Курс валют
$
107.18
0.57
112.8
1.51
Курс валют
Курс валют
$
107.18
0.57
112.8
1.51
Меню
Поиск по сайту

Уолаттарбытын харыстыаҕыҥ!

25.02.2024 13:30 9
Уолаттарбытын харыстыаҕыҥ!

Сунтаар Кутанатыгар “Вагнерга” сулууспалаабыт киһи икки киһини өлөрбүт диэн сурах бассаапка тарҕаммыта кырдьык буолан таҕыста. Куһаҕан сурах сымыйа буолбат. Ол туһунан бүгүн прокуратура пресс-сулууспата биллэрдэ: 1959 с.т. дьахтары уонна 1990 с.т. эр киһини тыынын быспыт буруйдаах тутулунна. Дьон кэпсииринэн өлөрүөхсут кыдьыктаахтык, кырыктаахтык улахан аньыыны-хараны оҥорбут.

СВОттан кэлбиттэр эйэлээх олоххо төннөллөрө уустук, ордук хаайыыга олорбуттар сиэрдэрэ-майгылара эрдэттэн  ыарахан дьон кутталлаахтар. Психологическай көмө маннык дьоҥҥо хайаан да булгуччу оҥоһуллуохтаах, биир кэмҥэ эрэ буолбакка тиһигин быспакка үлэ барыахтаах.

Кыргыс урут да, былыр да киһи майгытыгар улахан содуллаах, ону билбэтэҕэ, билиммэтэҕэ буолар букатын сыыһа. Кэлин тугунан диэлийэн тахсыа биллибэт.

Наһаа элбэх саха эр дьоно контракт баттаһа-баттаһа баран эрэр, сөмөлүөт муҥунан. Бассаап-группаларыгар ону айхаллыыр суруксуттар бэйэлэрэ да, бэйэлэрин да оҕолорун тоҕо эрэ онно ыыппаттар. Оннуктар оттон “үлэлэрэ” буолаахтыа – дьону үктэтэн саҥардан баран уган биэрии.

@Aartyk.ru:

#пишут

-Уопсайынан наһаа элбэх, сиэри таһынан саха эр дьоно баран эрэр. Баланс диэн баар буолуохтаах. Онтон да суох аҕыйахпыт. Ускул-тэскил сылдьар дьон бараллар дииллэр, ол аата бэйэтин булбакка иэрэҥ-саараҥ сылдьар дьоммут элбэҕин көрдөрөр.

-Дьахталлар буруйдаахтар, эрдэрин кыынньаан, онтон кыыһырбыта буола сылдьан баран суруттаран кэбиһэллэр. Бу адьас соторутааҕыта саастаах ыалбыт аҕата барда. Иһэн баран ойоҕун кытары кыҥкыйдаһан баран контракт баттаспыт. Иллэспиттэрэ да хайыай, илии баттаан баран бардаҕа. Эр дьоммутун харыстыахха наада!!!! Тугуй доҕор алта уолтан биэһэ барар диэн! Ити уолаттар бары аҕата суох улааппыт оҕолор.

-Кырдьык оннук, ити барбыт уолаттар үксүлэрэ аҕата суох улааппыт уолаттар. Аҕата суох улааппыт оҕолор, ордук уолаттар отой, сиргэ тирэхтэрэ суох, ол иһин салгыҥҥа ыйаммыт курдук тэйбэҥнии сылдьаллар, олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин кыайан булбаттар. Ведомые аны, кучулларга бэлэмнэр.

-Бу буола турар быһыы обществоҕа, саха омукка баар бары дьиэги барытын тоҕо тутан таһаарда. Ийэ-аҕа иитиитэ, эр киһи уонна дьахтар сыһыана, бэйэтин булбатах элбэх дьоло суох киһи баара барыта көһүннэ.

***

Ыал олоҕо дьахтартан олус улахан тутулуктаах. Эр дьоммутун, уолаттарбытын өйдөтөн-төйдөтөн, ис отуордарын ыспакка,  дьалкыппакка, сыыһа-халты тылласпакка, уһуну-киэҥи толкуйдаан муударайдык бу уустук кэми ааһыаҕыҥ.  Ордук эдэр дьахталлар кэргэҥҥитигэр болҕомтолоохтук сыһыаннаһыҥ.  Көрүнньүк олоҕу батыспакка, тургутуу кэмин дьоһуннаахтык, сиэрдээхтик ааһыаҕыҥ.

***

Aartyk.Ru

Фото Алгысчыта Ачыат. 

Обсуждение • 9

Добавить комментарий
  1. Старожил.

    Мин санаабар ,сэриигэ сылдьыбыт ,алдьархайы илэ харахтарынан кёрбют дьон биhиги билинги олохпутугар уларытыыны,санга тыыны киллэриэхтэрэ дии саныыбын,онно эрэнэбин даганы.Аан бастакынан,тойоттор былаастарын кююhюн аччатыахтарын,хайытыахтарын наада.Кинилэр махинацияларын,уоралларын,бэрик ылалларын,дуоhунастарынан туhаналларын тохтотоллоро эбитэ буоллар,ючюгэй буолуо этэ……Элбэх саха сво га барара туох да кусагана суох.Буhан, хатан кэлиэхтэрэ…

    .

  2. саха не хоhуун косоплёт...

    саха дьоно оннук акаары буолбатах ээ, аартык саныырын курдук,

  3. что делать

    новую стратегию жизни нужно создавать, мир изменился, а здесь живут по старому….

  4. Сахалар эрэ тараҥнаталлар

    Атаахтатан, тараҥнатан эриҥ. Сокуон барыбытыгар биир буолуохтаах. Сэриигэ сылдьыбытым, онон привелегиялаахпын дии-дии киэбирэр оҕолоргутун көмүскэһэҕэит. Сэрииттэн кэлбит оҕолоргут дьаһайыахтара.

  5. Мда

    якутки сюсюкаются с сыновьями до старости лет, а те борогозят из-за невоспитанности.

  6. Массагет (мас сахата)

    Наhаа паникалааман, Онноо5ор Афганистанна, Чеченскэй кампанияларга сылдьыбыт эдэр 18-20 уолаттар эйэлээх олоххо спокойно киирбиттэрэ. Онно реабилитация энин диэн суох этэ, билинни курдук. СВО байыастара 18-19 о5олор буолбатахатар
    Старожил сымыйанан санарыма, СВО -тан кэлбиттэр былааhы тыыппаттар, учугэйдик сыhыаннаспыт былаастары, дьоннорун кербут-харайбыт дьону. Арай декабристар 1812 с. кэнниттэн Сенатскай площадка 1825 с. тахсыбыттара.

  7. Ага дойду сэриитин сагана

    Рецидивистэри, елеруехсуттэри штрафбакка да ылбат этилэр. Онон горбатого могила только исправит. Ол сагана онноогор ейдуур этилэр, былаас

  8. Кэнэн саха

    нуучча уонна хохол иирсээнин сэриитигэр барыахпын баҕарабын. Ылаллара дуу?

  9. Тимир

    Войну делают политики.На войне богатеют олигархи.Бедные люди дают своих детей на войну.Многие уходят сами как на заработки.В итоге без рук без ног.Сейчас война космическая.Откуда что прилетит никто не знает.Это раньше ходили с одним патроном.Дети полка старики партизаны.Сейчас все по другому.Каждый сам думает о себе.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»