Ынчык быыһыгар ыҥырыы
Адьас былырыын аҕай этэ дуу, Таатта улууһун баһылыга Мэхээлэ Суорап эрдэттэн тыаһаан-ууһаан, даххаһыйан “аартыктары” сахсыйаары долгуйар Дьокуускай куоракка киирбиттээҕэ. Кулуба үнтү үтүөтүн уйбакка кэтэҕэ көхсүгэр сыстан олорон, “Путин” диэбиттии дьоһумсуйан олорон: “Соров!”, – диэн сэттис этээстэн биллэрбитэ бу баарга дылы.
Тоҕо, туохтан томороон тойончук биһиэхэ таала кырыыламмытый диэтэххэ – соччо уһуна суох устуоруйа.
Иккис бэрисидьиэн айхалланар кинигэтигэр бэрт муода хаартыскалар бааллара. Ону устан ылан иккитин-хаһын ордук хоһу тылбай-өспөй буолбакка, сайтпытыгар хаартыскалары эрэ лаһырҕаталаан кэбиспиппит.
Сотору соҕус буолан баран илдьит кэлэр – хаартыскаҕытыттан Суорап тойон өһүргэммит, суукка биэрэр үһү диэн. “Биэрэр буоллаҕына биэрдин, ол эрээри бастаан бэрисидьини суутунан куттаатын – диэн харда ыыппыппыт. – Бастаан, хайдах эмэ гынан, күрүө үрдүгүн атыллыы сатаан көрдүн”, – диэн буолбута.
Кулуба бэрисидьиэни суукка үҥсүбүт үһү диэн сурах-садьык иһиллибэтэҕэ. Хата эр дьон суулаһа сытар хаартыскаларын “Ыстаал хайдах хатарыллыбыта” диэн суруктаан баран Бассаапка тарҕаппыттара баара. Ону сэргэ, Суорап, биир биллэр-көстөр, ытыктанар киһи Тааттаҕа тахсан сахаларга анаан, бүөмнээн тыл эппитин тэлэбиидэнньэҕэ тиийэн уһулан ылан, омук бэрисидьиэнигэр үҥсэн-хобулаан уочараттаах уһун сонун кэппитэ үһү диэн санатыһыы барбыта. Дуоһунас туһугар бэйэ дьонун уган биэрии чаҕылхай холобура диэтэҕиҥ.
Суорап иккистээн өһүргэммитэ – Ытык-Күөлгэ тулаайах оҕолорго тутуллубут дьиэ хаачыстыбата куһаҕан диэн суруллубукка иҥнээһинэ. Эрэдээксийэҕэ суоһурҕаммыт суругар, бэл диэтэр, кыыһырбыт омунугар хаһан кулуба буолбутун кытары умнан кэбиспит этэ: “2014 сыллаахха талыллыбытым!”. Биир сыл ханна сылдьыбытын ким да билбэт.
Дьиҥинэн тулаайахтар дьиэлэрин куһаҕаннык туттахтара. Онто да суох уустук дьылҕалаах сордоохтору тоҕо хат атаҕастыахха сөбө буолла. Тулаайах хараҕын уутун тоҕуу, былыр-былыргыттан сэттээх-сэлээннээх. Ийэ-аҕа диэни билбэтэх кэрэгэй дьылҕаланыы ама тустаахха туох аанньа буолуой, оннооҕор сааһын туппут дьон ийэни-аҕаны сүтэрдэҕинэ сүрэҕэ илдьи барар. Оттон оҕоҕо диэн ол оһоруммат содул буоллаҕа. Аныгы саха иҥсэтэ көбөн аньыыны-хараны аахайбат буолан турар.
Бэлиитикэ, сылаас олбох туһуттан саха сирэйдээх урут сиилиир омуктарбыт курдук буоллубут. Билигин Саха сирин үрдүнэн “ньыгыллар” баартыйа иһинээҕи быыбардара буола турар, муус устар 15-гэр чулуулар чорбойуохтаахтар. Ханна эрэ чулуу чорбойуо, ханна эрэ дуоһунаһын толору туһаммыт сатабыллаах, оҕуруктаах өйдөөх баһыйыа.
Тааттаҕа эмиэ, ханна да саха уутуйан үөскээбит улууһугар буоларын курдук, тардыалаһыы кытаанаҕа. Тилигирэтиһии, умса-тиэрэ бырахсыы. Дьиҥнээх быыбар буолара эрдэ, онон туох да сокуона-таймата үлэлээбэт кэмэ буолан, ким төһө кыайарынан, суобаһа көҥүллүүрүнэн тоҥолохтоһо ахан сылдьар. Барахсаттар, биир өттүнэн, былааска хаалыахтарын, сылаас олбохторун сүтэриэхтэрин баҕарбаттар, оттон атыттар кинилэр миэстэлэригэр кэлиэхтэрин баҕараллара сүр. Баҕа күүһэ быраапсай.
Тулаайахтар дьиэлэрин айдаана тахсыбытыгар Суорап бүтэр, сылайбыт, куоракка төннүөн баҕарбыт диэн баара. Ону куораттар “ бэйэбитигэр миэстэ кырыымчык, барбыта да сырыттын, ненаада” диэн эппиэт ыыппыттарын туһунан кэпсэнэрэ. Кулуба өр мундуйданан баран хайыа баарай, бэринэн, былааһын амтаһыйан барар. Аны уурайыан баҕарбат буолан хаалар. Онон билигин буолар-буолбат ыҥырыы бөҕөтүн суруйтарар түбүккэ түспүт.
Сорох-сорох ыҥырааччылара аһара түһэн, хата дьону өһүргэскэ ыытар кутталланнылар. Көмөлөһүөхтэринээҕэр төттөрү тардаллара элбээбит.
Сотору-сотору баартыйатын уларытарынан аатырбыт Өлөксөй Бөтүрүөп: “Суорабы” талбатаххытына аны туох да дьиэтэ тутуллубат”, – дэтэлээбит. Онтон иккистээн эргийэн кэлэн аны тутуу бытаарбытыгар: “Суораптан туох да тутулуга суох” , – диэн этэн алдьаммт. Онон “олорор кулуба” туһугар ыҥырааччы бэйэтэ да тиһэҕэр бутуллан хаалбыт – тутулуктаах дуу, тулуга суох дуу дии сырыттаҕына бэйэтин быыбартан уһулан кэбиспиттэр.
Өлөксөй Дьоскуоскай, бырабыыталыстыба солбуйар бэрэстээтэлэ өйүүр үһү диэн буолта, онтон аны кэлин “суолтатыгар эрэ өйүүр үһү” диэн түмүктэннэ. Кыһалҕаттан ыҥырбыта буола-буола мэлдьэһэн иһэллэр дуу, тугуй, тоҕо дьоһуна суоҕай, доҕор. Хайдах эрэ Суорап туһугар тиийэн барыта иэмэ-дьаама биллибэт буолан хаалан иһэрэ тоҕо сүрэй… Үөһэттэн: “Өйөөҥ!” – эрэ диэн бирикээс быраҕыллыбытын толорон сору көрөн Сорову сордууллар бадахтаах…
***
Ньукулай ОХОТИН,
“Аартыкка” анаан.
Була сатыы-сатыы, агала сатыы-сатыы суруйдага буолан дуомнаммыттар эбит.
Ардьакыап сакааЬа буолара наЬаа кесте сылдьар эбит.
Соров былырыын журналистарга тиийэн” Я Соров” диэн киэптээн кэбиьэн ,сайт героя бола сылдьар эбит дуу.Улуус главата киьи арыый боччумнаах буолуо5ун.СМИ диэн четвертая власть дииллэр этэ.
Бу буккуурдаах кэмнэргэ Таатталар, бука сэрэйдэххэ, а5а баьылыктарын уларыппаттара буолуо. Нууччалаатахха, шило на мыло буолан тахсар.
Ооо бу айдааннара эмиэ сал5ыы баран эрэр ду.Ынырык да кыбыстыылах биьиэхэ таатталларга. Михаил Михайлович то5о эмиэ журналистары хаарыйдын кинилэр улэлэрэ буолла5а ди. Кэлэйиибит ессе улаатта
былырыын аартыктарга дэлби кыыьырбтн иьин иэстэспиттэр бьлах аартыктар онно быыбар айдаанын туьаннахтара туох да закаьа суох манна мин кердехпунэ,хайаларын да хай5аабатахтар .
Хайа оттон бу былаас сайта , тэбэр охсор ньымалара Суорабы буулаабыттар дуу. Ол аата былааспыт олох өйөөбөт киһитэ эбит дии. Буолумуна. Опрос түмүгэ Суорап туһатыгар буолбатах диэн Дп1 дьиэттэн иһиллибитэ , син буолла. Кэбис сордоммотун..өссө хайдах былаас кэлэрэ биллибэт , эрэннэрбит беата олох да сүттэ дуу , куотта дуу.
Баайага уола Уйбаан ОндуруоЬап, уоскуй доо!
Ити Ардьакыапкын Ил Дарханна сыналыы сатаан баран оройго охсуллубут уЬугун дии, бассаабы аахтахха?
Онтукатын кыЬыытын-абатын бу сакаас ыстатыйанан таЬаара сатаама дии доо!
Ебугэлэрбит этэллэрин курдук, уоскуй, унуохта кемуллээ!
Бу Соров Михаил хаста да куоракка киирэ сылдьан “Аартык.РУ” дьахталларын кытта дэлби этиспит уьу. Ону “Аартыктар” хахаезалара бырастыы гыммат даамалар буоллахтара. Бэйэлэрэ мин диэбит кыргыттар буоллахтара. Бу праймериз диэннэригэр аны нууччалыы эттэххэ “бабские разборки” кыбыллыбыт. Дьону кытта, тем более журналист дьахталлары кытта арыый сэрэхтээх буолуохха баар эбит. Оччого онно манна кыбыллыбакка сылдьыа этэ. Били ендукээн тугуттан кыбыллыбытын курдук буолбут
Ити Суорап аны ейденер ини?
Прокурордуун бурайсыма, суруналыыстыын иирсимэ диэн ейдебул баар.
Онон аны суруналыыстары иирсибэккэ улэлии олордун буо.
Ол Соров Михаил Михайлович лично хас дьахтары кытта этистэгинэ дуу, конфликтастагына дуу буруйу атын дьонго баьаалыста туьэримэн. Аартыктар уонна Мэхээлэ Соров бэйэлэрэ быьаарыстыннар. Атын дьону отой буккуйуман
Атын дьон туох да сыһыана суохтара өйдөнөр. Арай өйдөммөт , тоҕо былаас сайта Соровы сордоото. Аартык.ру былаастан көҥүлэ суох , былаас киһитин хараардыбат ини. Арааһа былаас сигнал биэрбит курдук , кими өйүүрүн.аҕыйах күн хаалла , праймериз болара.
Аартык ол былааЬы эрэ истэр дуо?
Оччого БЕА былааЬын биир тутаах киЬитэ Мэхээлэ Кулээйэби сотору-сотору тэбиэлээн сордууруй?
Талбыттарынан суруйар кыргыттар дии.
Сахалар барахсаттар, улуу Таатта олохтоохторо! Хаьан бэйэ-бэйэбитин сиэьэн бутэбит. Атын омуктар ама эмиэ маннык дьаабыланналара буолуо дуо? Дьон куьа5ан буолла5ына уёруу. Киьи Оло55о былдьанна5ына биирдэ эрэ махтаныы кэмэ кэллэ. Онноо5ор киьи ёлбутун кэнниттэн сугун сытыарбат алдьархайа. Хаьан да5аны чыпчаалга тахсыбат улуус буоллубут.
Сор диэнтэн Соров, суор диэнтэн буолбатах. Аартыктары сордорун сордуу сылдьар урааҥхай. Дьэ, аартыктар тостопун ылбыттар.
Кто не умеет и не может налаживать отношения с представительницами прекрасной половины человечества, а в Aartyk.ru работают прекрасные журналистки, тот получается плохой политик и руководитель. Рано или уже поздно ему заниматься выдвижением своей фигуры на разные должности
Этот твой Соров же как я понимаю уже выдвинул себя и выиграл выборы, если он действующий глава района.
Тогда при чем тут «рано ему»?
Он просто идёт на второй срок если не ошибаюсь.
Если он не умеет с бабами ладить – дык для дела же лучше, не будет по бабам бегать, а будет делами заниматься )))
А то некоторые по бабам та-ак бегали, что со свечами вокруг костра ходили, обещая жениться на бабах, которым понаделали детей, а сами потом под утро слиняли, вот у них со делами швах разве нет? )))
Туох да диэн Аржаковтар барахсаттар заказной материал таһаарбыттарын үрдүнэн, Таатталар Михаил Соровка куоластыыбыт.
Праймериз чугаьаан заказной статьялар сурдэннилэр, туьата суох статья, таатталар баьылыктарын туьэрбит, хараардыбыт эрэ киьи диэн, суруйбатаххын ордук буолуо этэ
Туох да диэбит иьин Соровы сордообуттар, улуус главата инник уе%уллэрэ бэйэтин мелте5е ини, ханнык да главаны инник ыыстыы иликтэр,куьа5аны барытын Аржаковка туьэрэ сылдьар туох куьа5ан адьынаттаах киьиний,Вася Гуляевы онноо%ор беа устубута,Биир баар суох эрэллээх саллаатын, Михаил Гуляев наьаа ырааппата ини,
Оттон Ньурба главата Попов туЬунан Аартыктар суус тегул уегэн суруйдулар дии?
Онон Соров соготох диир сыыЬа буолуо?
Аартык поповы үөхпэтэҕэ , хата
Да, хоть за кого голосуйте. Только не надо заводить бедного рака (Сорова) за камень. Здесь конфликт между прессой и зарвавшимся чиновником.
Все начинается с мелочи. Чиновник – профессионал, организующий жизнь человеческого общества. Типа отца. А тут появляются бабы, не совсем трезвые, и начинают отца валять в грязи. Причина то смешная – обиделись, панимаете ли… Ты, Семен, наверно отца побиваешь, если посчитаешь что он зарвался😃
Таатта курдук улуу улуус баһылыга буолан баран тоҕо дьахталлары кытары киирсэрэ буолла, кыбыстыы дьэ. Улууска атын үлэ суоҕугар диэри буолан истэхпит
Оттон эн ыт ытыыраары гыннаҕына моонньугун уһатан сытан биэриэҥ этэ дуо? Сороп ытырыык ыттары тэбиэлээтэҕэ ди. Дьиҥнээх аҕа быһыыта. Аны оҕолорун тиниктээн барыахтара, бэйэтин дьаһайан баран.
Кэлэйдибит. Мэхээлэ эйиэхэ куоластаан бэрт бырастыы гын
Биһиги өссө итэҕэйдибит көмүскэллээх эбиппит диэн. Ытырыык ыттар дьүгэлийдиннэр!
Явно заказной материал. Сшито белыми нитками.
Тыый, иэдэйбиттэр дии, Эр дьоммут. Тугун сүрэй! Хаьыат үлэьиттэрин үрэн-хаьан түьэңңит! Наьаа дии! Ама да баар суолу суруйаннар, Соров диэн киьи сууттаспата ини.
Соров Мэхээлэ, бу да киьи, атын кыьалга суо5а дылы буолан. Чыккымай сэбиттэн иннибиккэ дылы буолан туьэн. Хата кус кэлэрэ чугаьаата
Кирдээх, олус кирдээх хардыы. Сакаастаммыт ыстатыйата биллэ-көстө сылдьар. Норуот билэр баһылык хайдаҕын, норуот кинини өйүүр. Оттон бу ыстатыйаны сакаастаабыт барахсан бэйэтэ соччото суох киһи буоларын көрдөрдө. Кандидат бэйэтин үчүгэйин кэпсиэхтээх, атын кандидаты үөхпэккэ, кири хаҕы була сатаабакка. Дьон сөпкө да этэр, үлэлээбитин дьоҥҥо көрдөрөрө суох буолан М. Соров куһаҕанын көрдөөн сордонор диэн. Биирдэ баран эттэххэ #затаатту диэн суруктаах дьон үгүстэрэ Таатта туһугар оҥорбуттара да кэмчи. Киһи хомойор. Ыраастык үлэлээҥ.
Администрация үлэһиттэрэ коменнаан бүтүҥ
Тойоҥҥут чүөчэлэри кытары айдаана быһылаах ди
Аартыктар суруйуулара оруннаах буолан тахсар. Тулаайахтарга анаан бюджет хаччытыгар тутуллубут туерт элбэх квартиралаах дьиэлэр, элбэх нуорманы кэьии тумугэр баччаанна дылы киирбэккэ тураллар
Тоҕо оччоҕо одуулаан олороҕут, эһиги борокуруордар? Тараччы тутан ылан хаайтаран кэбиһиҥ. Кыттыгастааххыт ду?
Хабаххай, то5о Сорову туттара сатаанын, эйигинэ да суох нэьиилэ баччаанга дылы сиирэ халты туттаран кэллэ5э
Тереебут уескээбит улуустарын дьонун-сэргэтин ыы- дьаар курдук уегэр, тыллаьар дьоннор улуустарын , нэьилиэктэрин, дьиэ кэргэттэрин туьугар туох эмэ куттуеннэги ,утуену онорбуттара буолуо дуо?
Киьи туттунар…
Ол кэннэ «Тааттабын»-диэниэх бэйэлэрэ дуу?!
Ейунэн кыайтарар киьи уехсэр ,онтон кыайбатагына кууьунэн еттейер.
Оо, пахай, бу талыы талба таатталарбыт үөхсүүлэрэ эчикийэ даа сүрүүүн, баһылыккытын ньурбалар поповтарын курдук, суукка биэрэргит чугаһаахтаабыт курдукчай
сэ-сэ, таатталар, кырдьык, татымсыйбыттар, ыырдара кыараабыт. биир да ойдоох тыл суох. туох эрэ сэбиттэн кыбыллыбытын ахтысаллар, дьахталлары кытта этиспиттэрин аахсаллар. былыргы улуу огонньоттор тасымнарын сыта да хаалбатах. талах кургутун эрэ кэтэргит хаалбыт. арыыйда сэнээриилээгэ диэн кэм ыраас саха тылын тобогусан суустасаллар эбит. СОРобкутун дуу, АРДЬАкыабкытын дуу, БЫРДЬАкыабкытын дуу талар муннутун кэтээн корон саарана оонньуусубут хата, биси, кырыы – хара дьон.
Уопсайынан соров соччото суох киһи эбит..
Того баьылык улэтин онорбутун кербекке личнайдаьан барагытый. Таатта уунэ сайда чэчирии турар. Кэлин ватсап, ол иьигэр сми ненуе киьи кестубэт буолла. Барыта сымыйа.
Кербуккутугэр, Тааттабыт сайдыбытынан керун. Оннук уьу маннык уьу диэн бэйэ интэриэьи эккирэтиини керумэн.
Соров да Аржаков да бэйэлэрэ да соьуйаллара буолуо дьон санаатын ааган. Холоон кере кере манныкка бириэмэ ыыппыт да диэн.
Куоракка да олорор дьоммут манныгы таьаара олордохторо. СМИ куус дииллэр да хайдах тылбытын туттарбытыттан, туох интэриэьи эккирэтэрбититтэн. Аартыктарбыт даганы ас таьаарына олорбуттара сурдээх.
аржаков диэн кисилэрэ бэрт сэргэх сирэйдээх- харахтаах киси эбит этэ, атын сайтарга кордоххо. багар таатталар сана кэмнэ саналыы тахсалларыгар анаммыт киси буолаарай ? соров кэмэ ааспыт курдук дуу тугуй. торут да урукку сэбиэскэй тойоттордуу стиллээх киси курдук кэпсииллэр
Бу таатталар диэн хаьан ейденер дьонуй? Бэйэ бэйэлэрин кытта кумахтаьан алексеевтар буола сылдьыбыттарын умнубуттара то5о тургэнэй. Эмиэ ол киьилэрин аатын теннерееру мехселлер дуу хайдах дуу?