Курс валют
$
92.26
0.33
99.71
0.56
Курс валют
Курс валют
$
92.26
0.33
99.71
0.56
Меню
Поиск по сайту

Саха буолар да сүүйүүлээх эбит

15.03.2022 11:05 0
Саха буолар да сүүйүүлээх эбит

Кэм да “табыллар киһи табыллар” эрэ диирбитигэр тиийэбит.

Хас да сылы быһа саанан-саанан баран, дьэ, быйыл кэлэн дьиэ өрөмүөнэ саҕалаатым. Мунньан-мунньан баран кырата уон сылга өрөмүөн диэҥҥэ эргиллибэттии биирдэ үчүгэйдик оҥостуом диэн бүөм санаам хайаны суулларар кытаанаҕа.

Онтубут буолан-хаалан турбата үһү дуо! Эппэрээссийэбит диэн, сааҥсыйабыт диэн… сыанабыт көрөн турдахха аһытыылаах тиэстэ курдук үллэн-баллан, таһынан куота турар. Сантехника маҕаһыыныгар кыраан ылаары сирэ-тала, кыҥастаһа сатыы турдахпына. быыкаа ачыкылаах уол тыбыгыратан кэлэн ценникпын хастыы тардан ылан баран атын кумааҕыны лап гына сыһыарда. 3 тыһыынчабыт барбах 4,5 тыһыынча буолан хаалла… “Бээ, бу аата?” – диэн соһуйан  саҥа аллайбытынан уолум диэки хайыспытым киһим бэлиэр саала түгэҕэр кэтэҕэ  чолоҥолуу турда. Онон билигин кэһэкэнэ буолан маҕаһыыҥҥа киирдим да, чэпчэки диэбиппин тутан баран ыытар аат суох. Кэтэмэҕэйдэнэ турдахпына сыанабын эмиэ уларытыахтара диэн сар көлөһүн, эргим-ургум көрүнүү.

Өрөмүөннүүр матарыйаалбын хомунарбар хас сырыы аайы Сырдыгы санаабын. Били, көрбүөччүбүтүн. Былырыын “эмиэрикэлэр интэриниэти араараллар, кууллаах харчылаах сылдьан хоргуйуохпут” эҥин диэн билгэлээн, хата ханна эрэ сахам дуома оонньоон, итэҕэйэн, муостам матырыйаалын ылан кэбиспитим ээ, маладьыаһыҥ. Онтон атын билигин 50% ыарахаҥна ылыах эбиппин. Собус-соруйан бэйэм-бэйэбин хайҕанаары ол маҕаһыыммар тиийэн саҥа сыаналарын сурастаҕым үһү. Бээ, сүргэм көтөҕүлүннэ. Дьэ, онон саха буолар да сүүйүүлээх эбит. Былырыын миигин күлбүттэр билигин бэйэлэрин сирэйдэрэ уһаан сылдьар.

Биир уустук дьыала өрөмүөннүүр биригээдэни көрдүүр эбит. Үчүгэйдэр былдьаһыкка сылдьаллар буолуохтаах, онон тобоххо-ибэххэ тиксимээри хаар түһээтин кытары ыйыталаһан барбытым. Дьон хал буолуор диэри сурастым быһылаах: “Кэм да өрөмүөнүҥ бүтэ илик дуо?!” – диэн соһуйаллар. “Саҕалыы иликпин”, – диэтэхпинэ кэлэйбиттии сапсыйан кэбиһэллэр.

Ол тухары киһи барыта: “Омуктары ылаар”, – диэн сүбэлиир. Тоҕо?

-Оо, дьэ, бэйэни билиммэт киһиэхэ дылы. Сахалар хаһан сыарҕабыт сыҥааҕа сыһыллан-соһуллан хоҥнуор диэри ньиэрбэ-тирии баранар буоллаҕа. Аны куспут-үөдэммит элбэҕэ, оппут-маспыт, аймахтарбыт кыһалҕаларын быһаарарбыт, урууларбыт, үбүлүөйдэрбит, сөтүөбүт, луукпут үгүһэ… Хата дьаҥ буолан ыһыахпыт аҕыйаата дии билигин. Мин өрөмүөннэнэрбэр хаар ууллараатын кытары күһүн сэбирдэх хагдарыйыар диэри ыһыахтыыр кэмнэр этилэрэ. Били “халадаай ырбаахы күн уотугар кубарыйыар, бастыҥа быһа сиэр, сиэллээх дэйбиир түүтэ бараныар, кыл сэлээппэ сиитэ буолуор диэри” дииллэринии.   Ол аайы биригээдэм көҕө бөҕө – барытыгар эҕэ-дьаҕа буолан, кэлэри кытары кэлсэн, барары кытары барсан… устар сайыны быһа өрөмүөммүт тардыллыбыта. Сөҕүөх быатыгар, биригээдэм уолаттара тастыҥ бырааттарын пиэрибэй сэнтээбирин кытары “ылбыттара”. Тиһэҕэр сабыс-саҥа муостабын табаах уотунан дьөлө сиэтэн, муус маҥан ламинаппын пиибэ тоҕон үлүннэрэн  үүрүллүбүттэрэ.  Дьиҥэ, хаачыстыбалаахтык оҥорор этилэрэ. Хаһан этиһэн иллэһиэхпитигэр диэри өссө ый аҥаара ааспыта.

-Миэннэрэ эмиэ сахалар этэ да бэккэ оҥорбуттара. Ол эрэн наһаа бытаан этилэр. Ыксата сатаан…

Үксэ дьон сахалар аралдьыйаллара бэрт диэн сөбүлээбэттэр эбит. Омуктар түргэн-тарҕан эбиттэр даҕаны, хаачыстыбалара эмиэ үрдүнэн-аннынан дииллэр. Олох күн аайы хонтуруоллуохха уонна үчүгэй дуогабар оҥорсуохха наада дэһэллэр.

Сорохтор: “Билигин өрөмүөнүнэн дьарыктанар тэрилтэлэр элбэхтэр, олорго оҥортор, кэлин ирдэһэргэ да дөбөҥ буолуо. Ол бүгүн баар, сарсын суох омуктарыҥ биригээдэтин хантан булан ылаары”, – диэн сүбэлииллэр.

Инньэ гынан син биир биригээдэни буллум. Сатаатар, бу күннэргэ хараҕы хайа тардыахтан хара түүҥҥэ диэри тула барыта “патриотиZм” диэ да, диэ буолан, киһини “зм-зм” оҥорон, оттон төннөн кэлэн сахаларбын булаттаатым. Этиһэргэ да дөбөҥ буолуо диэн уонна  кыахтаах баҕайытык “бэйэ дьонугар харчы тэбэн биэрээри” луоһуннаах.

Дьэ, хайдах-туох буолар. Эрдэттэн хайыҥ охсунан, бу, эһиэхэ “Аартыктарга” интэриниэт-хаһыаттарга суруйабын. Баҕар, түмүгүн кэпсиэм диэн. Этэҥҥэ буолуҥ, сахалар.

***

Дьоллоох Дьокууzкай куорат олохтооҕо. 

 

 

 

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»