Үстэн элбэх оҕолоох аҕалары мобилизацияттан босхолуур СОКУОН суох, ылыллара да саарбах…
-Бассаапка үстэн элбэх оҕолоох аҕалары сэриигэ ылбат туһунан сокуон таҕыста диэн суруйаллар. “Кыымҥа” тахсыбыт үһү, ону сорохтор сымыйаргыыллар. Бука диэн быһааран биэриҥ эрэ, – диэн Aartyk.Ru ааҕааччыта Степан Соловьев эрийэн сураһар.
Хаартыскаттан көрдөххө, “Кыым хаһыат докумуон таҕыста диэн суруйбут, сокуон буолбатах.
Кырдьык, регионнар сокуоннарынан, ол иһигэр Саха Республикатыгар, элбэх оҕолоох ыал ахсааныгар 18 саастарыгар диэри үстэн элбэх оҕолоох ыал уонна 23-гэр диэри күнүскү үөрэххэ үөрэнэр оҕолоох ыал киирсэр.
“Үстэн элбэх оҕолоох ыал аҕатын, ыал соҕотох оҕотун хааччахтаммыт хомууртан босхолуохха, ол туһунан федеральнай сокуон наада”, – диэн мобилизация саҕаланаатын кытары Госдума депутата Сардаана АВКСЕНТЬЕВА туруорсубута.
АВКСЕНТЬЕВА көҕүлээбит сокуона билигин РФ правительствотын уонна РФ Үрдүку суутун үөрэтиитигэр сылдьар. Ити уорган үөрэппитин, ырыппытын эрэ кэннэ сокуон барыла Госдумаҕа үстэ көрүллэр. Депутаттар үксүлэрэ сокуону ылынабыт диэн куоластаатахтарына, Совет Федерации барар, онно бигэргэннэҕинэ, дьэ, президеҥҥэ киирэн илии баттаныахтаах. Уһун-киэҥ суоллаах-иистээх. Дьиҥэ, билиҥҥи ыксаллаах кэмҥэ, мобилизация туһунан сокуон сып-сап көрүллүөхтээҕэ да… нэс. Этэргэ дылы, хаһан оннуттан хоҥнуор диэри бүттүүн хомуур да саҕаланыан сөп.
Сардаана Владимировна сокуон барылын оҥоруон иннинэ балаҕан ыйын 26 күнүгэр РФ правительствотын бэрэссэдээтэлигэр Мишустиҥҥа суруйбута: региональнай сокуонунан ааҕыллар элбэх оҕолоох аҕалары, ыал соҕотох уолун, онтон да атын категориялаах гражданнары, хааччахтаммыт мобилизацияттан босхолуохха диэн. Мишустин ол суругу Оборона миниистиригэр Шойгуга утаарар. Шойгу буоллаҕына Генштабка быраҕар…
Генштаб буоллаҕына “для внутреннего пользования” (ДСП) диэн, ол аата бэйэ икки ардыгар туттуллар, докумуон таһаарар: үстэн элбэх кыра оҕолоох аҕалары хааччахтаммыт хомуурга ылымыахха сөп.
ДСП – туора дьон хараҕыттан кистэнэр докумуон. Ол “кистэлэҥ докумуону” хаһан баҕарар, хайа талбыт уларытыахха сөп. Онон ити Генштаб бэйэ икки ардыгар таһаарбыт докумуона сир саарбах. Сарсын атын ДСП суруйуохтарын эмиэ сөп. Ол иһин СОКУОН ылыллыан наада диэн этэллэр. Сокуону көтүрэр быдан уустук буоллаҕа.
Ол туһунан Сардаана АВСКЕНТЬЕВА телеграм-каналыгар эмиэ таһаарда:
(…)Второе. Этот документ – указания Генштаба, которые действуют сейчас, а не закон. Как любое ведомственное решение, его могут изменить. Например, если поменяется ситуация на фронте.
Третье. Далеко не все наши (и ваши) инициативы учтены. Большая часть учтена частично или вообще не учтена. Вы можете сравнить по таблице. Так что радоваться рано.
Вот поэтому и необходимо добиваться внесения поправок в закон о мобилизации. Что с законопроектом? Мне вас пока порадовать нечем, процесс запущен, но движется медленно. Я считаю, что все законопроекты, касающиеся мобилизации, необходимо принимать в первоочередном порядке.
Вы можете обратиться через сайт Госдумы или соцсети к депутатам из партии большинства, написать им об этом законопроекте. Потому что в конечном счете без их голосов наш с вами разумный и адекватный законопроект не пройдет.
Ваша Сардана Авксентьева.
Онон, үстэн элбэх 18-гар диэри саастаах (эбэтэр 23-гэр диэри күнүскү үөрэххэ үөрэнэр) оҕолоох аҕалары хааччахтаммыт хомуурга ылбат туһунан федеральнай СОКУОН ылылла илик.
Сокуон ылылларын да экспертэр саарбахтыыллар:
“Оччотугар Кавказ эр дьоно бары кэриэтэ хааччахтаммыт хомууртан босхолоноллор, онно ыал үксэ элбэх оҕолоох. Аны онтон атын регион олохтоохторо күнүүлээн туруохтара эбээт: “Кинилэри сэриигэ ыыппаттар, биһигини ыыталлар! Саамай элбэх дотацияны бюджеттан ылаллар, бэлэмҥэ бэртэр”, – эҥин диэн”.
Россия үрдүнэн сорох статистиканан – 1,2 мөл., сорох – 2 мөлүйүөн эр киһи үстэн элбэх оҕолоох. Нэһилиэнньэ уопсай ахсаана – 144 мөл., онтон эр киһитэ 68,7 мөл.
“Ити сыыппараттан – оҕолору, кырдьаҕастары, ыарыһахтары, инбэлииттэри, хаайыыга олорбуттары, броньнаахтары, кыраныысса таһыгар тахсыбыттары көҕүрэттэххэ, сэриилэһэр да кыахтаах дьон аҕыйах. Оттон элбэх оҕолоох ыал аҕалара, үгэс быһыытынан, эппиэтинэстээхтэр, доруобайдар, өйдөрө-санаалара чөл – саамай патриотичнай саллааттар кинилэр буоллаҕа. Ол дьону хомууртан босхолоотоххо, ким сэриилэһэр? Уонна кинилэр оҕолорун быраҕан кыраныысса таһыгар куоппат буоллахтара”.
…Онон оннук балаһыанньа…
***
Aartyk.Ru
Оставить комментарий