Тыа сирин техникатын гааска көһөрүөххэ
Дойдубут салалтата сыана үрдүүрүн (тутуу матырыйаала, ас-үөл, уматык, оттук, эмп-томп) кыайан буоһулаабат буолла быһыылаах. Россия энергетикэтин миниистирин урукку солбуйааччыта Владимир Милов, ырааҕы көрөр экономистар – Максим Авербух, Дмитрий Прокофьев да оннук суруйаллар. Хата ол оннугар муҥур ыраахтааҕыбыт телевизорга гиперзвуковой ракеталарынан киэн туттар.
АХШ, Кытай – халыҥ бюджеттаахтар, сэбилэниигэ хаалбаттара биллэр. Оннооҕор Хотугу Корея уоскуйбат. Үп миниистирэ Антон Силуанов: “Сэбиэскэй Сойуус сэбилэниигэ куоталаһан уонна нефть сыаната чэпчээн эстибитэ”, – диэн этэн турар.
Мин, Кэбээйи кырдьаҕаһа, бэйэтин кэмигэр үлэни үлэлээбит киһи, иннэ-кэннэ биллибэт олох кэллэ диирим сөп, оруннаах. Төбөҕүтүнэн туруҥ, атаххытынан туруҥ диэбит курдук, кыһаллыбаттар. Арай ыраахтааҕыбыт аҕыйах сыллааҕыта галераҕа кулут курдук эрдииһитинэн кэриэтэ сылдьабын диэбитин биһиги – аҕыйаҕы билэр дьон, ситэ сыаналаабат буолуохпутун сөп.
Мин 79 сааспар сылдьабын. Нефть, газ үөрэҕэр Коми АССР-гар Ухта куоракка институту бүтэрэн горнай инженер дипломун ылбытым. Газовай промышленнаска 40 сыл курдук үлэлээтим. Төрөөбүт сирим – Чурапчы, Сылаҥ нэһилиэгин кыра учаастагар Улахан Күөл диэн сиртэн төрүттээхпин. Колхуос үлэтин 7 сааспыттан билэбин. Тыа дьонун кыһалҕаларын эппинэн-хааммынан билбитим.
Аан дойдуга саамай тыйыс, уһун кыһыннаах сир – Саха сирэ буоларын оскуола оҕото кытары билэр. Экономика, политическай сыһыаннар мөлтөөннөр дойдубут үрдүнэн олохпут буорайда. Телевизорга салалтабыт, телеведущайдарбыт атын государстволар сыыһаларын, мөлтөхтөрүн, өйдөрө быһаҕаһын ырытан тахсаллар. Онтон мин кыра ыырдаах киһи холодильникпын астахпына, эбэтэр аптекаҕа тиийдэхпинэ эмп сыаната ыараабытыттан олохпут тубуста диэхпин санаам буолбат. Тоҕо тыам дьоно туох буруйдарыгар маннык тэбилиннилэр? Эбиитин сорох тойоттор тыа дьонун “арыгыһыттар, сүрэҕэ суохтар” дииллэр. Биһиги Арассыыйабыт үрдүнэн олох ыараабытынан Саха сирин салалтатыгар да ыарахаттар, кыһалҕа эбиллибитин өйдүүбүт. Арай эһиги – салалта – биһигини өйдөөбөт курдуккут.
Алҕаһаабат буоллахпына, 2014 с. Россия Правительствота транспоры (мин өйдүүрбүнэн массыына, трактор) ыгыллыбыт айылҕа гааһыгар (ЫАГ) көһөрөргө Программа бырайыагын ылыммыта. Ол Программанан манна биһиги Правительствобыт, онтон Ил Түмэн депутаттара сөпсөһөн илии баттаабыттарын кэннэ, РФ Правительствота субсидия биэриэхтээх.
Кыахтаах регионнар, холобур, Сахалин бэйэтин бэйэтэ 100% көрүнэргэ соруммут, онтон Татарстан 90%. Биһиэхэ киирбит улахан хампаанньалар Сургутнефтегаз, Газпром “Налог на добычу полезных ископаемых” (НДПИ), ол аата Саха сириттэн сир баайын хостообуттарыгар нолуок төлөөбөттөр. 20-25 сыл устата кинилэртэн нолуок ирдээбэппит. 20 сыл устата сир баайын аһара, харса суох хостоотохторуна, месторождениены туһанар тэрилтэ үлэтин, холобур сыллааҕы түмүгэ рентабельнайа суох буолан хаалыан сөп. Нолуогу кыайан төлөөбөт турукка киирэр. Саха сирэ кураанах ытыһын соттор. Ити тэрилтэлэр сиргит баайа бүттэ диэн тахсарга күһэллэллэр. Биһиги хармааммытыгар быт да хаалбат, бюджеппытыгар киирбэт.
Субсидия кэлиэн иннинэ тыа сирин умнар табыллыбат. Трактордара хайаан да ыгыллыбыт газка көһүөхтээх. Мин санаабар гаас эрэ буолбакка, бензини, солярканы трактор, массыына холбуу туһаныахтаах. Оччоҕо ЫАГ хааччыйар станция сорох бөһүөлэктэртэн 50 км тэйиччи да буоллаҕына, ЫАГ хааччыллара наада.
Билигин КАМаз көлүөһэтинэн сыҕарыйар (передвижной) гаһынан заправкалыыр дьоҕус станциялар Россияҕа бааллар. Газопровод тиийбит сирдэригэр айылҕа гааһын хайа сатанарынан күүскэ туһаныахха наада. Саха сирин гаастаах сирдэрэ сүрүн гааһа 90%-тан тахсата – метан. Ону убатан (УАГ), эбэтэр компрессорынан ыган (250 атмосфераҕа (баттааһына) баллоҥҥа (34- 50 лиитирэ истээх) хааланар. Государство сыананы регулировкалыырын тухары гааһы (массыынаҕа, тракторга) туттар барыстаах.
Массыына, трактор көлүөһэтигэр хачайдаабыт салгыннара 2-3 атмосфера (баттааһына) буолар. Онтон баллоҥҥа хачайдаммыт гаас баттааһына 200-250 тиийэр. Бензини, солярканы гааһы кытта туспа баахха киирдэҕинэ кабинаттан тахсыбакка эрэ гаастан бензиҥҥэ, соляркаҕа көһүөххэ сөп. Метантан ураты пропан уонна бутан айылҕа гаһыгар баара-суоҕа 2,5%-ҥҥа диэри баар.
Убатыллыбыт пропан-бутан (УПБ) аҕыйах буолан бэйэтин уйунар сыаната метантан үрдүк. Тоҕо диэтэххэ 100% айылҕа гааһыттан (АГ) 2,5% эрэ арааран (-40 С) ылаҕын, ол эбэтэр УПБ. Онон сыаната өссө этэбин – метаннааҕар ыарахан.
Ити УПБ Орто-Бүлүү гаастаах месторождениетыгар саҥа хаһаайын (ини-бии Магомедовтар) Штыров В.А. үлэлиирин саҕана кэлбитэ. Ону, биһиги салалтабыт туран биэрдэ ини чэпчэки сыанаҕа. “Якутская топливно-энергетическай компания” тэрийэн Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр установкаҕа быһа тутан (70% курдугу) ылаллар.
Манна Якутскайга баар собуокка 30% эрэ кэлэр курдук. Ити баар-суох соҕотох собуот Саха сирин государственнай “Сахатранснефтегаз” тэрилтэтин киэнэ буолар. Республикабыт соҕотох үлэлии турар базовай месторождениебытын (СВ ГКМ – Средневилюйское газоконденсатное месторождение) туран биэрдибит. Ол аата соҕотох базовай СВ ГКМ государственнай тэрилтэбитин чааһынай тэрилтэҕэ чэпчэки сыанаҕа туттардыбыт. Талбыттарынан тутталлар-хапталлар. Онон салалтабыт биһигини киһи үөрбэт балаһыанньатыгар олордон биэрдэ. Норуот туһа диэн айдааралларын кыайан ылыммат, итэҕэйбэт буолбутум ыраатта. Кремль олбуоругар олорон барытын биһигиннээҕэр ордук билэллэр. Бэйэлэрин таҥараҕа холууллар. Александр Македонскай бэйэтин таҥаранан биллэрэн баран тоҕо эрэ сир үрдүгэр 38 эрэ сыл олорбута. Петр 1 бэйэтин бэйэтэ императорынан биллэриммитэ. Билигин кыбыстыбакка демократияны – ноурот былааһын тутабыт дииллэр.
Тыһыынча сылы бэрт кыранан кыайбат сыл анараа өттүгэр Персия уһулуччулаах поэта Омар Хайям үөскээн ааспыт. Кини математик, физик, астроном, историк, философ, медицинаҕа кытта билиилээх киһи этэ. Математикаҕа үлэлэринэн Европейскай науканы 500 сылтан кырата суоҕунан куоппут киһи.
“Туймаада” хаһыакка Г. М. Артемьев ыстатыйатыгар “Роснефть” тойоно Игорь Сечин күннээҕи хамнаһа 5 мөл. солк диэбит. Үлэһит да барахсан эбит. Ол да үрдүнэн регионнарга (Иркутскай, Тюменскай уобаластарга, Красноярскай кыраайга, Саха сиригэр – “Сургутнефтегаз”) кэллэхтэринэ НДПИ (налог на добычу полезных ископаемых) диэн нолуогу кырата 20 сыл төлөөбөттөр. Биһиги урааҥхай сахалар баайбыт бэрт буолан нолуоктары хомуйбаппыт. Мин санаабар биһиги салалтабыт ити боппуруоһу туруорсар буолуохтаах даҕаны, улахан (эстибит-быстыбыт) хампаанньалар атахпытыгар туруохпутугар диэри диэн нолуокка чэпчэтии көрдүүллэр. Дьыала иһэ хараҥа. Ити туһунан суруйуом этэ даҕаны кумааҕы уйбат алдьархайа.
Хамнас чааһыгар Российскай “Газпром” салайааччыта Алексей Миллер Игорь Сечиҥҥэ холоотоххо быдан сиэрдээх, сэмэй эбит. Күннээҕи хамнаһа 2,2 мөл солк эрэ. Онон муҥур ыраахтааҕыбыт Алексей Борисовиһы төһө да 60 сааһын туоллар, кырата өссө биэс сыл үлэлэтэрэ буолуо. Тоҕо диэтэххэ 60 сааһы пенсионнай реформа кыайбата. Мантан ыла Алексей Борисович автобуһунан босхо айанныыр бырааптаах, квартиратыгар уочарата суох телефон туруортарыан сөп. Тиистэрин босхо оҥотторуон сөп баҕардаҕына, эбэтэр Россия профилакторийдарыгар босхо путевка. Күүскэ туһалаахтык үлэлиэххэ наада. Өссө Алексей Миллер Үлэ геройа буолан турар. “Кыһалҕата” эбиллэн иһэр. Кинини кытта Ростовскай уобалас тракториһын Александр Бондаренконы тэҥнээн көрүөҕүҥ. А. Бондаренкоҕа 2021 с. сайыныгар Үлэ Геройун званиетын Президеммит туттара туран ыйытар төһө хамнаһы аахсарын. Тракторист симиттэ-симиттэ ыйга ортотунан 24 тыһыынча солкуобайы аахсарын этэр. Онон А. Миллергэ өссө биир кыһалҕа эбиллэр: Үлэ Геройун кытта Хамнас Геройун званиета. “Мечты сбываются”, – диэххэ.
Урут Геология государственнай комитетыгар солбуйааччы председателинэн уопут бөҕөлөөх, дириҥ билиилээх-көрүүлээх дьиҥнээх геолог Николай Кириллин үлэлээбитэ. Николай Дмитриевич Нам улууһугар үөскээбит киһи. Депутаттарбыт, миниистирдэрбит Николай Дмитриевич курдук эбиттэрэ буоллар. Саха сирин хаһыаттарыгар Гаврил Романов, Валерий Мякумянов, Иннокентий Оконешников, Бурцев, Пономарев Иваннар, Георгий Артемьев курдук дьон сытыытык, ис сүрэхтэриттэн киһини толкуйдатар гына суруйаллар.
Олорон биэрдэхпитинэ хаалыыбыт улаатан иһээҕин бары билэбит. Бириэмэ турбат, баран иһэр. Олорон биэрдэхпитинэ атын үлэһит, инникитин саныыр, сүрэхтээх нация сыҕарыйан иһиэ. Кинилэр билиҥҥи туруктарын, биһиги 30-50 сылынан ситэрбитигэр кинилэр 30-50 сыллар усталарыгар өссө инники барыахтара, сайдыахтара. АХШ биир бөдөҥ государственнай үлэһитэ, учуонай Франклин Бенджамин (1706-1790 сс) этэн турар: “Вы можете медлить, но время медлить не станет”.
Урут Япония, кими да киллэрбэккэ, дипломатическай сыһыан олохтообокко сабыллан изоляцияҕа олорбута. 1846 с. быһа сорунан төрдүс сырыыларыгар АХШ Японияны кытта 1854 с. дипломатическай эйэлээх договор түһэрсибиттэрэ. Онтон ыла эргиэн уонна байыаннай флот Япония киэнэ сайдан, күүһүрэн барбыта. Быстах түбэһэн ааҕан турабын. Дуогабар түһэрсиэх иннинэ Япония бэйэтин биэрэгиттэн чугас канонерскай (хаптаҕай түгэхтээх плоскодонка) лодканан тахсыбытыгар АХШ Метью Перри диэн коммодора бэйэтин канонерскатын утары таһаарбыт. АХШ флота үксэ оччолорго паарынан барар (чоҕунан оттор) гына хараабылларын көһөрбүттэр. Японецтар үчүгэй моряктар, онон Перри канонерката быдан техническэй өттүнэн ордугун тута көрбүттэр. Артиллерията киһи хараҕар быраҕыллар күүстээх эбит. Автор биир үксүн онон даҕаны дуогабар түргэн соҕустук илии баттаммыт буолуохтаах диэн сабаҕалыыр.
1904-1905 с. нуучча-дьоппуон сэриитигэр Япония байыаннай флота Корея уонна Япония икки ардыгар Цусима арыытын таһыгар Японскай уонна Илиҥҥи Кытай муораларын икки ардыгар ыраахтааҕылаах Россия байыаннай флотун үлтү сыспыта. Советскай суруйааччы А.С. Новиков-Прибой “Цусима” диэн кинигэтигэр Балтийскай флоттан үксүн эргэ хараабыллары хомуйан бэрт тиэтэлинэн Атлантическай, Индийскэй уонна Чуумпу акыйааннары туораан 2-с Тихоокеанскай эскадра аатыран эрэй бөҕөнөн Цусима арыы таһыгар тиийэн 5045 киһи (эпписиэрдэр, үксэ мотуруостар) муора түгэҕин булбуттара, 803 бааһырбыт уонна 6016 – билиэҥҥэ түбэспиттэр. Туох, ким туһугар олохторун биэрбиттэрэ буолуой?
Новиков суруйарынан, сорох эргэ хараабыллар мөлтөх бэлэмнээх тахсыбыттар. Кини онно боростуой мотуруос быһыытынан кыттан турар. Олох эргэ “Не тронь меня” диэн броненосец аатыгар “а то развалюсь” диэн эбэн кочегар Бакланов ааттыырын ахтар. Атлантикаҕа тахсан иһэн Дания балыксыттарын хараҥаҕа ытыалаан хата биири да таппатахтар. 3 акыйааны туораан өлөр сирдэригэр тиийиилэригэр сорох снарядтар ытыалаһыы саҕаламмытыгар сиигирэн хаалан эстибэтэхтэр. Сороҕо японскай хараабыллар корпустарын курдат тоҕо да көтөн баран эстибэтэхтэр. Ити туһунан эмиэ советскай суруйааччы В. Пикуль суруйан турар. Тиийиэхтэригэр диэри эписиэрдэр, мотуруостар ортолоругар бэрээдэк сатарыйар.
Хонуу сэриитигэр Маньчжурияҕа нуучча армиятыгар бинтиэпкэ ботуруона аҕыйаабытыгар сыалай биир вагон иконкалары ыыталлар. Онон өстөөҕү саба быраҕар табыллыбат, кыаллыбат. Иконканы моонньугар иилиммит саллааты дьоппуон снаряда, буулдьата харыстаабат, онтон иҥнибэт. 2-с эскадра командующайа адмирал Зиновий Рождественский (1848-1909 сс.) 3 акыйааны туоруохтарыгар диэри бэйэтэ сыыһа туттан баран аттыгар түбэспит мотуруостар төбөлөрүн халампааһынан үлтү сынньар.
Тоҕо маннык буолла? Олорон биэрии, уоруу, кыһаммат буолуу, улаатымсыйыы, сэнээһин, бэрдимсийии содула. Манныкка ким эрэйи көрөрүй? Хас көлүөнэ олоҕо айгырыырый?
Государствобыт салайааччыта: “Мы – энергетическай супердержава”, – диэн Европаны салыннаран кэбиһэн Европейскай Союз көмөлөһөр Европа государстволара массыыналарын водородка, электричествоҕа сыыйа көһөрөн эрэллэр. Холобур, Голландия (Нидерланды) электромобиллара 2013 с. водородунан сылдьар буолан эрэллэр. Убаҕас водородунан массыына 500-600 км биир заправкаҕа барар. Ити бырайыак Францияҕа, Данияҕа, Швецияҕа уонна Нидерландыга үлэлээн эрэр. Билигин Англияҕа, Германияҕа эмиэ. Сэбиэскэй Сойуус үрэллэ илигинэ Мингазпром миниистирэ Рэм Вяхирев Германияҕа абарар этэ. Газопроводтарыгар ССРСтан кэлбит газтан автогазонаполнительнай компрессорнай станцияларынан (АГНКС) холбонон ЫАГ массыыналарын заправкалаан сылдьар буолбуттарын сөбүлээбэт этэ.
Икки сыллааҕыта Украинаҕа ЫАГ сылдьар автотранспортнай техника ахсаана Россиятааҕар элбэх этэ. Европаҕа билигин 243 мөл. массыына баар эбит буоллаҕына, 2 мөл. эрэ айылҕа гааһынан барар. Европа билигин даҕаны Россияны кытта саамай бөдөҥ партнер буолар. Тэйитэн кэбиспэт инибит.
70-80 сыллардаахтан Япония океанскай танкердары тутууга аан дойдуга бастакы миэстэҕэ сылдьар. Электроникаҕа эмиэ оннук. Билигин соҕуруу Корея илин-кэлин түсүһэр. Эйэлээх суолу тутуспут, үлэһит, үрдүк культуралаах, саҥаны, сайдыы суолун тутуспут государстволар инники сылдьаллар.
Хас да сыл буолла газопроводунан кэлэр АГ сыанатын государство регулировкалыыр, көрөр. Онон автотракторнай техниканы АГ көһөрөр эрэллээх соҕус буолуох этэ. Сүрүн ыарахана – гааска көһөрөргө оборудованиетын сыаната. РФ субсидия биэрэр, онон түргэнник техниканы газификациялыыр Программаҕа киириэххэ наада. Татария, Сахалин хайдах соруммуттарын биһиги промышленнаспыт министерствота билэ сылдьар ини. 2014 с. былааннаммыт дьыалаҕа. Тыа сирин, сыа быыһыгар былчархай курдук, көтүтүмүөххэ наада. Бэйэлэрэ кыайбат, кыаммат дьыалалара. Бензин, солярка сыаната үрдүүрэ тохтообот буолла. Оттук онон кризиһи уустугурдан иһэр. Улахан хампаанньалар корпоративнай барыстан Республика бюджетыгар эбэбит дииллэр. Холобур, “Сургутнефтегаз”, аҥаардас Россия иһигэр регионнарга нефть, гаас хайысхатыгар тэрилтэлэрдээх. Хонтуората – Москваҕа. Корпоративнай барыс – тэрилтэ уопсай барыһын тэрилтэлэрин ахсааннарыгар үллэрэн ортотунан ааҕыллыбытын биһиги бюджеппытыгар үллэрэллэр. Ол барыс НДПИ нолуогуттан кыра буолар. Оннооҕор, бэйэбит тэрилтэлэрбит киһи ыйыттаҕына, холобур мин хас да сыл үлэлээбит тэрилтэбиттэн хас дэриэбинэ газификацияланна диэн ыйыппыппар, официальнай сурук наада диэбиттэрэ. Ити 2013-2014 сылларга этэ. Онтон 1-2 сыл ааспытын кэннэ, хонтуораларын иннигэр “Сахатранснефтегаз” рекламнай щитигэр хас дэриэбинэҕэ гаас тиийбитим биллим. Оннооҕор испитигэр оннук буолар.
Правительство дьиэтигэр ити сылларга “Газпром Ноябрьск газодобыча” бэрэстэбиитэллэрэ баалларыгар ЯТЭК дириэктэрэ Юсупов биһиги республикабыт үлэһитин боппуруоһугар уордайбыт быһыынан куолаһын сонотон эппиэттээбитэ. Оччолорго Институт физико-технических проблем Севера Отдел проблем энергетики үлэлээбитим. Онно истибитим Юсупов куолаһа суонун.
“Газпром Ноябрьск газдобыча” бырайыакка киирэн (“Сила Сибири” бырайыак) Ленскэй улууһугар Чаяндинскай нефтегазоконденсатнай месторождениеҕа үлэтин саҕалаабыта. СВГКМ билиҥҥээҥҥэ диэри өйбүттэн тахсан биэрбэт. Соҕотох үлэлии турар, гааһынан Якутскай, Бүлүү туһаайыытынан базовай сиринэн (гаастаах) буолар. Хайдах государство месторождениета (СВ ГКМ) чааһынай тэрилтэҕэ атыыланна?
Аны сыана боппуруоһугар: Юрий Саакян (институт проблем естественных монополий генеральнай дириэктэрэ) этэринэн бөдөҥ бырайыактары олоххо киллэриигэ (Ямалга, Арктика муораларын шельфэтэ, Илин Сибииргэ, Уһук Илиҥҥэ, дойдубут иһигэр экспортнай уонна дойдубут иһинээҕи газопроводтар) тарифтан тутулуга суох буолуохтаах диэн быһаарар. Оччоҕо инфляция олус өрө барбат диэбит.
Россияҕа, биллэрин курдук, автотранспортнай техникаҕа туттуллар: бензин, дизтопливо (соляра), УПБ (убаҕас пропан-бутан), ЫАГ (компрессорынан ыгыллыбыт айылҕа гааһа), УАГ (убаҕас айылҕа гааһа – убаҕас метан). ЫАГ уонна УАГ – сүрүн састааба 90% үрдүк метан буолар. УПБ собуокка ыларга муҥутуур баттааһын 16 атм, – 40оС наада. УАГ ыларга – 143С, баттааһына – 2-12 атм.
Онон тэҥнээн көрүөҕүҥ:
1,27 литр пропан убаҕас – 1 л бензини солбуйар (тэҥнэһэр-эквивалентнай),
0,91 куб.м. метан – 1 л бензиҥҥэ,
0,93 куб м. метан – 1 л соляркаҕа,
1,25 л убаҕас кыһыҥҥы пропан-бутан (УПБ) – 1 л бензиҥҥэ,
1,216 л УАГ (убаҕас метан) – 1 л бензиҥҥэ.
Төһө ырааҕы айанныыра 100 кг оттук бааҕынан:
- Бензин – 1000 км,
- УАГ – 750 км,
- ЫАГ – 250 км,
- УВ (убаҕас водород) – 500 км,
- ЫВ (ыгыллыбыт водород) – 50 км,
- Массыыналара – легковойдар.
Билигин заправкаҕа сыана чааһыгар кэллэххэ:
- Бензин 92АИ – 56,94 солк/литр, 3 ый анараа өттүгэр 92 харчынан чэпчэки этэ.
- Ыгыллыбыт айылҕа гаһа (ЫАГ) “Сахаметан” заправкатыгар – 21 солк/м3
- УПБ – 24,50 солк/литр.
Государство билигин ЫАГ көһөр Программаны олоххо киллэрээри үлэлии сылдьар. Программаҕа киирбит уобаластарга субсидия көрүллүөхтээх.
Бэчээккэ нефть, айылҕа гааһа бүтэрэ чугаһаата дииллэр. Урут Кэбээйи, Бүлүү, Мирнэй, Ленскэй улуустарыгар гааска сыстан 40 сыл курдук үлэлээбитим. Онно гаас сир анныттан скважинаттан тахсарын кыраанын сабан кэбистэххинэ баттааһына (давлениета) 2-3 чааһынан чөлүгэр түһэр.
Киһи аймах өйө муҥура суох. Онон энергия атын да көрүҥүн булан иһиэхтэрэ. Билигин (уонтан тахса сыл буолла) низконапорнай (намыһах баттааһыннаах) газтаах сирдэр бытаан да буоллар эбиллэн иһэллэр. Ол боппуруостары учуонайдар, политиктар кэпсэтэллэрэ биллэн иһэр. Онон саҥа технологиялары толкуйдаан, урукку эргэ технологияларга эбэн, эбэтэр көҕүрэтэн низконапорнай газтаах сирдэри (ННГС) ситэри туһаныахтаахпыт. Кытайдар ууламмыт туһанан бүппүт месторождениеларыгар төннөн туһанан эрэллэр. Сычуань диэн сиргэ эргэ скважиналарын сөргүтэн биир скважинаттан 7 мөл. кубометр гааһы сууккаҕа хостууллар. Киһи сөҕүөн курдук.
Кэбээйигэ үлэлиир сылларбар сорох скважиналар сууккаҕа 500 тыһыынча кв. м. биэрэ сылдьыбыттара. Ону геолог учуонайдар үчүгэй диир этилэр. Эргэ месторождениелартан таба туһанан чугас эргин гааһы убатан. Переработкалаан толору туһаныа этибит. Бу улахан тиэмэ. Кыайан толору сырдатар кыаҕым суох. Урут довыработка (ситэри туһаныы диэн) хайысха баара. Сөп этэ. Умнубатарбыт буоллар. Ыскайдаммакка эрэ.
***
Петр МАКАРОВ,
Саха сирин нефтегазовай промышленнаһын ветерана.
Оставить комментарий