи бэйэтин доруобуйатыгар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахтаах.
– “Быраастар ону көрбөтөхтөр”, “маны эмтээбэтэхтэр” диибит ээ…
– Быраас эмтиир, көмөлөһөр аналлаах, биллэн турар, ону ким да мэлдьэспэт. Ол гынан баран бэйэтин доруобуйатыгар ээл-дээл сыһыаннаһар киһиэхэ ханнык да быраас көмөлөһөр кыаҕа суох.
– Уопсайа медицинэҕэ 29 сыл үлэлээтиҥ.
– Бастаан Дьокуускайга медучилищеҕа сиэстэрэ үөрэҕэр үөрэммитин. Онтон Томпо оройуоннааҕы киин балыыһатыгар оҕо бырааһыгар учаастактааҕы сиэстэрэнэн үлэлээбитим. Бырааһым Игорь Иванович Илюшкин сүбэтинэн (Барнаултан кэлбит быраас кэргэнниилэр этэ) Алтайдааҕы государственнай институкка баран алта сыл “педиатрия” факультетыгар үөрэммитим. Куонкурустаах баҕайы буолааччы дии.
– Медучилищены кыһыл дипломунан бүтэрбит буолан биир эрэ эксээмэни туттарбытым. Онтон үөрэхпин бүтэриэхпиттэн бу оҕо бырааһынан үлэлии сылдьабын.
– Үлэлээбитиҥ тухары икки эрэ сиргэ үлэлээбиккин?
– Биһиэхэ быраастарга сотору-сотору үлэттэн-үлэҕэ көһүү диэн суох ээ.
– Чааһынай клиникаҕа үлэлии бара сатаабатаҕыҥ дуо? Быраастар хамнастара саҥа үрдээтэ, ол иннинэ олус кыра этэ.
– Кырдьыгынан эттэххэ, арыый холку, налыччы графикатаах диэн чааhынай клиника5а бараары хаста да санаталаан ылбытым. Онтон үлэлиир коллективпыттан тардыһан – хаалбытым. Сэбиэдиссэйбит Ольга Павловна Миллер олус муударай киһи, кини сотору бюджет тэрилтэ үлэһиттэрин хамнаһа, быраастар хамнастара үрдүөҕэ диэн эппитин курдук буолла.
– Государтво быраастары уонна учууталлары хамнастыыра – стратегическай суолталаах боппуруос буоллаҕа. Үөрэх уонна доруобуйа – дойду чиҥин түстүүр сүрүн икки идэ.
– Оннук да буолла.
– Төрөппүт төһө уларыйда? 20 сыл анараа өтүгэр хайдах этилэрий, билигин хайдахтарый?
– Аныгы төрөппүт ирдэбилэ улаатта, ону таһынан барытын интернетинэн билэ-көрө олороллор. Биир өттүнэн ити үчүгэй, иккис өттүнэн уолҕамдьы буолуу баар. “Мин” диэннэрэ наһаа сайдыбыт. Урут, биһиги сэбиэскэй кэминээҕи дьон “биһиги” диэн санаанан атын дьону өйдүү, тэҥҥэ диэн өйдөбүлгэ иитиллибит буоллахпытына, аныгы дьон бэйэмсэх буоллулар. Ол биһиэхэ эрэ буолбатах, ханна баҕарар оннук буолла. Кэм көстүүтэ диэбит курдук.
– Рекламаны көрдөххө, эмп тобус-толору. Бырааһа да суох таблетка сии-сии сылдьыах курдуккун.
– “Бэйэтэ эмтиэкэ” буолумуохха наада. Ордук оҕо доруобуйатыгар ити кутталлаах. Эмп арааһа элбэх.
– Оттон сорох быраастар этэллэринэн, састааба син биир эрээри ааттара уонна сыаналара уларыйар дииллэр дии.
– Үүт-үкчү буобаттар эрээри, сорох эмтэр састааптарынан майгыннаһаллар, ол баар.
– Урукку эмтэрбит ордук көдьүүстээх буолбатахтар этэ дуо?
– Фармацевтика диэн улахан бизнес буоллаҕа. Урукку эмтэр сорохторо ордук дьайыылаах буолаллар этэ дииргэ мин сөбүлэһиэм этэ. Сорохторо. Ол гынан баран, билиҥҥи дьон рекламаны көрө-көрө тута антибиотиктары иһэн киирэн бараллар. Ыарыйдыбыт дии санаатылар даҕаны.
– Ол куһаҕан?
– Антибиотик улахан ыарыыга, ыарыы дириҥээбит буоллаҕына – быыһыыр-абырыыр эмп. Ол гынан аран кыра тумууга тута антибиотигы иһэр кэлин доруобуйаҕар охсуон сөп уонна ити эмп бактериальнай инфекция5а кемелеhер, вируска улэлээбэт. Антибиотик ыарыыны эрэ буолбакка бэйэҥ туһалаах микроорганизмннаргын эмиэ өлөрөр буоллаҕа. Мин санаабар, оҕо да буоллун, улахан да киһи буоллун этэ-сиинэ бастаан бэйэтэ көмүскэлин – иммунитетын уһугуннарыахтаах, сайыннарыахтаах. Иммунитеты искусственно таблетканан күүһүлээбэккэ эрэ. Ол кыаллыбытаҕына эрэ күүстээх эмтэри иһиэхтээх. Ыарыы, биир өттүнэн, киһи бэйэтин иммунитетын сайыннарар.
– Эрчийиэххэ наада?
– Доруобуйаны эрчийии урут да аны да ырыссыаба биир – салгыҥҥа сылдьыы, хамсаныы, сибиэһэй ас, уугун ханыы. Уонна быһыы (прививка).
– Прививкаттан сорох дьон аккаастанар, ону-маны интернеттэн ааҕа-ааҕа.
– Прививка олус наада. Аккаастанар ийэлэр бааллар, онтон кэпсэттэххэ, өйдөттөххө оҕолоругар туруортараллар. Холобур, биhиги уерэнэр кэммитигэр корь, дифтерия, паротит курдук ыарахан ыарыылар бааллара, ити ыарыылары прививка кеметунэн кыайдыбыт.
– Дьон кэлиитэ-барыыта үлэлиир учаастаккытыгар төһө элбэҕий?
– Птицефабрикаҕа көһүү, кэлии-барыы аҕыйах. Сэргэлээххэ син баар.
– Хантан кэлэллэрий?
– Бэйэбит дьоммут. Улуустан кэлии элбэх.
– Куорат уонна улуустан кэлбит дьон доруобуйаларын туруга араастаһар дуо?
– Дьэ ити боппуруос… Маннык ылан кэтээн көрдөххө, сахалар барахсаттар атын омуктардааҕар доруобуйаларыгар улаханнык кыһамматтар. Ыарыы олох дьарҕа буолбутун кэннэ балыыһаҕа кэлэллэр. Атыттар кыратык да ыалдьаары гыммыт, гыммыппын да дии санаатылар да уйуһуйа түһэллэр.
– Биир муҥ кыраайтан атын муҥ кыраай?
– Ол курдук. Киһи ортотун тутуһан, чугас дьонун, бэйэтин доруобуйатыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахтаах.
– Ыарыы арааһа эбилиннэ дуо?
– Аллергия элбэх буолла. Урут да баар этэ буолан баран наһаа улаханнык онтулара көппөт этэ. Билигин күүстээх баҕайы реакция баар.
– Ол туохтан төрүөттээх буолуо дии саныыгын?
– Аспыт дьайыыта буолуо дии саныыбын. Ити чипсы, газтаах, кырааскалаах утахтар наһаа дэлэйдилэр. Химия дьайыыта. Эдэр ийэлэр эмиэ оннук аһы аһыыллара оҕолоругар эмиэ дьайар. Бастатан туран, кыыс оҕо ийэ буоларыгар эрдэттэн доруобуйатын көрүнүөхтээх. Итиннэ кыра оҕо эрдэхтэн иитии, өйдөтүү үлэтэ ыытыллыахтаах быһыылаах. Эдэр ийэлэр оҕолонон баран сорохтор “фигураларын харыстаан” эмтэрбэттэр. Оттон оҕоҕо ийэ үүтүн туох да солбуйар кыаҕа суох.
– Елена Иннокентьевна, кэпсэтиигэр баhыыба! Махталлаах пациеннары баҕарабыт, сыраҥ-сылбаҥ сыаналана турдун!
– Махтал.
***
Кэпсэттэ Наталья КЫЧКИНА,
“Киин куорат” хаhыат,
17.05.2018с.
Оставить комментарий