Курс валют
$
92.51
0.79
98.91
0.65
Курс валют
Курс валют
$
92.51
0.79
98.91
0.65
Меню
Поиск по сайту

Саха сиригэр кыайан иэһи төлөөбөт дьон ахсаана 1,5 төгүл улааппыт

26.12.2020 15:27 0
Саха сиригэр кыайан иэһи төлөөбөт дьон ахсаана 1,5 төгүл улааппыт

Иэс-күүс эбиллэ турар.

Дьон, ордук ыччат, баантан  “потребительскай” кредит ылан баран кыайан төлөөбөт буолбута балтараа төгүл элбээбит. Пандемия кэмигэр үгүс киһи харчыга ыктарбыт, онон иэс-күүс төлөммөккө туох да баһаам мунньуллубут. Экспертэр маннык уустук балаһыанньа 2016 сыллаахха буола сылдьыбыта, ол эрээри быйыл ол “рекорд” сыл бүтүүтэ куоһарыллар сибикилээх диэн аахпыттар.

Баантан иэс ылыах иннинэ киһи төлөбүрүн кыайарын-кыайбатын хайаан да оттомуран олорон суоттаныахтаах. Сорохтор иэскэ киирэ-киирэ муодунай гаджеттары, айфоннары, таҥаһы-сабы атыылаһаллар. Оттон сорохтор иэс ылан баран үлэлэрин сүтэрэн, хамнастара быһыллан кыайан төлөөбөккө туох да улахан иэскэ баайыллан хаалаллар. Билигин урукку курдук буолбатах, сарсын булгу маннык буолуо, итинник буолу диэн ким да чопчу билэр кыаҕа суох. Күн аайы, чаас аайы олохпут уларыйа турар.  Аны бааннар кредиттэрин бырыһыана сүрдээх улахан. Ол иһин иэс ылыах иннинэ дьиҥнээхтик бу табаар эйиэхэ оннук айылаах наада дуо диэн ыйытыыта хоруйдаан баран иэскэ киириҥ диэн экспертэр сүбэлииллэр.

YKTIMES.RU суруйарынан,  Россия сорох регионнарыгар иэс мунньуллуута олох улахан алдьархайга тиэрдэр кутталламмыт. 20 субъекка иэс мунньуллуута  30% диэри улааппыт, оттон сэттэ региоҥҥа (ол иһигэр Саха сиригэр) балтараа онтон да элбэх төгүл улааппыт.

Потребительскай кредиккэ улахан исэтээх регионнар:

Республика Саха (+50%),

Псковская область (+50%),

Республика Ингушетия (+52%),

Чеченская Республика (+52%),

Забайкальский Край (+60%),

Крым (+60%).

Саамай элбэх иэстээх – Севастополь, мунньуллубут иэс – 124% тиийбит.

2020 сылга дойду олохтоохторун иэһэ өссө улаатыа диэн НАПКА уонна БКИ «Эквифакс» биллэрбит.

***

Aartyk.Ru

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»