“Сарсыҥҥы күнү аастарбыт…”
Улуу Хоро хос сиэнэ Москуба суутун быһаарыытын хайдах ылыммытын билбит суох. Оттон Сөдүөт Тумууһап хурустаал бакаалыгар ханньаак хадаҕалыы куттан сүһүөҕүн үрдүгэр туран үс төгүл ураатаабыт буолуохтаах. Өр кэм ииппит айатыгар уордаах баабыр бэйэnинэн киирэн биэрэн кутуругун быһа үктэппитигэр үөрэн эппэйэн өрө тэйэ сырыттаҕа.
“Тутуу” ырыынагын баһылыга Уйбаан Дайыылап бүгүн Москубаттан үөрүүлээх сонуну тутан 17-с кыбаартал устун сүүрэн кулахачыйа сылдьар дииллэр. Тустуук Дайыылабы Гагаринскай уокурук түһүлгэтигэр Феликс Онтуонап диэн “СР” хандьытаата өттүктээн түһэрбитэ. Дайыылап өр бэриммэккэ мөхсөн-мөхсөн, РФ Үрдүкү Суутугар кытары сыыллан тиийэн өрүһүннэ. Онон суутунан дьон бөҕөтүн үлбүлүрүйбүт албакаат Онтуонабы билигин бэйэтин бүдүрүтэр санааланна. Дьэ, балаҕан ыйын 9 күнүгэр төһө бүллүтүөнү хандьытааттар үллэстэллэрин көрүөхпүт.
Айхаллааҕы биир мандааттаах быыбардыыр уокурукка биир мучумаан – Дьууруй Ньукулаайабы, Ил Түмэҥҥэ Бюджет кэмитиэтин бэрэстээтэлин эсердэр тобуктата сатаан мөхсүү кытаанаҕа. Бүгүн мүччү-хаччы өрүһүммүт дииллэр. Сарсыҥҥы күнү туораатаҕына Ньукулаайап дьокутаат буолуон сөп курдук, туораабатаҕына “маннык дьокутааттаах үһүбүт” диэн кэнэҕэскитин кэлин кэрэ кэпсээн буолар эрэ дьылҕалаах.
Быйылгы быыбарга юристар, албакааттар киирсиилэрэ тоҕо элбээтэ?
Хандьытааттар – сокуону билбэттэриттэн таҕыста. Сокуону оҥоруохтаах дьон – сокуону билбэттэр… Ону сэргэ, саамай сүрүн төрүөт – быыбардыыр хамыыһыйалар мөлтөх үлэлээхтэрин өссө төгүл дьэҥкэтик көрдөрдүлэр. Кинилэр мөлтөх буолан дьон докумуонун сыыһа-халты тутан суут үлэтин элбэттэхтэрэ.
***
Aartyk.Ru
Кино и немцы…детективнай тэттик кэпсээн таьаарыц барытын мунньан баран.Кэлин эдэрдэр аа5ан баран кулэллэрин курдук ба5ар уорэх пособията-инструк. да курдук буолуо.