Саха сирин судаарыстыбаннаһа 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт үрүҥ көмүс манньыат
Саха сирин судаарыстыбаннаһа 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан уонна Арассыыйа састаабыгар киирбиппит 390 сыллаах бэлиэ дьылынан ситимнээн Киин баан үрүҥ көмүс манньыат кутуо. Манньыат номинала 3 солкуобай, аата – «100-летие образования Якутской АССР», ахсаана – 3 000 диэн СИА биллэрэр.
Манньыат Сбербанк, Россельхозбанк, Алмазэргиэнбанк онтон да атын бааннарга атыыланыаҕа.
Киин баан үбүлүөйгэ анаммыт үрүҥ көмүс манньыаттары 1992 сылтан саҕалаан кутар. Ол курдук Татарстан, Карелия, Башкортостан, Удмуртия, Марий Эл уонна да атын өрөспүүбүлүкэлэргэ анаан эмиэ манньыат тахсыбыта.
***
Aartyk.Ru
Оставить комментарий