Саха талааннаах ыччатын үөҕэн бүтүөҕүҥ!
Кэм уларыйар да буолар эбит… Социальнай ситимнэргэ, интернет-сайтарга Арсен Томскай Якт.Ру порталы сабабын диэн биллэрбитигэр соһуйан эрэ хааллыбыт. Мин улаханнык Якт.Рунан уһуктубат, утуйбат да буолларбын эмиэ сонньуйдум эбээт.
Кэлиҥҥи кэмҥэ киһи санаатын аһаҕастык этэрэ эрэйгэ тэбиллэр да буолла. Кулан этэринии, ити эмиэ икки өрүттээх. Биир өттүнэн, монитор кэннигэр саһан олорон сымыйаны, буолары-буолбаты дойҕохтуур, дьону-дьоҥҥо тиксиһиннэртиир, тылга тииһиннэрэр уонна онон туһанар “анонимщиктар” син тыллара баалыннаҕа.
Иккис өттүнэн, санааны аһаҕастык этэн тыыны таһаарыы наадалаах. Ордук дьаҥ кэмигэр көҥүл-босхо сылдьыбыт дьон дьиэҕэ хаайтаран, тыына-быара ыгыллан социальнай ситимнэргэ, сайтарга санаатын сайҕаан, уйулҕатын аһара кэбирэппэккэ кэллэҕэ. Стресс тахсыахтаах.
Бары да күһэллэн интернеккэ, бассаапка ыллардахпыт. Үлэбит-үөрэхпит, олохпут ааспыт икки сыла тобус-толору интернеккэ баранна. Үөрэрбитин да, хомойорбутун да, киэн туттарбытын, кыбыстарбытын, кыһыйарбытын да – барыта соцситимнэринэн таһааран кэллибит. Киһи барахсан тыллаах буолан кэпсэтэринэн тыыннаах.
Арсен Томскай, ини-бии Ушницкайдар, атын да саха уолаттара-кыргыттара киһи омос өйдөөбөт аныгы технологиятын баһылаан аан дойдуга тахсыбыттара – омукпут-норуоппут киэн туттуута буолар. Быыкаай хоту омуктан хоннохтоох дьон аан дойду таһымыгар тахсара бэрт сэдэх, тарбахха баттанар ураты көстүү.
Аан дойду оҥоһуута, бэлиитикэтэ хаста-хаста уларыйыаҕа биллибэт. “Үрүҥ” диэбиппит сарсын “хара” буолан, “хара” диэбиппит “үрүҥ” буолан кылбайара киһи-аймах историятыгар үтүмэн элбэх холобура баар. Биир күнүнэн олорбокко талааннаах ыччаттарбытын харыстаан, сатаатар тылбай-өспөй буолбакка чуумпура түһүөх этибит. Соруйан кыыллыыр дьон баар: ким эрэ бэрт былдьаһан, ким эрэ ордугурдаан, ким эрэ анаан-минээн омугу ыһарга сананан. “Эһигинньиктэр туохтаах буолан тупсаары гынаҕыт”.
Норуот киэн туттар дьонноох буоллаҕына – кэскилэ киэҥ. Бу уолаттар хааһына харчытыттан эмсэхтэммэккэ, бэйэлэрэ ийэ өйдөрүнэн, айылҕаттан мындыр талааннарынан ааттарын ааттаппыт ыччаттар. Киэҥ ыырдаах, далааһыннаах толкуйдаах дьон, хаһан баҕарар өйдөрө-санаалара, төбөлөрүн олоруута орто баайыылаахтан букатын ураты буолар. Толкуйдуур категориялара быдан атын. Буолаары буолан IT салааҕа буһа-хата сылдьааччылар. Билигин хас тэрилтэ аайы кэриэтэ боростуой сисадминнар, программистар бааллар дии, бэйэҕит көрөҕут хайдах майгылаахтарын.
“Код на миллиард” диэн олус сэҥээриллибит сериалы көрдөххүтүнэ син кинилэр балаһыанньаларын өйдүөххүт дии саныыбын. Наһаа улахан уустук бизнес. Наар өйүнэн күрэстэһии ыгыыта-түүрүүтэ, юридическай, суут-сокуон өттүнэн ситэ хайыллыбытаҕа элбэҕэ… Туох да букатын саҥа, олох атын эйгэни айа сылдьар дьон. Тулуйар киһи тулуйар, бүгүн хотуоҥ, сарсын хотторуоҥ… ким да билбэт. Онон уолаттарбыт хайдахтаах курдук уустук эйгэҕэ сылдьалларын, хайдахтаах курдук күрэстэһиигэ киирсэ сылдьалларын биһиги билбэппит. Аны сатаатар бу бэлиитикэ уларыйыыта-тэлэрийииэтэ, ханна да бар ол ыгыыта… Кинилэр улахан стрессскэ сылдьаллар, хайдах эмэ гынан бу балаһыанньаттан мүлчү туттаран бизнестэрин тыыннаах таһаарар туһугар үүт-хайаҕас була сатыыллар. Баалаамаҥ. Тыһыынчанан дьону хамнастаан илдьэ сылдьаллар. Ону туора дьон тылыгар олорсон кинилэри, бэйэ дьоно үөҕэрбит, омуктарга, маргиналларга аллараа сыҥаах буоларбыт букатын сатаммат! Ким ыарыы ааҥнаабытыгар, баһаар турбутугар бастакынан көмөҕө кэлбитэй? Бэйэлэрин тус сиэптэриттэн (хааһынаттан буолбакка!) мөлүйүөнүнэн суумманы сиэртибэлээбитэй? Саха туһугар, норуоттарын туһугар?
…Ол кэриэтин ууну омурдан олох да саҥарымыаҕыҥ: хайҕаабакка да, ыыстаабакка даҕаны. Чуумпутук! Саатар ыччаттарбытын харыстыаҕыҥ. Бэлиитикэ – халбас харата, олох сүнньүн хаһан эмэ да буоллар син биир булуоҕа. Кэмсиммэтэрбит ханнык.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Оннук
Саамай соп. Сайда уунэ турдуннар. Сорох киэн туттар Томский курдук ойдоох уолаттар сахаларга бааллар диэн. Москва5а таксист киси индрайвер саха киситэ айбыта диэн бэккэ билэр этэ. Онно конечно насаа туттубаттар эбит, но билэллэр. Отой туох да диэтиннэр. На каждый поток не накинешь платок. Сайда турун, саха ыччата.
Талааннаах кини эрэ буолуо дуо? Или ким эрэ, туох эрэ сыаллаах көмөлөстө дуу?
Улэлээтиннэр бэйэлэрин эрэ тустарыгар кыьаллалар. Онно5ор манна урукку дьон биьиги куорат туппуппут суол оцорбуппут диэн киэбирии. Ол бэйэлэрин сиэптэриттэн харчы хостоон оцортор дуо. Г. И. Чиряев улэ уэрэх миэстэтэ таьааран Мирнэй Нерюнгри курдук куораттары туттаран тимир суолу ситиьэн дьону харчылаах улээлээх оцорбута.Киэбэрбэт оц туттубат этэ. Бу дьон оро баран бутэьигэр уе5улээх туьэриилэх Ким эрэ паспарын хайыта тыытан биир дьахтар плакатах тахсан дойду дьонун сирэй харах анньар. Бу тугуй. Саха сирэ баран а5ыс сылы быьа онно сэриилэьэ сытар дуо. Туох дьиикэй баламат быьыыный. Дьон манна дьадайан буттэ. Оссо улэтэ суох хаалыахтара.Билэ коро сылдьан дьоннорун таах уо5эн кээстилэр. Сорох уксэ ол хаамайы дьону билбэт да5аны.
Сайтын сабарыга бэйэтэ дьону дойдуну уе5эн баран саппыта. Ол баар босхо уерэнэн баран эппиэтэ.Туохха надала5ый бэйэтин туьугар эрэ улэлээбитэ.Сымыйа хаамайы дьон.
Оруннаах этии
Мин санаабар Арсен Томскай үлэһиттэрин, сахатын дьонун бу билиҥҥи кэмҥэ тугу эрэ сыыһа саҥаран дуу, суруйан дуу эппиэккэ тардыллыахтара, хаайыллыахтара диэн харыстаан сайт үлэтин тохтотто.
Олох сөпкө суруллубут. Арсен маладьыас, прогрессивнай санаалаах ыччат. Республикаҕа көмөлөспүтэ да элбэх, индрайверга кэскиллээх эдэр ыччаттар үлэлии сылдьаллар, таксистар да элбэхтэр
Оруннаах этии
Якт.ру наар сахалары үөҕэр, мамбеттар диир, сахалары үөхпүт дьону, кинилэр постарын соппокко туруорар этилэр, ол оннугар көмүскүүр дьону тута үөҕэн баанныыллар этэ, ордук Виктор Лебедевы эккирэтэ сылдьан үөхпүттэрэ, хаайтара сатаабыттара сөхтөрбүтэ, онтон уоруйах Никиитиннэри, кимэ биллибэт Стрижагы көмүскээбиттэрэ элбэҕи этэр.
Саамай сөп,эдэр тахсан иһэр ыччаппытын үөхпэккэ мөхпөккө ,сахалыы истиҥ санааны тутуһуох тустаахпыт.Хаһан эмит син биир сыһыан уларыйыа,оччоҕо ыччаттарбыт үтүө санаалара саха дьонугар сэргэтигэр көмөҕө кэлиэхтэрэ.
Сахам дьоно сэргэтэ,кытаатан ис санааҕытын суруйан кыттыһыҥ
IТ бизнес уксэ аан дойдуну барытын хабан улэлээтэгинэ эрэ барыстаах дьыала бьлх. Аны аан дойдуга россия тэрилтэлэрэ кэнники кэмнэ куемчулэнэллэрэ биллэр суол, онон тэрилтэлэрин атын дойдуга кеьереллере ейденер.
Лебедева тотуохтарыгар дылы уехпут тэрээбит, аны ити суси Рожина дьыала онордо, иьэ истээх, куттанан араас тахсыа диэн саптылар ини, укт.Ру, барытын кэпсиэ дии ити чечэ онон манна сылдьар эбит тууннэри ессе, о5олорун кэрбэкеэ, саат суут таьаарар. ессе вымогателыыр эбит дии.