Уу Саха Омук: Уу Саха Омукка кэлии тургутуута
Соторутааҕыта, сахалар сөбүлээн сибээстэһэр бассаап ситимигэр, араспаанньатын, аатын, аҕатын аатын толору уларыппыт киһи туһунан сонун тарҕаммыта. Aartyk.Ru кини кимин-тугун билэн кэпсэтэ сырытта.
Сахалар айылҕалаах, айылгылаах дьоммутунан баайбыт. Олоххо аналын булбут дьоллоох, булбакка, мунан, атын ыллыгы батыспыт – саргыта самнайар. Киһи бу орто туруу бараан дойдуга тоҕо кэлэрий? Хас биирдии киһи туох эмит аналлаах төрүүр-үөскүүр. Аһыллан бэйэҕин буллаххына, Айыы суолуҥ тыргыллар.
Малик Тойтонов Аар Айыы Тойонтон Айыллан Уу Саха Омук Олохтоох Орто Дойдулаах буолуор диэри тургутууну дьоһуннаахтык ааспыт.
– Аатыҥ уһун, кэпсэтэргэ ким диэн ыҥырыахха сөбүй?
– Уу Саха Омук диэн
– Уу Саха Омук, хас саастааххыный?
– 29 сааһым.
– Олох эдэр киһи эбиккин дии. Олус ураты, омос киһи өйдөөбөт аатын ылыммыккын. Хайдах бу маннык ааты ылынныҥ?
– Мин ырыа-хоһоон айабын, сценарий суруйабын, тыллар бэйэлэрэ кутуллан киирэллэр. Оҕо сааспыттан тылга дьоҕурдаахпын. Наар тылы дьүөрэлии тутабын, Саха тыла олус кыраһыабай,тэҥниир-хоһуйар тылын дэгэтэ баай. Биир кэмҥэ хоһооннорум барыта уу буолан хаалбыта. Мин уу эбиппин диэн, иҥиэр диэри. Уу Саха Омук диэн ааппар эттэтиини ааһан кэлбитим. Улахан тургутуулары ааспытым. Махталыгар, олоххун саҥаттан саҕалаа, диэннэр ааппын ыыппыттара. 2020с. сибидиэтэлистибэ ылбытым. Ол кэнниттэн ааппын уйулҕам, кутум-сүрүм уйар буолбутун кэннэ биирдэ 2021с. пааспар ылбытым.
– Сахалыы ааттаммытыҥ кэннэ туох эмит уларыйыы буолла дуо?
– Араас дьоҕурум арылынна. Ол айар үлэбэр күүскэ биллэр. Уонна Сахалыы аакка үлэлэһэбин. Дьону Сахалыы ааттарыгар аҕалар дьоҕур арыллыбыта.
– Эмтиир кыахтааххын дуо?
– Айар үлэм эмтиир кыахтаах.
– Уу Саха Омук, эн туох идэлээххиний?
– Арктикатааҕы субаарыстыбаннай Искусство уонна культура институтун актерскай маастарыстыба салаатын бүтэрбитим. Үөрэҕим кэнниттэн Ньурбаны талан, Юрий Алексеевич Макаровка баран уһуйуллубутум. Ньурбаҕа “Спектакль” – диэн испэхтээги туруорбутум. Үөһээ Бүлүүгэ “Таптал” диэни, туруорбутум, ол Ютубка баар.
– Эн Тойтооноп диэн араспаанньаҕыттан сылыктаатахха Үөһээ Бүлүү буолуоҥ. Хас бииргэ төрөөбүккүтүй?
– Биэс бииргэ төрөөбүттэрбит. Мин уустук кэммэр бииргэ төрөөбүт эдьиийим Күлүмүрдүүр Уу Далайа Күндүлүүр улаханнык өйөбүл, көмө-тирэх буолбута. Ким да, туох да өйдөөбөт кэмигэр, эдьиийбинээн кэпсэтэн алтыһан бэттэх кэлбитим. Дьону аатынан, төрөөбүт дааталарынан көрөммүн эмиэ этитэбин. Ама оннук буолуо дуу, диэн саарбахтыырбын, эдьиийим, ити чахчы кырдьык диэн, быһааран биэрбитэ. Сахалыы ааттааһыммар эмиэ бэйэбэр итэҕэлим бөҕөргүөр диэри, эдьиийим арыаллаабыта. Билигин да алтыһабыт эдьиийбинээн. Кини бэйэтэ Аар Саарыҥҥа уһуйуллубут этэ. Онон ону-маны билэр буоллаҕа, чараас эйгэ тула.
– Эдьиийиҥ эмиэ олох ураты киһи эбит дии.
– Оннук, кини бар дьонугар айылҕатынан көмөлөһөр, алгыстыыр. Өбүгэлэрин “убайдар” – диэн ааттыыр, ыҥыран дьоҥҥо-сэргэҕэ этитиилэрин тиэрдэр, кэпсиир.
– Сахалыы ааттаныы суолтата олус улахан буолар эбит буоллаҕа…
– Оннук. Нуучча аата саха кыаҕын хаппахчыга хатаан кэбиһэр. Сахалыы аат саха кутун арыйар, сахалыы тыынныыр. Билигин ол өһүллэр кэмэ кэллэ. Дьиҥнээх сахалар кэмнэрэ кэлээри турар.
– Эн сахалыы итэҕэллээххин буоллаҕа дии?
– Мин айылгыбар, айылҕабар итэҕэйэбин. Айыҥаҕа саха рунатын үөрэтэбин. Онно баар – өбүгэбит кистэлэҥ күлүүһэ. Ону арыйар баҕа санаа сүдү.
– Уу Саха Омук, айар үлэҕэр ситиһиини баҕарабын! Бу курдук сахаҕын өрө тутан, онтон күүһүрэн иннин диэки баран ис!
***
Айталина Шадрина-Никифорова
Хантан булан, хайдах сибээстэьэн сахалыы ааттанарга субэлэтэбит?
Уу Саха Омукка бу нүөмэринэн эрийиэххэ сөп 8-914-299-28-88
Үөһээ Бүлүүлэр ураты дьоннор. Итиннэ сахалыы фамилияларын үгүстэр тутан хаалбыт сирдэрэ. Сахалыы ааттаныыга да, арааһа, инники буолуохтара. Тойтонов диэн эмиэ сахалыы дии, дьиҥэ.
Үөһээ-Бүлүүлэр: Тойтооноптор, Бараахаптар, Силигияновтар, Тумусовтар, Келтяковтар, Борбуевтар, Чарпыковтар. Сахалыы аат элбэх, саха тыына күүстээх сирэ.
МЭЭНЭ ИТИННИК ААТТАНАР СЫЫҺА УОННА СЭРЭХТЭЭХ
Билигин уусаха буолан бүппүтэ,таджиктыы ааттаах. Уруһуй киһи.